Кыһыммыт кэлиэхчэ кэлбэт, күһүммүт барыахча барбат. Дьэ, маннык кэмҥэ суолга, мууска сэрэхтээх буолуохха наада. Чэ, дьон, өйдөөх тыынар тыыннаах буоламмыт, син булан сылдьыахпыт, оттон сүөһүлэрбит барахсаттар муус халыҥыы илигин хантан билиэхтэрэ баарай? Таатта улууһун Уолбатыгар бүгүн биир ыал 6 хоноҕор муостааҕа уулаары былдьанна.
Иллэрээ күн ханнык эрэ нэһилиэккэ ынахтарын, хата, этэҥҥэ быһаабыттар этэ, хаартыскалара тарҕаммыта.
Дьэ, онон хаһаайыннар сүөһүлэргитин хараххыт далыттан таһаарымаҥ, көрө сылдьыҥ диэн сэрэтэбит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0