«Баайаҕалар түмсэ түстүлэр да тугу баҕарар кыайа тутар кыахтаахтар», - диэн үгүс киһи ымсыыра этэрин элбэхтэ истэбин. «Уос номоҕор киирбит түмсүү төрүөтэ туохханый?» диэн ыйытар эбит буоллахха, баайаҕалар биир санаанан салайтаран олохторун-дьаһахтарын тирэхтээхтик тэринэр уратыларыгар сытар.
Нэһилиэк сайдыыта кини бас-көс киһититтэн тутулуктаах буолар. Баайаҕаны бигэ тирэхтээбит баһылык Романов Роман Романович муударайдык толкуйдаан, төрөөбүт нэһилиэктэрин аатын үрдүктүк тутар, дойдуларын сайдарын туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллар, сыралаахтык үлэлэһэр биир дойдулаахтарын бэйэтин тула сомоҕолоон баайаҕалар түмсүүлэрин сүрүннээбитэ. Ол курдук, 2005 сылтан Дьокуускайга, Ытык-Күөлгэ олорор баайаҕалар түмсүү тэринэннэр, төрүт дойдуларын сайдыытыгар күүс-көмө буолаллар.
Роман Романович идиэйэтинэн, үгэс буолбут Баайаҕаттан төрүттээхтэр табаарыстыы көрсүһүүлэрэ сылга биирдэ ыытыллар. Бу тэрээһин баайаҕалар олимпиадаларыгар тэҥнээх диэтэхпинэ сыыспаппын, ол курдук, кэтэһиилээх, күүстээх бэлэмнэниилээх успуорт бырааһынньыгынан буолар. Тэрээһин дьону бииргэ түмэрин таһынан атын сиргэ олорор ыччаттары төрүт дойдуга чугаһатар, «бу мин дойдум, бу мин дьонум» диэн санааны үөскэтэр ураты суолталаах.
Табаарыстыы көрсүһүү чэрчитинэн биир дойдулаахтар түмсүүлэрин көхтөөх кыттааччылара мустаннар инники үлэлэрин торумнууллар, сыал-сорук туруоруналлар, ситиһиилэрин ырытыһаллар. 2006 с. ыытыллыбыт көрсүһүүгэ аан маҥнайгытын улахан мунньах буолбута. Ол мунньах туһунан Ытык-Күөлгэ олорор баайаҕалар түмсүүлэрин салайааччыта, киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Светлана Семеновна Игнатьева маннык кэпсиир: «Биһиги 11 сыл аннараа өттүгэр дойдубутугар улахан мунньаҕы тэрийбиппит. Онно Саҥа Дьыл өрөбүллэрэ буолан, элбэх киһи мустубуппут уонна 8-9 чаас устата ирэ-хоро сэһэргэспиппит. Оччолорго бүгүн олоххо киирбит тутууларбытын, бу ураһаны, түмэли, балаҕаны, култуура уонна успуорт комплексын оҥостуохха баар этэ диэн санаа киирбитэ. Ол санаабыт сыалын-соругун ситэн, күн бүгүн тутууларбыт бары үлэлии тураллар. Итинник уоннуу сылы хабан эрдэттэн былааннаан үлэлиир, биллэн туран, ситимнээх үлэ түмүгэр тахсар».
-- Баайаҕабыт сайдарын туһугар тугу гынабыт диэн бары тыл этэн былааннары ылбыппыт, - диэн Дьокуускай баайаҕаларын түмсүүтүн бастакы салайааччыта, СӨ Быыһыыр сулууспатын салайааччыта Иннокентий Михайлович Андросов ахтар, - Ол үксэ билигин олоххо киирэн турар. Холобура, Мандар Ууспут тула түмсэн, кинини өрө тутан, үөрэҕин тарҕатан сайдыыбытыгар тирэх оҥостуохха диэн этии киирбитэ. Бу быйыл саас Таатта Ытык-Күөлүгэр бырабыыталыстыба отчуотугар биир дойдулаахпыт Изабелла Александровна Сивцева маннык диэн этэн турар: «Бары ити тиийбэт, маннык кыһалҕа баар диэн айманабыт, онуоха бэйэбит аттыбытыгар холобур баар - Баайаҕалары көрүҥ, кинилэр Мандар Уус үөрэҕин сайыннаран, кыһатын тэрийэн үлэ бөҕө ыыталлар, онтулара тэнийэн Моҕол ураһа тутулунна, түмэл баар буолла. Бу барыта биир көдьүүстээхтик бара турар сайдыыны көрдөрөр. Ситиспит таһымнарын тутан, инникитин өссө сайыннардахтарына, биһиги Баайаҕабыт ханнык да ыарахан кэмнэргэ быстыбат дьылҕалаах уонна кэнэҕэски кэскиллээх буолар». Чахчы оннук, Мандар Уустаах буоламмыт киэн тутта «биһиги Баайаҕабыт» дэһэбит.
Баайаҕаттан төрүттээхтэр уочараттаах табаарыстыы көрсүһүүлэрэ быйыл 11-ис төгүлүн ыытылынна уонна 250-ча киһини муста. Түөрт хамаанда, «Дьокуускай баайаҕалара», «Ытык-Күөл баайаҕалара» уонна Баайаҕа олохтоохторун икки хамаандата волейболга, остуол тиэнниһигэр, сыалы ытыыга, саахымакка, бильярдка, канат тардыһыытыгар, көрдөөх ыстаартка икки күн устата күрэхтэстилэр. Остуол тиэнниһигэр Дьокуускай баайаҕалара иннилэрин биэрбэтилэр уонна I миэстэни ылары ситистилэр. Тиэннискэ муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар киирсии быйылгы күрэхтэһии уратытынан буолла. Ол курдук, уопуттаах оонньооччулары барыларын кыайан, 9 кылаас үөрэнээччитэ Ньургун Неустроев муҥутуур кыайыылаах аатын сүгэн дьонун-сэргэтин үөртэ. Волейбол тыҥааһыннаах киирсиилэригэр 40-гар диэри уонна 40-тан үөһээ саастаах дьахталларга Дьокуускай икки хамаандата чөмпүйүөннээн үөрүүлэрэ үксээтэ. Эр дьон волейболугар эдэрдэргэ Дьокуускай, бэтэрээннэргэ Ытык-Күөл баайаҕалара кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Саанан сыалы ытыыга Баайаҕа «Арҕаа + Сайдыы» түөлбэлэрин хамаандата иннин биэрбэтэ. Саахымакка Баайаҕа «Томтор-Куула + Илин» хамаандата кыайда. Саамай ыһыылаах-хаһыылаах, күүһү-уоҕу эрэйэр, өтөрүнэн дьиэлэриттэн тахсыбатах дьону хамсаппыт күрэхтэһии көрүҥэ – канаат тардыһыыта. Дьэ, бу көрүҥҥэ Баайаҕа «Томтор-Куула + Илин» кимиэхэ да баһыйтарбакка барыларын тоҕута тардыалаата. Табаарыстыы көрсүһүү түмүктүүр күрэхтэһиитинэн көрдөөх ыстаарт буолла. Манна Дьокуускай баайаҕалара кыайыылаах таҕыстылар. Уопсай түмүккэ Дьокуускай баайаҕалара, хаһыс да төгүлүн, I миэстэ буоллулар уонна көһө сылдьар куубагы илдьэ бардылар.
- Биһиги улуус киинигэр Ытык-Күөлгэ олорорбут быһыытынан Баайаҕаттан да, куораттан да кэлэр-барар биир дойдулаахтарбытын кытта ыкса сибээстэһэбит, – диэн кэпсиир Светлана Игнатьева, – Түмсүүбүт үлэтигэр куруутун күүс-көмө буолар Харитина Неустроева уонна Дария Мандарова сыл аайы бу тэрээһиммитигэр дьону түмэллэр, онон кинилэргэ махталбын этэбин. Сылтан сыл күрэхтэһээччилэр көрдөрүүлэрэ эбиллэн иһэр, саҥаттан саҥа биир дойдулаахтарбыт түмсүүгэ кыттыһаллар. Биһиги түмсүүбүт тула ыытар үлэбитин ыччаттарбыт салҕыахтара, сайыннарыахтара диэн эрэнэбин.
