Хамсаабат хартыынаттан хал буолбакка хаары туойар, хаары хоһуйар, тымныыттан, тоҥтон толлубакка туһалааҕын булар, төһөнөн күүттэриилээх, кэтэһиилээх соччонон кэрэ, күндү, көстүүлээх диэччи, тулуйдахха, кыл да саҕаттан кытаахтастахха, сап да саҕаттан салҕаатахха, түөн да саҕаттан тирэхтэннэххэ баҕарбыт биэтэккэ тиийиэм диэччи, дьулуһан туран дьирээлэстэххэ дьикти, дьиибэ, дьоһун бэлэх буолан бэриллэр диэччи ол саха киһитэ!
Хара тыа харабыллара, аар тайҕа харысхаллара, ыһырык ойуур тойотторо сулдьугулдьуспут сур бөрөлөр даҕаны муннуларын батарбаттыы кэккэлии үүммүт мастар хара санаалаахтары хардыы да саҕаны хаамтарбакка хам тутуохпут, иҥсэ-обот санаалаахтары иҥэ -бото сатаабакка иҥнэриэхпит, сиэрэ суох сиэн-аһыан баҕалаахтары сип сибилигин сиирэ -халты хаамтарыахпыт диэбиттии саба үүммүт аллараа өттүттэн титириктэринэн, араас элбэх иирбэ -таарба талахтарынан, орто баайыыттан антах сиппит-хоппут силлибэт силистээх тэҥкэ тииттэр, бэркин дуо диэччигэ биэрэр дьирэспит бэстэр сааскы кэми кэрэхсииллэр, сэргииллэр.
Сэргэхсийбиччэ сэксэс гынан кыһыҥҥы таҥастарын уларыттан халтаҥ соннорун бүрүнэ быраҕыналлар, итии эбит диэтэхтиринэ ону да илгиэхтэрэ турдаҕа. Сир анныгар да сытталлар, тоҥҥо да хам туттардаллар, сурах хоту сураһан силис-мутук тыллыыга-тиллиигэ бэлэмнэнэр, бэрт кылгас кэмҥэ ситэ-хото охсорго турунар.
Хаартыска: https://yk24.ru/main/crednegodovaya-temperatura-vozduha-v-yakutii-mozhet-vyrasti-pochti-na-8c-k-konczu-veka/
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0