Тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кэргэнинээн Людмила Валерьевналыын анаан-минээн тиийэн кыттыбыттара. Ураһа иһэ олус сиэдэрэй ойуулааҕынан-мандардааҕынан дьону-сэргэни сөхтөрбүтэ. Итини ситиһэргэ өрөспүүбүлүкэ уран тарбахтаахтары бары кэриэтэ кыттыбыттара.
Оттон билигин Баайаҕаҕа оҕо саадын тутуу күүскэ бара турар, этэргэ дылы, үлэ күөстүү оргуйар. «Туймаадастрой» ХЭУо эбийиэги былырыын сайыҥҥыттан тутан саҕалаабыта уонна сүрүн өттүн үмүрүтэн, сэтинньи иннинэ хочуолунайга холбоон, сылааһы биэрбиттэрэ. Салгыы ис өттүн оҥоруу барбыта. «Туймаадастрой» ХЭУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Владислав Стрекаловскай «Эбийиэк уопсай иэнэ 1000 кв.м. Ис үлэтин үмүрүтэн эрэбит. Тутуу тас өттө сахалыы дизайннаах. Оҕо саада толору хааччыллыылаах буоларын таһынан олоппоһугар, оронугар тиийэ барытын таҥан туруорабыт. Былаан быһыытынан саҥа дьиэни быйыл кулун тутарга үлэҕэ киллэриэхтээхпит» - диэн билиһиннэрдэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0