- Мин 2015 сыл күһүнүттэн Дьокуускайга олорор баайаҕалар түмсүүлэрин салайабын, – диэн Иннокентий Егорович Луковцев сэһэргиир, - Биһиги түмсүү улууспут, нэһилиэкпит дьаһалталара, Таатта түмсүү тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттабыт, араас аһымал аахсыйаларга кыттыһаммыт, бэйэбит да көмө хомуйаммыт дьоммутугар-сэргэбитигэр, төрөөбүт дойдубутугар күүс-көмө буолабыт. Инникитин да, ситиммитин быспакка, дойдубут туһа диэн үлэлиэхпит.
Онтон табаарыстыы көрсүһүүгэ кыттар Дьокуускай баайаҕаларын хамаандатын хапытаана Анатолий Георгиевич Потапов сылын ахсын сатабыллаах дьаһалынан күрэхтэһиигэ кыттааччылары, дьарыктанар саалалары, илдьэр-аҕалар массыыналары кэпсэтэн, булан-талан хамаандатын кыайыы суолугар көҕүлүүрүн түмүгэр үһүс сылларын чөмпүйүөннээтилэр.
-- Киһи сылга биирдэ төрөөбүт дойдутугар баран, нэһилиэгин сайдыытын боппуруостарын бэйэтин төбөтүгэр киллэрэн үлэлиирэ-хамныыра хайаан да наада. Тоҕо диэтэр, онтон сиэттэрэн көҕүҥ үрдүүр, саҥа санаалар да киирэллэр, уһуннук олох олорон тугу эрэ айыах-тутуох баҕаҥ уһуктар. Ааспыт сайын нэһилиэкпитин өр кэмҥэ киэҥ-холку санаатынан көрөн-истэн салайбыт, саамай тутаах киһибит Роман Романович, улуус баһылыгар праймериһы кыайан, быыбарга бэлэмнэнэ сылдьан эмискэ, наһаа хомолтолоохтук, биһиги ортобутуттан барбыта. Билигин кини уола баһылыктыы олорор. Александр Романович аҕатын туйаҕын хатарыа дии саныыбын. Кини киэҥ-холку өйдөөх-санаалаах киһи, уопутуран истэҕин аайы тахсыылаах үлэни ыытыа, нэһилиэкпит айылҕа уларыйыыларыгар даҕаны, улахан бэлиитикэҕэ даҕаны туруктаах буолуо. Маныаха биир дойдулаахтар бары түмсүү тула мустаммыт, эдэр баһылыкпытыгар күүс-көмө буолабыт уонна буола да туруохпут, - диэн санаатын үллэстэр Иннокентий Андросов.
- Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыынын ыччакка тиэрдэр, бары эйгэҕэ түмсүүлээх буоларга көҕүлүүр сыаллаах, «Барыбыт туһугар - Баайаҕабыт туһугар!» дэбиистээх үгэс буолбут биир дойдулаахтар табаарыстыы көрсүһүүлэригэр кэлэн кыттыыны ылбыт, тэрийсибит дьоммутугар нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит! Бу тэрээһин чэрчитинэн Баайаҕабытын сайыннарыыга кэпсэтиилэр ыытылыннылар, былааннар торумнаннылар. Инникитин да төрөөбүт дойдубут туһугар биир өйүнэн-санаанан түмсэ туруохпут диэн бигэ эрэллээхпит, - диэн Баайаҕа нэһилиэгин баһылыга Александр Романов махталын тиэрдэр.
Антонина НЕУСТРОЕВА
Ааптар уонна түмсүү кыттыылаахтарын түһэриилэрэ
- 19
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0