Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Саҥа сыл бастакы күнүгэр Таатта улууһун Чычымаҕар баар Ньукуола таҥаратын дьиэтин куолакаллара сарсыарда эрдэ лыҥкыныы тыаһаатылар.

Саҥа сыл бастакы күнүгэр Таатта улууһун Чычымаҕар баар Ньукуола таҥаратын дьиэтин куолакаллара сарсыарда эрдэ лыҥкыныы тыаһаатылар.

10346691 099e 45a6 8588 f74e390b3384

Бу Николаевскай таҥара дьиэтэ 1896-1897 сыллартан тутуллан саҕалаабыт, 1899 с. аанын арыйбыт.

  Бастакы сулууспаны аҕабыыт Иван Винокуров 1901 сыллаахха ыыппыт. Онтон ыла сэбиэскэй былаас олохтонуор диэри манна төһөлөөх элбэх оҕону сүрэхтээбиттэрэ, ыалы бэргэһэлээбиттэрэ, өлбүттэри анараа дойдуга атаарбыттара буолуой?

1926 сыллаахха таҥара дьиэтин 7 куолакалыттан 6 улаханын уһулан ылан, өрүһүнэн ханна эрэ илдьибиттэр – ол айыытынан сураҕа суох сүппүттэр. Баҕар, тимирдибиттэрэ, баҕар, уулларбыттара буолуо. Хаалбыт саамай кыраларын 90-с сылларга диэри оскуолаҕа чуораанчык гына туһана сылдьыбыттар. Ону билигин колокольняҕа төттөрү ыйаабыттар.

2009 сыллаахха Чөркөөх түмэлин дириэктэрэ Н.Е.Попов Большой Невертэн эргэ куолакалы аҕалан ииллэртэрбит да, соҕотох аата соҕотох, тыаһа тахсыыта суох эбит. Онтон бу ааспыт 2021 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр саҥалары иилэннэр, 95 сыл буолан баран, Чычымах бөһүөлэгин үрдүнэн куолакаллар лыҥкыныы тыаһаабыттара.

   80, 35, 18, 12, 8, 4 киилэ ыйааһыннаах чугуун куолакаллары Москва аннынааҕы Жуковскай оройуоҥҥа анаан-минээн куттаран, Кулаковскай аймах Амма нэһилиэгин 100 сылынан бэлэхтээбитэ.

Куолакаллары улахан бэлиэ түгэннэргэ уонна таҥара күннэригэр тыаһатар гына сүбэлэһэннэр, анал киһини онно сыһаыраннар, саҥа сыл саҕаламмытынан Егор Романович Михайлов дуораһыта-лыҥкыната  тыаһатта. 

27eb467f faac 4216 8844 e0d8292b8152

--Урут истэр буоларым: “Николаевскай таҥара дьиэтин куолакалларын  тыаһа 10 км ыраах сиргэ тиийэ иһиллэллэрэ”, -- диэн кэпсииллэрин. Кырдьык да, төһөлөөх үчүгэйдик дуораһыйар дорҕооннооҕуй? Олохтоох нэһилиэнньэ олус үөрэбит -- таҥарабыт дьиэтэ күн бүгүнүгэр диэри сэнэх турарыттан, түмэл буолан туһалыырыттан. Онуоха үтүөлээхтэр – сэбиэскэй кэмнээҕи салайааччыларбыт. Ыскылаат эҥин оҥорбокко, сырдык аналынан, кэрэҕэ сирдиир сибэтиэй сири үрдүктүк тутан, кулуубу, бибилэтиэкэни манна үлэлэппиттэрэ. Аны, Чөркөөх мусуойугар көһөрөн илдьээри гыммыттарыгар, Егор Пантелеймонович Иванов туруулаһан туран туруорсан, таҥарабыт дьиэтэ билигин, бөһүөлэкпит кута-сүрэ буолан, бу дьэндэйэн турдаҕа. 2002 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 125 сылынан, оччолорго оскуола дириэктэрэ М.А.Протодьяконов сүүрэн-көтөн, реставрация ыытыллыбыта. Куполлары Андрей Иванович Кулаковскай оҥорбута. Олохтоохтор киниэхэ көмөлөспүттэрэ. 2016 сыллаахха Владыка Роман, 100 сыл ааспытын кэннэ, манна сулууспа ыыппыта. 2017 с. иконалары аҕалбыттара. 2018 с. епархия “Саха сирин былыргы таҥара дьиэлэрин сөргүтүү” бырагырааматынан олохтоох уус Еремей Наумович Малышевка сахалыы моһуоннаах иконостаһы оҥорторбуттара. Оттон бу күһүн аҕабыыт Александр куолакаллары туруоруу сиэрин-туомун ыыппыта, малыыппа ааҕан, сибэтиэй уунан ыраастаабыта, -- диэн Амма нэһилиэгин баһылыга Степан Соров билиһиннэрбитэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29