Саҥа хочуолунай 2,2 МВт кыамталаах иккилии үлэлиир уонна аварийнай оһохтордоох. «Хочуолунайы саҥардыыга биһиэхэ сүҥкэн көмөнү улуус уонна нэһилиэк дьаһалталара, олохтоохтор оҥордулар. Хочуолунайы биһиги тэрилтэбит көрө-истэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ 3 оһох оттооччу уонна тырахтарыыс үлэлиир. Инникитин эбии 8 дьиэни ититиигэ холбуур былааннаахпыт», — диэтэ «Армон» тэрилтэ салайааччыта Ян Новиков.
Хочуолунай аһыллыытыгар «Орленок» түөлбэ бэрэссэдээтэлэ Римма Москвитина тутааччыларга хаачыстыбалаах үлэлэрин иһин махтанна, итиэннэ олохтоохтор сылаас дьиэҕэ кыстыылларыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Маны тэҥэ оройуоҥҥа «ТехКоммунСервис» муниципальнай тэрилтэ саҥа дьиэтин тутуу бастакы кэрдииһэ түмүктэннэ. Хочуолунайга номнуо 7 уопсай дьиэ, 220 үөрэнээччилээх оскуола уонна баһаарынай дьыала дьиэтэ холбонно.
«Экотехсервис» тутар тэрилтэ дьиэ көҥдөйүн барытын тутан бүтэрдэ, ону тэҥэ икки ТР-800 диэн терморобот оһоҕу туруорда. Саҥа хочуолунай кыамтата 1,6 МВт.
2022 сылга иккис кэрдииһэ түмүктэниэ, онно эбии биир оһох туруо, оччотугар 25 чааһынай дьиэ ититии ситимигэр холбонуо, ону тэҥэ 1,17 килэмиэтирдээх ититии ситимэ таҥыллыа.
Хочуолунайдары арыйыы үөрүүлээх түгэнигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин I-кы солбуйааччы Дмитрий Садовников, ДьУоКХ министиэристибэтин солбуйааччыта Наталья Готовцева, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун баһылыга Николай Старостин кытыннылар.
«Бөһүөлэк сайдарын, саҥа социальнай эбийиэктэр тутуллалларын, суол-иис тупсарын, нэһилиэнньэ олороругар бары усулуобуйа тэриллэрин көрөн үөрэбин. Улуус уонна нэһилиэк дьаһалталара хамаанда буолан улахан үлэни ыыппыттарыгар махтанабын. Олохтоохтор үөрбүттэрэ, астыммыттара көстөр, ол биһиэхэ саамай сүрүнэ буолар», — диэн Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0