Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Тыа ыала үксэ идэһэлэнэн, түбүктээх үлэлэрин үмүрүтэн, дьэ, киэһэ аайы хоргуннаах миин, өрөһөлүү эт буһарынан сиир, эттэн араас аһы астанан аһыыр кэмнэрэ саҕаланна.

Тыа ыала үксэ идэһэлэнэн, түбүктээх үлэлэрин үмүрүтэн, дьэ, киэһэ аайы хоргуннаах миин, өрөһөлүү эт буһарынан сиир, эттэн араас аһы астанан аһыыр кэмнэрэ саҕаланна.

Балыктаах култуура киинигэр түөлбэлэр икки ардыларыгар "Идэһэ киэһэтэ-2021" быыстапка-дьаарбаҥка тэрилиннэ.

24b3bb0e aedb 4bea 819b 53cf8ecdf45e

Билиҥҥи ирдэбили толору тутуһан, олохтоохтор өр мустубакка-көрсүспэккэ сылдьан баран, дьэ, көрсөн сэргэхсийэн, кулууп үлэһиттэрин эҕэрдэ нүөмэрдэрин ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

11c83e7a e988 476d aa44 2d86f14e9c41

8302a6f8 db12 4865 ad4c da721220e2a1

Түөлбэлэртэн бастыҥ хаһаайыстыбалаах дьиэ кэргэттэр бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын слайданан көрдөрө-көрдөрө сиһилии билиһиннэрдилэр.

Ол курдук, "Аартык түөлбэттэн" Ньургун Владимирович, Яна Ильинична Габышевтар, "Лесной” түөлбэттэн Илья Егорович, Христина Иннокентьевна Мохначевскайдар, "Нагорнай” түөлбэттэн Айтал, Яна Яковлевна Васильевтар, "Сайдыс” түөлбэттэн Олег Васильевич, Елена Ивановна Стручковтар, "Сүрэх тыа” түөлбэттэн Гаврил Иванович, Евдокия Васильевна Дьяконовтар кытыннылар.

1b163afc e490 4311 8382 c3b0a3dbf117

Түөлбэлэр араас аһы астаан аҕалан, остуол муҥунан тардан кэбистилэр, турар миэстэлэрин сахалыы киэргэтэн, көстүүтүн тупсардылар.

547533e5 9fc6 411c 8b07 fae28f09ba46

4c1bcbb6 643b 4c74 bffa 832bd20ee43b

Дьүүллүүр сүбэ кэрийэн көрөн сыаналаата. Бастакы миэстэҕэ таҕыста -- "Сайдыс түөлбэ" (сал. Попова А.В, Семёнова М.М), иккискэ -- "Лесной" (сал. Гоголева Е.В.), үһүскэ -- "Сүрэх тыа” “сал. Ноговицына Н.Г.”).

ab843a1d 7da4 45be aa7d ff8390997dc2

 Аны "Оригинальнай бүлүүдэ" күрэҕэр бастакы Е.В.Дьяконова бастаата, Т.Е.Иванова иккистээтэ, Т.С. Цыденжапова үһүстээтэ.

"Хартыынаны тилиннэр" диэн биир интэриэһинэй күрэххэ бастакы миэстэ -- "Лесной", иккис -- "Аартык", үһүс -- "Сүрэх тыа".

"Көрдөөх стартар" спортивнай күрэххэ түөлбэлэртэн кытыннылар. I м --"Лесной", II м. -- "Нагорнай" , III м. -- "Аартык", IV м. --"Сайдыс", V м.  --"Сүрэх тыа" .

Кыайыылаах "Лесной" түөлбэ олохтоох дьаһалта бирииһин тутта-- биир куул балыгы! Бу киэһэ атыылаан, элбэх дохуоту киллэрэн, анал бирииһи С.Д.Катакинова ылла. Элбэх ыалы кытыннаран, “Бастыҥ түөлбэ” анал бириискэ "Аартыктыктар” тигистилэр (сал. Стручкова С.С.).

Бу киэһээҥҥи биэчэргэ, куонкурустарга бириистэри туруордулар: олохтоох урбаанньыттар Игорь Васильевич уонна Игорь Игоревич Стручковтар, Зинаида Софроновна уонна Владимир Владимирович Цыпандиннар, Александра Николаевна, Владислав Владимирович Цыпандиннар.

Бу тэрээһини олохтоохтор сүрдээҕин сэргээтилэр-хайҕаатылар, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, бары астынан тарҕастылар.

Онон уопсай түмүккэ I миэстэ --"Сүрэх тыа” (сал.Ноговицына Н.Г.), II миэстэ -- "Лесной" (сал. Гоголева Е.В.), III миэстэ -- "Аартык" (сал. Стручкова С.С.) буоллулар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29