Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 13 oC

Мин аҕам… Бэйэтин кэмигэр уһулуччулаахтык олорон ааспыт олоҕун туһунан ахтыыларын сырдатыам иннинэ, кыратык кэпсии түһүүм. Улахан ыал кыра уоллара да буоллар, атаахтык иитиллибэтэх киһи этэ. Кыра сааһыттан тыа оҕотун дьиэ иһинээҕи - таһынааҕы үлэтин убайдарын кытта тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан улааппыт, бэйэлэрин дьиэ үлэлэрин таһынан, баайдарга хамнаска бэдэрээттэһэн үлэлээбит эбит. Улаатан баран 17-лээх уол аан бастаан бастакы кылааска үөрэххэ киирэр. Үөрэнэр кэмигэр мээнэ олорбот, эдэр сэбиэскэй  былаас күүһүн-уоҕун ылыытыгар, наада буоллаҕына саа-саадах да тутан, саҥа олоҕу уһансар. Оскуолаҕа үөрэнэр 1927-32 сылларыгар, биэс сыл иһигэр сэбиэскэй былаас сиппит-хоппут байыаһа буола үүнэр, хомсомуолга уонна баартыйаҕа киирэр. Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа икки сыл үөрэнэригэр бэйэтин үчүгэй эрэ өттүттэн көрдөрөн, юрист куурсугар эбии үөрэттэрэллэр. Ол кэннэ, түҥкэтэх Түөнэкэй баара суоҕа 23 саастаах уолун 1933 сыллаахха ыраах Өймөкөөн улууһугар судьуйанан анаан ыыталлар.

Мин аҕам… Бэйэтин кэмигэр уһулуччулаахтык олорон ааспыт олоҕун туһунан ахтыыларын сырдатыам иннинэ, кыратык кэпсии түһүүм. Улахан ыал кыра уоллара да буоллар, атаахтык иитиллибэтэх киһи этэ. Кыра сааһыттан тыа оҕотун дьиэ иһинээҕи - таһынааҕы үлэтин убайдарын кытта тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан улааппыт, бэйэлэрин дьиэ үлэлэрин таһынан, баайдарга хамнаска бэдэрээттэһэн үлэлээбит эбит. Улаатан баран 17-лээх уол аан бастаан бастакы кылааска үөрэххэ киирэр. Үөрэнэр кэмигэр мээнэ олорбот, эдэр сэбиэскэй  былаас күүһүн-уоҕун ылыытыгар, наада буоллаҕына саа-саадах да тутан, саҥа олоҕу уһансар. Оскуолаҕа үөрэнэр 1927-32 сылларыгар, биэс сыл иһигэр сэбиэскэй былаас сиппит-хоппут байыаһа буола үүнэр, хомсомуолга уонна баартыйаҕа киирэр. Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа икки сыл үөрэнэригэр бэйэтин үчүгэй эрэ өттүттэн көрдөрөн, юрист куурсугар эбии үөрэттэрэллэр. Ол кэннэ, түҥкэтэх Түөнэкэй баара суоҕа 23 саастаах уолун 1933 сыллаахха ыраах Өймөкөөн улууһугар судьуйанан анаан ыыталлар.

Билигин эттэххэ дөбөҥ...Оччолорго хайдах айаннаан, тугу толкуйданан тиийэн, алта сылы быһа, Дьокуускайтан «тройка» тахсан сымыйанан балыырга түбэһиннэриэхтэригэр диэри судьуйалыы олорбута ээ. Өссө да олоруо этэ. Ааҕыҥ, сэргээҥ, уол оҕото хайдах киһи быһыытынан сирэйин сүтэрбэккэ бу орто дойдуга олорбутун туһунан.

 

В.Д. Бестинов,

 аҕам нууччалыы суруйбут

 рукопиһын тылбаастаатым соҕотох уола.

2024 сыл, бэс ыйын 24 күнэ

 

МИН ОЛОҔУМ

Мин олоҕум Саха Сирин дьонноро социализмы, коммунизмы тутар, кини чэчирии сайдарын туһугар охсуһууну кытта ыкса сибээстээх. 

