Саҥарбыта самыыр, эппитэ-тыыммыта сүллэр этиҥ, арыаллаабыта ардах, сибигинэйбитэ ибиирэр ардах, ыраастыыр аналлаах Аан Дьааһын ыйа сайыны күһүннүүн көрсүһүннэрэн, аламаҕайы, арылхайы толкуйдатар, уоскутар күһүҥҥүлүүн алтыһыннарар. Онтон күн бүгүн быыһык кэм быйаҥын бычалыта,олохтоммут уйгутун сомсо, үрүлүйбүт үүнүүтүн үллэстэ үүммүт күнтэн үөрүөҕүҥ, уһуктубучча уунаҥнаһыаҕыҥ, турбучча сэргэхсийиэҕиҥ.
Күөрчэх ытыйан, дагдатан таһаарыаҕыҥ, хоччохойу, кытаанаҕы минньитэ күөрчэҕинэн сымнатыаҕыҥ. Итии үүттээх чэй истиҥ сыһыаны иилээтин-саҕалаатын, иллээх-эйэлээх сэһэргэһиини ситимнээтин. Отун үлэтин сүрүннээн түмүктээбит ордубут сирдэри көрүтэлиэ, хаалбыт сирдэргэ хаамыталыа, ходуһаны кыараппаттыы, оттуур сири кыччаппаттыы талах төрдүн, сыһыы кытыытын кичэйэн-хачайан туран ньиккирийиэ.
Кэмигэр охсуллубут, хомуллубут оту солбуйа кэнчээри от чээлэй күөҕү чэмэлитиэ, күөҕү көҕүлүө. Өрөмүөн үлэтиттэн өрөөн, дьиэтээҕи түбүктэн тэйэ туттан оҥоойук тутуурдаах, ыаҕыйа кыбыныылаах,өйүө сүгэһэрдээх аар тайҕаттан уурунууга диэн уурбут уйгутун, халыҥ тыаттан хаһааска диэн анаабытын хомуйуо, кыстык кыһарҕаннаах кэмигэр сэниэ киллэринэригэр,күүс эбинэригэр киччим сиргэ уурунуо. Мунньуста-мунньуста мунньахтаан, үөрдүһэ-үөрдүһэ үлүмнэһэ көрсүһэн көтөр бииһин ууһа ыраах барааччыта ыччат өттүн үөрэтиэ, оҕо өттүн оройун булларыа.
Хаартыска: Yakutia-Daily.ru
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0