Оҕо төрөөтөҕүнэ
Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо төрөөтөҕүнэ төрөппүттэриттэн биирдэстэрэ хамнаһыттан, үлэлиириттэн тутулуга суох биир кэмнээх босуобуйа оҥотторуон сөп. Тохсунньу бүтүөр диэри 18 886 солкуобай төлөнүө. Оттон олунньу 1-гы күнүттэн 5,8 % үрдээн босуобуйа суумата 19 981 солкуобайга тэҥнэһиэ. Сайабылыанньаны оҕо төрөөбүтүттэн 6 ый ааһыар диэри биэриэххэ сөп. Өскөтүн төрөппүт үлэлиир буоллаҕына, буҕаалтырга эбэтэр тэрилтэтигэр баар хаадыр салаатыгар билсиэн наада, үлэлээбэт буоллаҕына социальнай көмүскэл уорганыгар. Оттон урбаанньыттар босуобуйаны социальнай страхование пуондатын нөҥүө оҥоттороллор.
Оҕо иитэ ылааччы эмиэ итиччэ сууманы ылыан сөп. Өскөтүн эппэкиин 7 сааһыттан улахан оҕону, инбэлиити эбэтэр тута бииргэ төрөөбүт ини-биилэри эбэтэр эдьиийдии-балыстыыны иитэ ыллаҕына, үрдэтиллибит төлөбүр көрүллэр. Тохсунньу бүтүөр диэри 144 307 солк., олунньуттан 152 677 солкуобай хас биирдии иитэ ылбыт оҕотугар.
Ийэ хапытаалын кээмэйэ төһөнөн үрдүүрэ өссө да биллибэт. Урукку өттүгэр үүнүөхтээх сыл инфляциятын сылыктаан көрүүттэн эбэр этилэр, РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Татьяна Голикова этэринэн, ийэ хапытаала муҥутаан 4 % үрдүөҕэ. Ол эрээри, ааспыт сыл ахсынньытыгар сокуон ылыллыбытыгар олоҕурдахха, олунньу 1-гы күнүттэн ийэ хапытаала ааспыт сыл инфляциятын таһымыгар олоҕуран үрдүө.
Бэдэрээссийэ Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Бибикова «Новости» Арассыйатааҕы аан дойду таһымнаах информативнай агенство пресс-кэнпириэнсийэтигэр кэпсээбитинэн, ааспыт сыл инфляциятын 7 % диэн сыана быстахтарына, ийэ хапытаала эмиэ соччонон үрдүө. Билиҥҥи туругунан, бастакы оҕоҕо 483 881 солкуобай итиэннэ 639 432 иккис уонна онтон салгыы төрөөбүт оҕолорго төлөнөр.
Хат дьахталларга
Саҥаттаан ааҕыы декретнэй төлөбүрү эмиэ таарыйыа. Хатынан уонна төрөөбүтүнэн босуобуйалар үлэлиир дьахтар бүтэһик икки сылга аахсыбыт орто хамнаһынан ааҕыллыахтара. Оттон үлэлээбэт, ол эрээри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуон саамай кыра босуобуйаны ылар, 2022 сылга 58 878-тан 63 932 солкуобайга диэри үрдэтиэхтэрэ. Үлэлиир дьахтар ылыахтаах муҥутуур суумата 340 795 солкуобайтан 360 164-кэ диэри үрдүөҕэ. Ылыллыахтаах сууманы социальнай страхование пуондатын саайтыгар киирэн бэйэҥ онлайн-калькулаторынан ааҕыаххын сөп. Сайабылыанньа биэрэр ирдэммэт, балыыһа лииһин толоруллубутун кэннэ декретнэй төлөбүрү түһэриэхтээхтэр.
Кыра дохуоттаах хат дьахталлар ый аайы төлөнөр босуобуйаны оҥотторуохтарын сөп. Босуобуйа хат буолбута 13 нэдиэлэтиттэн төрүөр диэри төлөнөр. Суумата эрэгийиэн үлэһит нэһилиэнньэтин тиийинэн олоруутун алын кээмэйин 50 бырыһыаныгар тэҥ. Ол эбэтэр Саха сиригэр быһа холоон 10 414 солкуобай буолуо.
Төлөбүрү дьахтар хат буолбута 12 нэдиэлэтэ буолуон иннинэ учуокка турбут итиэннэ дьиэ кэргэнин орто дохуота эрэгийиэҥҥэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн аҕыйах буолуон наада. Сайабылыанньаны судаарыстыбаннай өҥө порталыгар эбэтэр биэнсийэ пуондатыгар толоруохха сөп.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0