Мин аҕам – Бястинов Дмитрий Семенович (Быытыгый уус), ийэм – Бястинова (Булдакова) Мария Ефимовна 93 саастарыгар диэри олорбуттара. 20 оҕону төрөтөннөр, онтон уонун киһи-хара гынан улаатыннарбыттара. Дьадаҥытык олорбуттара, аҕам үчүгэй уус уонна булчут этэ. Билигин уон оҕоттон убайым Сэмэнниин иккиэйэх хааллыбыт, иккиэн бааһырыы бөҕөлөөхпут, сэрии инбэлииттэрэбит.

Кыаммат - түгэммэт буоламмыт мин олох оҕо эрдэхпиттэн (7 сааспыттан) үлэлии барбытым уонна билиҥҥээҥҥэ диэри 50 сылбын эҥкилэ суох үлэлии сылдьабын. Билигин өйдүүрбүнэн сааскы Ньукуолун күн (22.05.1917 сыл) миигин ийэм: “Сыллыый Миитээ! Тур, аҕаҥ үлэлии бардын диэтэ»,-диэн уһугуннарбыта.

Мин илдьирийбит куобах суорҕаммыттан ойон турдум. Түргэнник тарбыйах ыстааммын, соммун кэттим. Көрбүтүм, мас наараҕа үрдүк уҥуохтаах кырдьаҕас аҕам бөкчөйөн олорон уһун тимир хамсатынан табаахтыыр, утары көмүлүөк оһох иннигэр орто убайым Борокуоппай мас чохооттон үүт иһэ олорор.

Аҕам мин диэки кытаанахтык көрөн баран: «Уолум Миитэрэй! Бүгүҥҥүттэн саҕалаан үлэлиэххин наада, эн улахан киһигин. Бүгүн Ньукуолун күн, убайыҥ Борокуоппай Ботуччу баайга бурдук ыһа, сир тиэрэ барар. Эн кинини кытта барсаҥҥын оҕуһу муннуттан сиэтиэҥ», - диэтэ. Мин «ээх» диэтим уонна таһырдьа ойдум. Аҕабыттан салларым оччо буоллаҕа дии.

Ити курдук, сэттэ сааспыттан баайдарга батараактаан, үлэм саҕаламмыта. Сааһын бурдук ыһыытыгар, сайын сынньанар бааһынаны паардыырга, кыһын хотонтон сүөһү сааҕын таһаарыыга. Кэлин арыый улаатан баран, суорунанан бурдук мэлийэр этим. Оҕолор лапталыы оонньууллара, оттон мин ымсыыра - ымсыыра бурдук тардарым. Үлэбин быраҕан оонньуу барыахпын аҕабыттан уонна үлэлэтэр баайдартан куттанар этим. Күһүөрү окко көмөлөһөр этим. Оннук оҕо сааһым ааспыта.

Үлэлээбитим бастакы сылыгар, 1917 сыл күһүн аҕам убайдарбын кытта ыраах соҕуруу дойдуга Күн Ыраахтааҕыбытын Ньукулайы устубуттарын, өрөбөлүүссүйэ оҥорбуттарын туһунан кэпсэтэллэрин истибитим. Былааһы оробуочайдарга уонна бааһынайдарга биэрбиттэр, аныгы сэбиэскэй олоҕунан,саҥа былааһынан олоруохтаах үһүбүт. Баайдары самнаран, мунньубут баайдарын үллэстэн, бары биир тэҥҥэ олорор үһүбүт. Ханнык эрэ Ленин диэн ааттаах улуу киһи саҥа былааһы салайар уонна бассабыык хомуньуус диэн ааттаах дьоннор кини былааһыгар киирбиттэр үһү. Итинник Улуу Өктөөбүрүскэй Өрөбөлүүссүйэ Саха Сиригэр кэлэн, саҥа олохпут саҕаламмыта.

Бу кэмҥэ Ботуччу баай уонна атын да баайдар мин дьоммор кэлэннэр төттөрү пропаганда үлэтин ыыппыттара. Баайдар барбыттарын кэннэ убайдарым, иккис кылааһы бүтэрбит Лэгэнтэй уонна бэйэтэ ааҕарга суруйарга үөрэммит улахан Хабырыыл баайдар сымыйанан кэпсииллэр, баайдарын былдьатымаары диэн өйдөтөн биэрбиттэрэ. Убайдарым иккиэн бастакы өрөпкүөм бэрэссэдээтэллэринэн буолбуттара, Хабырыыл биир сыл, Лэгэнтэй үс сыл (онтон салгыы өссө нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ).

