Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

Бөтүрүөп куйааһа сатыылаан, этиҥнээх ардахтар бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн түһэллэр. Бөлүүн балаһа тыаллаах, этиҥнээх ардах Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгэр улахан хоромньуну таһаарда. Ол курдук боруобат кылгас тиксиһиитигэр барыта холбоон 11 сүөһү оҕустаран өллө. Манна биир ыал 3 төбөтө, биир ыал 2 төбөтө уонна биирдиилээн ыалтан сүөһүлэр эмсэҕэлээтилэр.

Билиҥҥи туругунан аакта оҥоһулла сылдьар, ПАО “Якутскэнерго” Ньурбатааҕы РЭС-кэ компенсация төлөтөргө сайабылыанньа сурулунна. Бу күүтүллүбэтэх түгэҥҥэ, биллэн турар, туора туран хаалыа суоҕа, өйөбүл, көмө оҥоһуллуо диэн улуус дьаһалтата иһитиннэрдэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Бэлиитикэ

Үстэн биири таллылар

Ил Түмэн уочараттаах алтыс пленарнай мунньаҕар муус устар 23 күнүгэр бэбиэскэ бастакы…
24.04.24 15:45
Өлүөнэни туорааһын

Туорааһын төлөбүрэ 2000 солк

СИА иһитиннэрэринэн, муус устар 24 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан 204…
24.04.24 14:52