Чурапчылар быйылгы ходуһа үлэтигэр кичэллээхтик бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ол курдук, улуус кэккэ нэһилиэктэрин арыыларга сыһыардылар. Санаттахха, былырыын аһара курааннаан, улуус кыстык отун булунарыгар үгүс күчүмэҕэйдэри көрсүбүтэ. Быйыл эмиэ ходуһа үлэтэ уустук буолара билгэлэнэр. Онон улуус дьаһалтата эрдэттэн бэлэмнэнэр былааннаах.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0