 

Убайдарым

Мин төрдүс убайым Герасим Дмитриевич 1902 с. төрөөбүтэ уонна 1934 с. бу орто дойдуттан соһумардык бараахтаабыта. Кини Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрбитэ. Суруйааччы этэ. Баара - суоҕа алта сыл суруйбута. Ол гынан баран, саҥа былаас аныгы олоҕор сүҥкэн олугу охсубута. Сахалартан аан бастакынан «Бойобуой» диэн роман суруйбута. Оҕолорго да, улахан да дьоҥҥо элбэх кэпсээннэри, хоһооннору суруйан хаалларбыта.1960 с. мин тастыҥ бырааппынаан суруналыыс Алексей Иосифович Бястиновтыын кини улэлэрин мунньан, хомуурунньук кинигэни бэчээттэтэн таһааттарбыппыт.

Мин улахан убайдарбын кытта баайдарга бэдэрээттэһэн уонна бэйэбит кэтэх хаһаайыстыбабытыгар эмиэ эҥин - араас хара улэҕэ кыттыһан 1927 сыллаахха диэри уон сыл үлэлээбитим.

Иккис улахан убайым Лэгэнтэй нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн улэлии сылдьан «Сатабыл Савва», «Куһаҕан Кууһума» диэн хартыына-былакааттары аҕалан ыйаабыта. Итинник дьиэ иһин ыраастык тутууну, дьиэни хотонтон араарыы үлэтин саҕалаабыппыт.

1927 сыллаахха убайым Дьарааһын 7 кылааһы үөрэнэн бүтэрбитэ уонна Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар учууталынан анаммыта, итиэннэ хомсомуол ячейкатын сэкирэтээринэн талыллыбыта. Кириэс Халдьаайыга бастакы айымньыларын суруйан саҕалаабыта. Кыһыҥҥы каникулга дойдутугар сынньана кэлбитэ. Ол бириэмэҕэ орто убайым Бороккуоппай миэхэ ынах сааҕын күрдьэрбэр саҥа күрдьэх оҥорон биэрбитэ. Мин ол күрдьэххэ мас чоҕунан ааппын, араспаанньабын суруйбутум. Сарсыарда саҥа күрдьэхпин киртитэрбиттэн хомойо - хомойо үлэлээтэҕим дии. Хата, убайым Дьарааһын мин күрдьэхпэр бооччойбуппун өйдөөн көрбүт уонна олус диэн соһуйбут этэ:

– Миитээ, ити күрдьэххэ эн суруйдуҥ дуо, ханна, ким үөрэттэ?-диэтэ.  

- Ээ, ити мин суруйбутум, убайым Лэгэнтэй үөрэппитэ.

-Тыый маладьыас! Оччоҕуна мин Лэгэнтэйи уонна Марыынаны (оччолорго мин кинилэргэ олорор этим) кытта кэпсэтиэм  уонна баҕар мин үлэлиир сирбэр эйигин оскуолаҕа үөрэххэ илдьиэм, -диэбитин саарбахтыы иһиттим.

 -Оо, Марыына көҥүллээбэтэ буолуо, - диэтим.

Кырдьык, сарсыҥҥы күнүгэр Дьарааһын Лэгэнтэйдиин кэпсэтэн, иккиэн Марыынаны мөрөйдөөннөр сөбүлэҥин ыланнар, мин аҕыс көстөөх сиргэ үөрэнэ барар буоллум. Убайым Дьарааһын сотору үлэтигэр төннүбүтэ, оттон мин барарбын өссө да итэҕэйбэккэ хаалбытым. Бу туһунан Дьарааһын «Хайдах Миитэрэй оҕо үөрэммитэй» диэн кэпсээн суруйбута.

Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар кэлэн баран, мин бастаан наһаа кэмчиэрийэр, кыбыстар этим. Уон сылы быһа ханна да быкпакка эрэ түҥкэтэх кыракый дэриэбинэҕэ үлэлээбит киһи тугу билээхтиэмий. Бастакы кылааска мин 17 саастаах, саамай аҕалара, улаханнара этим. Үөрэхпин түргэнник өйдөөн, иккис кылааска көһөрбүттэрэ, онно да син биир саамай аҕалара этим. Үчүгэйдик үөрэнэммин 1, 2 кылааһы сыл аҥаарыгар бүтэрбитим.

 

Ыстыык үөһүгэр

Оскуолаҕа мин убайбынаан Дьарааһынныын  хомсомуол ячейкатын хоһугар бииргэ олорбуппут. Биирдэ,утуйа сыттахпына убайым күүскэ анньыалаан уһугуннарда. Арай кыраһыын лаампа уотугар көрбүтүм, чэкиистэр кэлбиттэр эбит: Алексеев (бартыһаан), Иванов (бартыһаан), Белолюбскай Степан (оччолорго милииссийэ начаалынньыга). Убайым  миигин Павлов Уйбааны ыҥыран аҕаларбар соруйбутугар (Павлов Уйбаан Күөрэгэй уола, ячейка сэкирэтээрэ) баран ыҥырдым уонна  түргэн үлүгэрдик таҥна охсоот иккиэн оскуолаҕа ойдубут. Дьарааһын миигин сынньан диэбитигэр түргэнник утуйбутум. Төһө өр утуйбутум буолла, убайым уһугуннараат: «Михаил Егоров олорор дьиэтин билэҕин дуо? Бу дьону онно сирдээн биэр», - диэтэ. Биһиги түргэн төкөтүүнэн  аттарбытын Егоровтар алаастарын диэки  салайдыбыт. Өр гымматыбыт, тиийэн кэллибит. Хамандыыр дьиэлээхтэри доппуруостаата, ол кэннэ биһиги оскуолаҕа төннөн кэллибит.

Бэс ыйыгар иккис кылааһы үчүгэй ахсыаҥкалаах үөрэнэн бутэрбитим. Аныгыскы 1927-28 үөрэх дьылын убайдарым миигин Уолба сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэттэрэ биэрбиттэрэ. Онно эмиэ үчүгэйдик үөрэммитим. Биирдэ кыһын миигин улуус исполкомугар ыҥыттардылар. Манна Боссоойко уонна Артемьев үрүҥ бандьыыттарын этэрээттэрэ айаннаан иһэр диэтилэр. Биһиги Кыһыл дружинаны тэрийдибит, «эн улахан уолгун уонна бу кыһын чэкиистэри кытта сылдьыспытын, онон эйиигин дружина састаабыгар ылабыт» диэтилэр. Мин оттон  «ээх» эрэ диирбэр тиийдэҕим дии. Эчи кутталын. Биһиги исполком тулатыгар балбаах мунньан баррикада оҥордубут. Уһуннук күүппүппүт, сотору-сотору төрөбүөгэ оҥороллор этэ. Биһиги биэс уонча уол, сааларбыт диэн булт харабыыннара уонна бэрдээҥкэлэр этэ. Үрүҥнэр 100 киһи биһигиттэн сүүрбэччэ биэрэстэлээх сиргэ Товаров оҕонньорго кэлэннэр биһигини туоһуласпыттар үһү. Ону оҕонньор: «50-нэр, үксүлэрэ эдэр оҕолор, ол гынан баран иллэрээ түүн Дьокуускайтан элбэх хороох бэргэһэлээхтэр кэллилэр», - диэбит. Оҕонньор арааһа биһигини, эдэр оҕолору аһыннаҕа.

Ону истэннэр үрүҥнэр Баайаҕаҕа төннүбүттэр. Оҕонньор үрүҥнэри тыллаары биһиэхэ аттаах киһини ыыппыта да, хамандыырдарбыт биһигини атынан үрүҥнэри эккирэтиннэрбиттэрэ. Биһиги кинилэри Баайаҕа анараа өттүгэр, Таатта улууһун кыраныыссатыгар сиппиппит. Алаас уҥуор-маҥаар, төттөрү-таары ытыалаһыы буолбута, онтон кинилэр куоппуттара. Биһиги  «Ураа» хаһыытаан, кыайбыт-хоппут, улууспут сириттэн үүрбүт дьон быһыытынан төннүбүппүт.

Сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа

Саас мин учугэй ахсыаҥкалаах 4 кылааска тахсыбытым. 1928-29 үөрэх дьылыгар эмиэ Уолбаҕа үөрэммитим. Убайым Дьарааһын өссө 1927 сыллаахха Дьокуускайга педтехникумҥа үөрэнэ барбыта. Миэхэ үөрэнэрбэр олус уустук этэ. Харчынан ким да көмөлөспөтөҕө. Дьиэбиттэн илдьэ кэлбит дьаарысса туораҕа сиэмэни бэйэм суорунаҕа тардаммын бурдук оҥосторум уонна кыра арыы дуомнаах этим. Тардыбыт бурдукпунан лэппиэскэ оҥосторум. Куруппааскыга туһах иитэрим. Түбэстэҕинэ миинниирим, суох буоллаҕына лэппиэскэбинэн хонорум. Таатта үрэх уҥуор дьадаҥы, ыарыһах икки эмээхсиҥҥэ дьукаахтаһан олорбутум. Уруокпун көмүлүөк оһох уотугар үөрэтэр, оҥорор этим. Оскуолам олорор дьиэбиттэн алта биэрэстэлээх сиргэ баара. Сааскы каникул кэнниттэн туох да аһылыгым суох буолан, үөрэхпин тохтоторго күһэллибитим. Хааламмын үлэлээн, аныгыскы үөрэх дьылыгар харчы мунньунарга санаммытым.

Биирдэ үөрэнэ олордохпутуна ааны тоҥсуйбуттарыгар, Неустроев учуутал арыйан кэпсэттэ уонна кэлэн миэхэ: «Эйигин баартыйа улуустааҕы ячейкатын сэкирэтээрэ Тиитэп ыҥыттарар»,- диэтэ. Мин Тиитэби урут көрө илигим, алдьархай киһи, наганнаах бартыһаан диэн истэр этим. Кини утары олоппоско олорор этэ, остуолга нагана сытара… Кинини кытта улуус исполкомун бэрэссэдээтэлэ Степан Андросов олороро. Тиитэп киниэхэ туһаайан: «Бачча улахан киһи хомсомуола суох эбит,  ячейка сэкирэтээрин манна ыҥыр», -диэтэ.  Түргэн үлүгэрдик биир эдэр уолу аҕаллылар, ол уолга бу киһини хомсомуолга суруй диэн бирикээстээтэ уонна миэхэ утары туран: «Сарсын сарсыарда сылаастык таҥнаҥҥын манна кэлээр. Хлебозаготовка хампаанньатын боломуочунайынан улуус дэриэбинэлэригэр айанныаххыт. Баайдартан сиэмэ бурдугу ньэҥньийэн былдьыы. Кулаак уола Неустроевка олох тугу да кэпсээмэ, наадаҕа барар буоллум диэн этээр»,- диэтэ. Мин оннук гынным.

Сарсыҥҥы сарсыардатыгар УИК-ка кэллим. Онно син элбэх киһи мустубут эбит. Тиитэп туран эрэ наганынан далбаатыы-далбаатыы баайдар кистээбит бурдуктарын хайдах ньэҥньийэн булар туһунан ыйыы-кэрдии биэрдэ. Мин хомсомуол Кривошапкинныын саамай ыраах  Хара Алдан нэһилиэгэр барар буоллубут. Онно өр сырыттыбыт, бастаан батараактары, дьахталлары, середняктары ыҥыран мунньахтаабыппыт. Элбэх бурдугу, сиэмэни булбуппут. Этэллэрин курдук, наһаа барытын талаан ылбатахпыт, сиир-аһыыр, сааскыга олордор сиэмэлэрин хаалларбыппыт. Уоннааҕытын тиэйэн аҕалан судаарыстыбаҕа туттарбыппыт. Биир киэһэ нэһилиэк бэрэссэдээтэлин кытта үһүө буолан биир сыарҕанан айаннаан истэхпитинэ ойууртан ытыалаабыттара да, хата кими да таппатахтара. Биһиги 1928 сыл кыһын төннөн кэлбиппит. Миигин кэтэҕинэн хомсомуолга ылбыт этилэр, билиэппин туттарбыттара.

1929 с. саас Дьокуускайтан сири түҥэтиигэ бырабыыталыстыба хамыыһыйата кэлбитэ: Кустуров, Ефремов, Аммосов.  Миигин уонна Торгуевы бэйэбит Соҕуй Аммабыт нэһилиэгэр анаан ыыппыттара. Онно үөрэхтээх киһи суох этэ. 20 миэтэрэлээх быанан бааһыналары уонна охсуллар ходуһалары мээрэйдээн ыалга киһи ахсаанынан үллэрэн түҥэппиппит. Баайдары Ботуччу Бүөтүрү уо.д.а. кулаак оҥорбуппут.

1929-30 үөрэх дьылыгар эмиэ Уолбаҕа үөрэммитим. 1930 сыл сааһыары миигин 2 Игидэй нэһилиэгэр (20 км)  артыалы тэрийэ хамандьырыапкаҕа ыыттылар. Билигин өйдүүрбүнэн 17 хаһаайыстыбаны холбоон «Кыһыл Абды» диэн артыалы тэрийбитим. Слепцов Прокопий диэн баайы кулаак оҥорбуппут. Эргиллэн кэлбиппэр миигин эмиэ УИК-ка ыҥырбыттара, эмиэ сорудахтаатылар:  «Түргэнник Кириэс Халдьаайыга айаннаа, Харитон Колодезниковы аҕала оҕус, таарыччы Иван Павловтан бинчиэстэрин ылаар” диэн садаанньа биэрдилэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Боссоойко бандьыыт этэрээтин булбуттар үһү. Мин «сөп» диэт ойдоҕум дии. Садаанньаны толордум. Биһиги эмиэ Кыһыл Дружина тэрийдибит. Биһигиттэн  миигин, Яков Белолюбскайы, Андросовы таланнар, ыҥыырдаах аттаах Мэҥэ Хаҥаласка ыыттылар. Суола үрэххэ 80-ча буолан мустаммыт, Боссоойколоох ордууланан сытар сирдэригэр үс күн ытыаластыбыт. Ол түмүгэр төгүрүччү эргийэн, сэриилээн, уоттаан баран дойдубутугар төннүбүппүт.

1930-31 үөрэх дьылыгар Чычымах 7 кылаастаах оскуолатыгар 6 кылааска үөрэнэ киирбитим. Миигин тутатына оройуон хомсомуолун ячейкатын сэкирэтээринэн талбыттара. Ханна баартыйа суох сиригэр хомсомуол  солбуйара. Ол дьыл улуустары оройуоннарга араартаан уларыппыттара. Таатта уонна Байаҕантай улуустара холбоһоннор Таатта оройуона буолбута. ЫБСЛКС ячейката Чычымах, Уус Амма, Таатта, Мэҥэ Алдан нэһилиэктэрин хабара. Ячейка бүрүөтэ оскуолаҕа биир хоско баара, мин онно олорбутум. Биирдэ Ытык Күөлтэн  хас да киһи хамандьырыапкаҕа кэлэн маҥнайгы колхуостары тэрийдилэр уонна аан бастакы бурдук ыһыытын саҕалаабыттара. Мин кэтэхтэн үөрэнэр этим. Оҕолору үөрэх садаанньатын миэхэ усталларыгар көрдөһөрүм. Оннук үөрэнэммин 6 кылааһы үчүгэй ахсыаҥканан бүтэрбитим. Онтон миигин Уус Амма нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талбыттара.

1931 с. күһүн бэйэм оннубар бэрэссэдээтэлинэн солбуйааччыбын Таллаев Егору хаалларан баран, Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар сэттис кылааска үөрэнэ киирбитим. Миигин эмиэ алта нэһилиэги хабар хомсомуол ячейкатын сэкирэтээринэн талбыттара. Бастакы колхуостары күүһүрдүүгэ элбэх үлэни ыытарбыт. Мин эмиэ кэтэхтэн үөрэнэргэ тиийбитим. Ленин баартыйатын кэккэтигэр киирбитим.

Дьокуускайга устудьуон

1932 с. сайыныгар борокуотунан аан бастакыбын Дьокуускайга айаннаатым. Дьокуускайга кэлэммин педтехникум бастакы куурсугар үөрэххэ киирдим. Миигин үөрэх  саҕаланаатын кытары баартыйа ячейкатын сэкирэтээрэ бэйэтигэр ыҥыран ылан ЫБСЛКС ячейкатын сэкирэтээринэн үлэлээ диэтэ. Онуоха мин: «Арыый уопуттаах үһүс куурус устудьунун сэкирэтээр оҥорбоккут дуо? -диэтим.  Онно кини: «Суох, эн бу улэҕэ эппиэттэһэҕин. Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар элбэхтик үлэлээбиккин, бартыһааннаабыккын, колхуостары тэрийсибит эбиккин», -диэн булгуччулаахтык быһаарда.

Сотору педтехникум хомсомуол ячейкатын сэкирэтээринэн талбыттара. Г.П. Башарин (дуоктар) үөрэх отделыгар, В.Н. Чемезов (урукку просвещение наркома) культпропагандиһынан, А.П. Данилова (урукку ССКП Обкуомун сэкирэтээрэ) кыргыттар маассабай отделларыгар үлэлээбиттэрэ. Биһиги үөрэхпитигэр үчүгэйдик үөрэммиппит, ордук Г.П. Башарин уһулуччу чорбойор этэ.

1933 үөрэх дьылыгар миигин педтехникум иккис кууруһуттан юридическай кууруска ылбыттара. Кууруһу бүтэрбиппэр, миигин 23 саастаах уолу  ыраах Өймөкөөн улууһугар норуодунай судьуйанан анаабыттара. Өймөкөөҥҥө 1933-39 сс. алта  сыл үлэлээбитим, Муома оройуонун хабан туран. Сотору-сотору боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл быһыытынан  колхуостарга хамандьырыапкаҕа сылдьарым. Ол сылдьан Парасковья Петровнаны ойох ылбытым, олорбуппут  хайыы - уйэ 35 сыл буола оҕуста. Үс оҕолоохпут, биэс сиэннээхпит.

Өймөкөөҥҥө бүтэһик сылбын улэлиирбэр, 1939 с. Дьокуускайтан НКВД «тройката» кэлэн миигин норуот өстөөҕө А. Е. Кралины (билигин Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт персональнай биэнсийэлээх, аатырбыт кыһыл бартыһаан) кытта сибээстээх эбиккин диэннэр баартыйаттан, үлэбиттэн уһуллулар, кэтэбилгэ ылан хаайдылар, оҥорботох буруйдарбар билиннэрэ сатаан дэлби кырбаатылар. Онтон түүн арыгылаан итирэн утуйбуттарын кэннэ, атах сыгынньах куотан тахсан, дьиэбэр кэлэн уларытта охсоот, хат ойохпун хааллараммын,  сатыы Дьокуускай куоракка көмүскэл көрдүү, кырдьыкпын дакаастыы күрээтим. Дьокуускайга кэлбитим, хата «тройкалары» төттөрү ыҥыртаабыттар. Обкуом сэкирэтээрэ Певзняк, Совнарком Шараборин, НКВД Дорофеев хаайыллыбыттар. Сайын миигин баартыйа эрээтигэр хаттаан, чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Өймөкөөҥҥө төттөрү ыыппатахтара.

 

Горнайтан сэриигэ

Горнайга ананан  барбытым уонна 1934-42 сс. оройуоннааҕы сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээбитим, элбэхтик боломуочунай быһыытынан колхуостары кэрийэр этим. 1940-41  сут дьылларга элбэх киһи хоргуйан өлбүтэ. Мин бэтэрээ тойоттортон көрдөһө сатаан баран, Москубаҕа табаарыс М. И. Калиниҥҥа көрдөһүү сурук ыыппытым: «Саха Сиригэр Горнай оройуонугар элбэх киһи хоргуйан өллө, бука баһаалыста атын аһыыр аспыт суоҕунан сибээстээн, бурдукка лимииппитин улаатыннарарга көмөлөһөргөр көрдөһөбун», - диэн. Миэхэ эмиэ «убайдарым» тигинээн кэллилэр, хаайаары хара сор. Обкуомтан Лебедев уонна КГБ бэрэстэбиитэлэ бэрэбиэркэлээтилэр аҕай. Хата мин урут суукка улэлии сылдьыбыт буоламмын, хоргуйан өлбүт киһини хас биирдиилэрин араспаанньаларын, ааттарын ааттаан туран, хоргуйан өллө диэн ыспыраапка оҥорбутум, барыта толору дакаастаммыта. Онон миигин босхолоон баран, т. Калиниҥҥа кырдьыктаах балаһыанньаны дакылааттаабыттара. Ол иһин кини Горнай оройуонугар ыйга эбии 50 туонна бурдугу лимиити таһынан көҥүллүүргэ сорудахтаабыта. Оройуоҥҥа миэхэ элбэх киһи махтаммыта.

Мин ССКП оройуоннааҕы кэмитиэтигэр үс төгүл боруоҥҥа ыытарга, сэриигэ барарга сайабылыанньа суруйбутум. 1942 с. броньмун уһулан, Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбытым.

Аармыйаҕа 1942-45 сс. сылдьыбытым. 1943 с. Бурят-Монгуолуйаҕа сулууспалаабытым, авиацияҕа мас соҕотуопкалааһыныгар үлэлээбиппит.  Маһы бэлэмнээн баран поеһынан арҕаа боруоҥҥа ыытар этибит. Үлэлииргэ олус ыарахан этэ. Кыһын синиэллээх, бачыыҥкалаах, курдаттыы үрэр күүстээх тыалга тоҥо-тоҥо түүннэри-күнүстэри үлэлиирбит, сайын хаһан кэлэрин күүтэрбит. Сайынын өссө куһаҕан буолан биэрбитэ. Сарсыарда 5 чаастан киэһээ 9 чааска диэри биир билээгэ уулаах, селедка аҥаарын кытары, 300 грамм килиэптээх эрэ хайаҕа тахсаммыт ойууру кэрдэрбит. Утатарбытыттан иҥиирбит тардара. Хонукпутугар хаһаарымабытыгар кэлэн, 300 киһи бары кип - кирдээх уулаах үрүйэчээн дуомугар умса түһэн сытаммыт, утахпыт ханыар, испит ынайыар диэри  туох да күүһэ араарбат үлүгэрдик уу иһэрбит. Онтон элбэх киһи сутуллан, дизентериянан ыалдьыбыппыт.

Миэхэ ефрейтор званиетын иҥэрбиттэрэ. Парторгунан уонна политагитаторынан үлэлээбитим. Хаста да полк политчааһыгар ыҥыраннар,орто полит. састаап үлэһитин дуоһунаһыгар үөрэххэ ыыта сатаабыттара. Мин М. Горькайдыы:  “Өстөөх сэриинэн түһэр түбэлтэтигэр, мин бастакы саллаатынан сулууспалыы барыам”,- диэн эппитин хатыылыырым. Мин эмиэ кини курдук рядовой саллаатынан сэриигэ барыахпын баҕарабын диирим. Миигин чааспар хаалларан, төттөрү ыыталлара.

1943 сыллаахха биһигини Ульяновскай куорат Инза ыстаансыйатыгар аҕалан сүөкээтилэр. Онно син уһуннук пулеметнай чааска сулууспалаабытым. Онтон 1943 сыл атырдьах ыйын саҥатыгар Жуков 10 дивизиятын, Рокоссовскай 10 дивизиятын уонна ханнык эрэ генерал (аатын умнан кэбиспиппин) Степной 10 дивизиятын састаабыгар киирсэммин, Харьков куораты босхолооһуҥҥа кыттыбытым. Дзотка олоробут, мин ефрейтор  киһи быһыытынан, «Максим» систиэмэлээх станковай пулемет маҥнайгы нүөмэрэ этим. Биирдэ биһиги буомбалааһыҥҥа түбэспиппит. Элбэх киһи өлбүтэ, мин иккитэ бааһырбытым уонна хас да доҕотторбун кытта буорунан көмүллүбүппүт. 18 чаас буолан баран биирдэ биһигини хостообуттара. Дьэ итинник мин Воронеж куорат госпиталыгар түбэспитим.

Эмтэнэн үтүөрэн тахсыбытым кэннэ, миигин  «годен к нестроевой службе» диэбиттэрэ да, дьиэбэр ыыппатахтара, байыаннай кэм буоларын быһыытынан, атын бааһырбыттары кытта Астрахань куоракка Киров аатынан байыаннай собуокка  үлэҕэ утаарыллыбытым. Онно мин бастаан токарынан, электригинэн, онтон собуот юриһынан үлэлээбитим. Кыайыы кэнниттэн 1945 с. сайын демобилизацияламмытым уонна Москубанан дойдулаабытым.

Сэрии кэнниттэн биэс сыл Аммаҕа борокуруорунан үлэлээбитим, 4 сыл ЯК Союз «Холбос» юриһынан үлэлээбитим. Салгыы 15 сыл Нам оройуонугар Райплан бэрэссэдээтэлинэн, оробочкуомунан уо.д.а дуоһунастарга үлэлээбитим.

Билигин сэрии инбэлиитэбин, сааспынан биэнсийэҕэ тахсыбытым, Нам оройуонунааҕы потребобществоҕа инвентаризация бэрэссэдээтэлинэн үлэлиибин.

25 сыл пропагандиһынан, 25 сыл колхуостарга тыа хаһаайыстыбатын үлэлэрин ыытыыга боломуочунайынан үлэлээбитим.

 

 Бестинов Дмитрий Дмитриевич 

1970 сыл, Нам с.

Хаартыскалар В.Д. Бестинов архыыбыттан ылылыннылар

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением