Билигин ипэтиэкэ кирэдьиитин толору сабыахха, дьиэ кэргэн бары чилиэннэригэр өлүүлэри үллэриэххэ наада, ол эрэ кэнниттэн дьиэни атыылыахха уонна атын дьиэни атыылаһыахха сөп. Бу барыстаах сөбүлэһиини баттаһары уһатарга уонна дьиэни-уоту ырыынак сыанатыттан намыһах сыанаҕа атыылыырга тиэрдиэн сөп.
Сокуон ипэтиэкэнэн атыылаһыллыбыт дьиэни дьиэ кэргэн бары чилиэннэрин, ол иһигэр оҕолору уопсай бас билиигэ оформлядыырга баан сөбүлэҥин ылартан босхолуур.
Саҥа атыылаһыллыбыт олорор дьиэҕэ, өскөтүн кини иэнинэн улахан эбэтэр кадастровай сыанатынан ыарахан буоллаҕына, өлүүлэри биэриэххэ сөп.
Маны таһынан, дьиэ кэргэннэргэ социальнай пуонда 2026 сылтан хамсаабат баайга-дуолга сыһыаннаах илии охсуһуу кэнниттэн ый устата ийэ хапытаалын үбүн-харчытын көһөрүү туһунан иһитиннэриэҕэ.
Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтэ мунньаҕар тустаах сокуону өйөөбүтэ.
Сиһилии ПГ: https://www.pnp.ru/social/sovfed-rassmotrit-zakon-o-priobretenii-zhilya-s-ispolzovaniem-matkapitala.html
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
