Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Сайын ортото күн сардаҥата күүһүрэн, күнүс аһаҕас таҥаһынан сырыттахха, күн начаас быһа сиир, киэһэлик этиҥ дэлби кытаран тахсар уонна аһыйар. Оттон илииҥ-санныҥ барыта бүтэй таҥаһы кэтэр +30С табыгаһа суох. Онон күнтэн харыстыыр SPF кириэми туттуохха наада.

Итиигэ күн ультрафиолетовай UVA сардаҥата киһи этин быһа сиирин таһынан, тириигин кырытыннарар, куурдар-хатарар, мырчыһыннарар, тириигэр эбир (бороҥ бээтинэ) тахсар. Өр күҥҥэ сыттаххына, тирии искэнигэр кубулуйуон, хараххар охсуулаах буолуон сөп.

Быраастар сүбэлииллэринэн, күҥҥэ тахсарга хайаан да SPF кириэминэн сирэйгин, санныгын, илиигин соттуохтааххын. Сырдык тириилээх дьон SPF 50 үөһэ кириэми туттуохтаахтар. Кыра SPF-таах кириэм күнтэн үчүгэйдик харыстаабат. Улахан SPF көмүскэллээх кириэм сыаната ботуччу, сибиэһэй салгыҥҥа, айылҕаҕа өр сылдьалларын сөбүлүүр дьон харчыларын харыһыйбаттара ордук.

Буһарык итии түһэр куйаас кэмигэр күн сардаҥата сарсыарда 10ч. күнүс 16ч. саамай  күүстээх, онон бу кэмҥэ таһырдьа өр сылдьартан туттунар ордук.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением