Сонуну киэҥник тарҕатар эйгэ үлэһиттэрэ тэтимнээх олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыылларыгар анаан СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ Москубатааҕы «Глобальнай биисинэс оскуолата» медиа-акселераторы тэрийдилэр. Үөрэхтээһин иһитиннэрэр-көрдөрөр сириэстибэлэр таһымнарын үрдэтиигэ, көдьүүстээх буолууларын ситиһэргэ туһуланна.
Акселератор киэбинэн үөрэхтээһин туһалааҕын «Глобальнай биисинэс оскуолатын» баай уопута туоһулуур. Ол курдук, маннык халыыбынан ИТ-хампаанньалары уһуйаннар, билигин информационнай ырыынакка инники күөҥҥэ сылдьаллара биллэр.
САҤА БЫРАЙЫАКТАР
Ааспыт нэдиэлэҕэ медиа-акселератор түмүгүнэн биэс хамаанда бырайыактарын көмүскээтилэр. Холобур, «Саха» НКИХ оҥорон таһаарар бородууксуйаларын түмэр мобильнай сыһыарыыны үлэлэттилэр, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата оскуола оҕолоругар билиилэрин хаҥаталларыгар анал оонньуулары толкуйдаатылар, «Сахабэчээт» саайта өрөспүүбүлүкэ улуустарын олохтоохторугар араас табаардарын эргинэллэригэр көмө оҥоруоҕа, «Сахамедиа» хампаанньа оҥорбут «Заметки» мобильнай сыһыарыы көмөтүнэн көхтөөх блогердар уонна ааптардар араас тиэмэҕэ санааларын атастаһар кыахтаннылар. Оттон «Ил Түмэн» издательскай дьиэ «Саха Сирин тэбиитэ/Пульс Якутии» платформаҕа нэһилиэнньэни, суруналыыстары уонна дьокутааттары ситимнээн, кинилэри долгутар боппуруостары быһаарсарга, идиэйэлэри үллэстэргэ көмө буолар.
Сүрүн эспиэринэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кытынна. Хамаандалар инникигэ үлэлиир сыалларын туруоруннулар, саҥа саҕахтары арыйарга бэлэмнэрин эттилэр. Ил Дархан эҕэрдэ этиитигэр үөрэх саҕаланыаҕыттан хас биирдии хамаанда интэриэһинэй билиһэннэрии оҥорбуттарыгар, сүҥкэн үлэни ыыппыттарыгар махтанна. Билиилэрин үллэстибит, хамаандалары үрдүк таһымҥа таһаарбыт ментордарга өссө салгыы үлэлэһэллэригэр баҕарда.
– Судаарыстыбаннай иһитиннэрэр- көрдөрөр сириэстибэлэр үлэһиттэрэ кылгас кэм иһигэр сыыппара эйгэтин баһылаабыттарыгар махтанабын. Билиҥҥи уопсастыба аан дойду үрдүнэн уларыйа турар кэмигэр олорор. Урут укулаат быһыытынан киирбит бырагыраамалар билигин тэтимнээхтик уларыйаллар. Инники олохпут эһигиттэн, информацияны кырдьыктаахтык тиэрдэр суруналыыстартан, тутулуктаах. Билигин, бары билэргит курдук, «информационнай сэрии» буола турар кэмигэр эһиги инники күөҥҥэ сылдьыахтааххыт, - диэтэ Айсен Николаев.
СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологиятын миниистирэ Анатолий Семенов акселератор саҕаланыаҕыттан судаарыстыбаннай тэрилтэлэр таһымнара үрдээбитин бэлиэтээтэ. Аныгы кэмҥэ информация күнүнэн буолбакка, хас биирдии сөкүүндэ ахсын уларыйа турар кэмигэр ирдэбил улаатар. Онон бастакы миэстэҕэ суруналыыстыкаҕа куодтары уонна быһаччы алгоритымнары кытары үлэлээһин эрэйиллэр. Ону кытта сонун интэриэһинэй уонна ааҕыллымтыа буолара ирдэнэр.
2022-2023 сс. биэс судаарыстыбаннай тэрилтэ үлэһиттэрэ саҥа билиилэри баһылаатылар. Манна барыта 59 эспиэр кыттыыны ылла, 388 үөрэх чааһа ыытылынна. Түмүгэр коммуникация эйгэтигэр суруналыыстар биэс саҥа бырайыактары үлэлэттилэр. Бу ситиһиилэри судаарыстыбаннай эрэдээксийэлэр үрдүк көрдөрүүлээхтэрин, 10 бастыҥ (ТОП-10) ахсааныгар киирэллэрин liveinternet. ru бэлиэтиир.
САҤА ПЛАТФОРМА
«Ил Түмэн» издательскай дьиэ хамаандата үөрэх түмүгүнэн саҥа сервис үлэлэттэ. Аныгы цифровизация үйэтигэр нэһилиэнньэҕэ көмө буолар «Пульс Якутии/Саха Сирин тэбиитэ» сервис баар буолла.
«Саха Сирин тэбиитэ» сүрүн сыалынан нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга, олох-дьаһах, социальнай хайысхалаах проблемалары быһаарыыга, саҥа идиэйэлэри хомуйууга, тарҕатыыга, санаа атастаһыыга, уопут үллэстиигэ, көмө уонна өйөбүл көрдүүргэ туһуланар.
Хас биирдии көхтөөх, бэйэтин төрөөбүт улууһун, нэһилиэгин туһугар долгуйар, олоҕун тупсарыан баҕалаах киһи Сахапарламент саайтын нөҥүө «Саха Сирин тэбиитэ» платформаҕа киирэн, бэйэтин баҕа санаатын, проблематын, идиэйэтин, күннээҕи кыһалҕатын, атын да ыйытыктары суруйан ыытыан сөп. Билигин араас стартапка, биисинискэ, урбаанньыттарга маннык хабааннаах сервистэр оҥоһуллубуттар эбит буоллахтарына, «Саха Сирин тэбиитэ» хас биирдии өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо ыыппыт ыйытыгар көмө оҥорорго, оттон норуоттан талыллыбыт дьокутааттар сүбэ-ама буолалларыгар, суруналыыстар ситимнээн киэҥ эйгэҕэ тарҕаталларыгар ананар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан киирбит этиилэр бу платформаҕа түмүллэн, тустаах биэдэмистибэлэргэ, дьокутааттарга тиэрдиллиэхтэрэ уонна түһүмэхтэринэн олоххо киллэриллиэхтэрэ, эбэтэр салалта көмөтүнэн инникитин кытаанах соруктаах быһаарыылар ылыллыахтара. Биллэн турар, ол эмиэ туох-ханнык ыйытык, этии эбэтэр баҕа санаа суруллубутуттан тутулуктаах.
«МУУС АППА» - ХОНТУРУОЛГА
Саҥа платформа Дьокуускайдааҕы «Туймаада» ыһыаҕа ыытыллар бастакы күннэриттэн үлэлээтэ. Ол кылгас кэм устата барыта 12 этии киирбититтэн, 10-на официальнайдык учуоттанна. Бастакы этиинэн Үөһээ Бүлүү улууһун «Өргүөт нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии территориятыгар баар дьикти айылҕалаах «Муус Аппа» туһунан сурулунна. Өргүөт олохтооҕо бу ытык сиргэ ыалдьыттаан ааһар дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаайан бөх-сыыс хаалларбаттарыгар, тутатына хомуйа сылдьалларыгар баҕа санаатын биллэрдэ. Ону кытта нэһилиэк дьаһалтатыгар кирилиэс, туалет оҥороллоругар этии киллэрдэ. Манна нэһилиэк баһылыга Андрей Николаев дьаһал ылынан, сарсыҥҥы күнүгэр туалет оҥоттордо, нэһилиэк олохтоохторун, үлэһиттэрин түмэн суббуотунньук тэрийдэ. Өргүөт нэһилиэгиттэн улуус дьокутаата Василий Ченохов улуус 2024 с. бүддьүөтүгэр үп-харчы туруорсары эрэннэрдэ. СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытыгар миниистирэ Тимур Ханды уонна СӨ Туризмы сайыннарыыга ааҕыныстыба салайааччыта Дмитрий Громов хонтуруолга ыллылар. Онон «Саха Сирин тэбиитэ» дьоҥҥо туһалааҕа уонна көдьүүстээҕэ билиннэ. Итинэн биһиги тохтообоппут, киирбит сыгынаалынан хамаанда Саха Сирин туризмын маршруттарын реестрин испииһэгэр киллэттэрэргэ, нэһилиэк олохтоохторун уонна салалтатын кытта ыкса сибээс олохтуурга көмөлөһөргө быһаарынна.
Мантан салгыы эһиги «куоласкытын» салалтабыт өссө күүскэ болҕомтоҕо ылыаҕа уонна учуоттуоҕа. Оттон уопуттаах суруналыыстар сүбэ-ама хомуйан, киэҥ куйаарга сырдатыахтара. Сахабыт Сирин биир бастыҥ улуустарыгар киирэр кыһыҥҥы ыйдарга тоҥмот, оттон сайынын үрэхтэр муустара ирбэт сирэ үөһээ бүлүүлэр киэн туттар туристическай миэстэтинэн буолуоҕа диэн эрэнэбит. Төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа, сиргэ-уокка тапталы, бэйэтин норуотун үгэстэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыыны, патриоттуу буолууга, гражданство иэйиитин үрдэтиигэ көмөлөһүөҕэ. Кэрэ айылҕалаах Сахабыт Сирин харыстыаҕыҥ!
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0