Бу арыыга урут нэһилиэнньэлээх икки пуун баара – арыы хоту өттүгэр Харыйалаах уонна соҕурууҥҥу баһыгар Тиит Арыы, ол эбэтэр билиҥҥи Чкалов.
XVII үйэ бүтүүтүттэн саҕалаан, Иркутскай-Дьокуускай почтовай тракт тэнийэр. Билиҥҥи Тиит Арыы дьаамнар (ямщиктар) ыстаансыйалара буолар. Онон ити аат кинилэргэ иҥэриллэн хаалар. Оттон арыыга 1941 сыллаахха Чкалов аатынан холкуос тэриллэн, Тиит Арыы диэн аата умнуллан, Чкалов сэлиэнньэтигэр кубулуйар. Нэһилиэгэ III Малдьаҕар диэн.
Чкалов -- көстөн ордук усталаах, үс биэрэстэ кэриҥэ туоралаах, Өлүөнэ эбэ тулалаах арыы. Тиит Арыы нэһилиэгэр киирсэр буолан, биир салайар баһылыктаахтар – Григорий Дмитриевич Лукин.
Дьиҥнээх патриоттар
Өрүс эстиитигэр, муус туруутугар манна суол суох. Сайынын барарга-кэлэргэ олус эрэйдээх: кытылга диэри туох эмэ тырааныспарынан тиийиэххин, онтон мотуорканан нөҥүө Тиит Арыыга туоруоххун, ол кэнниттэн аны Покровскайдыыр массыынаны булуоххун наада. Аны туран, арыы буолан, үрдүк күүрүүлээх уот ситимэ манна сатаан кэлбэт. Онон ДЭС элэктэриичистибэтинэн олоробут. Хата, 2018 сыллаахха аныгылыы саҥа ыстаансыйа үлэҕэ киирэн абыраата.
Дьэ, айан-сырыы, уот-күөс өттүнэн итинник уустуктардаах усулуобуйалаах дойдуга бэриниилээхтик олорор дьону мин дьиҥнээх патриоттар диибин. Төрөөбүт арыыларын таптыыллара бэрт буолан, көһөн барбакка, ыччаттарын олохсутан, бу кэрэ айылҕалаах сири сайыннараллар.
Күөххэ сууламмыт, сибэккинэн симэммит
Нэһилиэнньэ ахсаана -- 300-чэкэ киһи. Итинтэн 61 оҕо. Ыал үксэ сүөһү иитэр. Үүттэрин тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар кэпэрэтиипкэ туттараллар. Бу СХПК-лаах буоламмыт, эбии дохуот аахсабыт. Өссө хортуоппуй үүннэрэн, ону атыылаан харчылаһабыт. Уопсайынан, арыыбыт буора олус өҥ буолан, от-мас хамсыы-хамсыы улаатар. Ол иһин дьон-сэргэ тиэргэннигэр үүнээйи арааһын олордоллор. Сайынын ханнык да курортааҕар Чкалов ордук: тула күп-күөх, араас дьэрэкээн сибэккинэн симэнэр.
Манна ким да муммат. Тоҕо диэтэххэ, ханна да тиий -- уу. Нөҥүө биэрэгин көстөн турар: арҕаа кытылтан Тиит Арыы дьиэлэрин көрөҕүн, илин өттүттэн Өлүөнэ аатырбыт очуос таастара түмүктэнэр хайаларын.
Аччыгый арыыбытын аатырдыбыттар
Арыыбыт төһө да аччыгый буоллар, историята дириҥ уонна баай. Ол курдук, мантан үүнэн-сайдан тахсыбыттара:
Саха саргытын салайсыбыт бырааттыы Ксенофонтовтар: юрист, учуонай, чинчийээччи, историк, этнограф, «Эллэйада», «Урааҥхай сахалар», “Шаманизм” диэн үлэлэри суруйбут Гавриил Васильевич, юрист, политик, конфедералист Павел Васильевич, репрессиялыммыт Илья, Аркадий, Иван.
Сахалартан бастакы байыаннай инструктор-истребитель-испытатель лүөччүк, авиация полковнига, өрөспүүбүлүкэ байыаннай хамыһаара, САССР Үрдүкү Сэбиэтин VII-IX ыҥырыыларын дьокутаата, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, 43 бойобуой көтүүлээх, 5 уордьаннаах, 18 мэтээллээх Иван Афанасьевич Федоров.
Сахалартан бастакы идэтийбит дипломат, РФ тас дойдуларга министиэристэбэтин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина Иван Васильевич Рожин.
САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, “Бочуот Знага” уордьан кавалера Михаил Дмитриевич Федоров-Ырыа Миисэ.
ССРС Үрдүкү Сэбиэтин III ыҥырыытын дьокутаата Семен Константинович Кононов.
Суруйааччы, драматург САССР үтүөлээх учуутала, САССР култууратын үтүөлээх деятелэ Степан Павлович Ефремов.
Маны таһынан киэн туттабыт бырааттыы генерал Анастасовтарынан, аатырбыт сүүрүүк Нэччэкэнэн, тимир ууһа Чохоонунан.
Олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Р.С. Степанова уонна бэтэрээн учуутал Г.И. Белых кыраайы үөрэтэллэр, ааспыт кэм докумуоннарын, архыыбы хасыһан, нэһилиэк историятын чинчийэн, “Таҥара сатыылаабыт дойдута”, И.А. Федоровка аналлаах, о.д.а. кинигэлэри бэлэмнээн та´аардылар, “ревизские сказки” суруйаллар.
Туризм сайдыан сөп
Мин саныахпар, Чкаловка туризм сайдыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, айылҕата олус кэрэ. Манна Өлүөнэ очуос хайалара түмүктэнэллэр, 20-чэ килэмиэтирдээх сиргэ турбазалара баар. Ксенофонтовтар Бүлтэгир диэн өтөхтөрүгэр сырытыннаран, кинилэргэ анаммыт сквери, итиэннэ мусуойу көрдөрүөххэ сөп. Лүөччүк И.А. Федоровпытыгар эмиэ мэҥэ бэлиэни туруорбуппут. Тоҕус кылаастаах оскуолабыт (дир. Е.Л. Архипов) кини аатын сүгэр. Үөрэнээччитин ахсаана төһө да аҕыйаҕын иһин, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаларга миэстэлэһэбит. “Мичил” дьыссаат (М.И. Матвеева) эмиэ олус сэргэхтик олорор. Култуурунай-спортивнай комплекс (дир. М.П. Трифонова) бастыҥ үлэлээх буолан, 2013 с. Ил Дархан үс мөлүйүөннээх Гранын ылбыта.
Онон Чкаловпыт ааспыт историятын тирэх оҥостон, кэлэр кэскилгэ талаһан, сайдабыт-үүнэбит, дойдубутун ааттатарга кыһаллабыт. Чахчыта да, арыыбыт “таҥара сатыылаабыт сирэ.” Ол аата, уйгу-быйаҥ, кэрэ айылҕалаах, өлгөм үүнүүлээх дойду.
Далан Павлов, VIII кылаас,
III Малдьаҕар, Хаҥалас.
Спартак Вырдылин хаартыскаларын туһанныбыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0