Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕор Ушканов Спиридон Григорьевичка биир үтүө сааскы ылааҥы күн улуус баһылыга Алексей Иннокентьев уонна нэһилиэк баһылыга Леонид Ушканов кэлэннэр бэлэх туттардылар уонна истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Спиридон Григорьевич -- Маалыкай сэлиэнньэтигэр олорор тыыл бэтэрээннэриттэн биирдэстэрэ. Оҕо сааһыттан улахан дьону кытта ыарахан үлэҕэ миккиллэн улааппыта. Ол туһунан кини бу курдук кэпсиир: “1943 сыллаахха уон саастаахпар убайым Афанасий сэриигэ барбыта. Сэрии буолбутун кэннэ оччотооҕу оҕолор кыһалҕата суох оҕо саас диэн тугун билбэккэ, улахан дьону кытта үлэ үөһүгэр түспүппүт. Кыһынын пиэрмэҕэ, сайынын окко сылдьыбытым. Ол эрээри ордук улахан дьону кытта булка сылдьарым. Кырабыттан улахан булчуттары кытары тэҥҥэ сылдьан, кадровай булчукка тиийэ үүммүтүм. Сэрии кэнниттэн улахан кыраамата кэлбитэ, ону эдэр киһи буолан харыстаан уурар эҥин диэн өйбөр киирбэтэх. Онтон 1945 сыллаахха Маалыкайтан 30 көстөөх Хаймыйа диэн бултаах-алтаах үтүө сиргэ балыктааһыҥҥа ыыппыттара. 1948 сылга диэри онно балыкка сылдьыбытым. Биир дьоллоох кэмим өйбөр сырдык түгэн буолан хатаммыта. Дьэ, 1945 сыллаахха фашистары кыайбыт сурахпыт көтөн кэлбитэ, оо, үөрбүппүтүөн! Онтон ол сыл күһүнүгэр убайым Афанасий сэрииттэн кэлээт, миигин көрсөөрү үргүлдьү Хаймыйаҕа кэлбитэ. Мин убайбын көрөн баран, үөрүүбүттэн саҥабыттан матан турбутум. Оо, дьолломмуппуон! Убайым онно биһигини кытта балыктаан, үлэлээн, ахтылҕанын таһааран барбыта. Онтон 1952 сыллаахха бөдөҥсүйүү буолбутугар Маалыкайга көһөн киирбиппит. Мин саҥа ыал буола сылдьар кэмим. Кэргэмминээн Александралыын төрөөбүт нэһилиэкпит чэчирии сайдарын туһугар үлэ үөһүгэр оройбутунан түспүппүт. Булка да сылдьарым, кэргэмминээн пиэрмэҕэ үлэлиирбит. Онтон уһанар дьоҕурдаахпын таба көрөннөр, дьиэ тутааччылар биригээдэлэригэр ыҥыран үлэлэппиттэрэ. Сойуус саҕана тыа сирэ саамай сайдар кэмигэр, үс нэһилиэккэ биир улахан пилорама үлэлэппиттэрэ. Онно биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри үлэлээбитим”, — диэн ытык кырдьаҕас атах сыгынньах оҕо сааһын, сэрии кэннинээҕи ырыа аргыстаах үлэтин санаан мичээрдиир.
Бүгүн Спиридон Григорьевич кыыһа Анастасия Спиридоновнаны кытта сынньалаҥнык олорор. Киниэхэ биир үтүө күн салайааччы дьон бэлэхтээх киирэн кэлбиттэрин туһунан сүргэтэ көтөҕүллэн олорон ахтар: «Мин 88-ыс хаарбын санныбар түһэрдим. Сэрии ыарахан сылларыгар оҕо сааспытыгар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбит дьоҥҥо тыыл бэтэрээннэрин аатын иҥэрэн, кырдьар сааспытыгар бочуот бөҕөнү биллибит. Быйыл Кыайыы 75 сылын көрсө бэлэх бөҕө туттубут. Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев уонна нэһилиэкпит баһылыга, эдэр киһи Леонид Ушканов кэлэннэр оҕонньорго бу курдук үөрүүнү бэлэхтээтилэр. Салалтаттан үбүлүөйдээх Кыайыы сылыгар өйдөбүнньүк буоллун диэн биэрбит сылабаардара, эчи, үчүгэйин! Ону кытта федеральнай былаастан 50 тыһ. солк., өрөспүүбүлүкэбититтэн 10 тыһ. солк. ыламмыт үөрүүбүт муҥура суох. Бачча сааспар диэри этэҥҥэ сылдьарбыттан айылҕабар махтанабын. Мин 70-ча сиэннээхпин, хос сиэннээхпин, ыччаттарым улаатан киһи-хара буолалларын көрөр баҕалаахпын, онон Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсүөм диэн эрэллээхпин”, -- диэн Спиридон Григорьевич миигин кытары сырдык санаатын үллэһиннэ. Оттон мин кырдьаҕаска кытаанах доруобуйаны баҕара хааллым.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0