Моонньоҕону сууйумаҥ
Моонньоҕону үргээн аҕалаат, таһырдьа күннээх сиргэ 3-4 чаас тэнитэн сытыарыҥ. Ол кэннэ хордуон дьааһыкка кутан, хараҥа сөрүүн сиргэ ууруҥ. Итинник 3-4 күн хонноробут. Ол кэннэ, дьэ, ыраастыыбыт.
Моонньоҕону сууйар төрүт сыыһа. Тас дуйугар баар битэмиинэ ууга суураллан хаалар. Сууйбакка эрэ үрдүгэр саахар кутан, сибиэһэйдии хаһааныахха эбэтэр эрийтэрэн барыанньа оҥоруохха сөп.
Саахар кутан баран сытыара түһэриҥ. Суога таҕыстаҕына, ытыгынан күүскэ ытыйыҥ. Хоп-хойуу буолуохтаах. Ол кэннэ кыра ньуоска төбөтүгэр лимон кислотатын кутан баран, өссө ытыйыҥ. Оччоҕо өр кэмҥэ аһыйбат, көөнньүбэт.
Уопсайынан, амтанын өр сүтэрбэтин туһугар сир аһын барыанньатыгар кыратык лимон кислотатын кутар ордук.
Кыра саахардаах барыанньа
Хаптаҕаһы сорох хаһаайкалар “ороскуоттаах сир аһа” диэн ааттыыллар. Бу ньыманы туһанан, аҕыйах саахардаах барыанньата оҥостуҥ:
Биир киилэ апельсины үчүгэйдик сууйан баран, хахтыын баҕастыын мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Онно 3 кг хаптаҕаһы, 2 кг саахары эбэн, уокка оргута уурабыт. Оргуйбутун кэннэ, 1 хах ванилины кутабыт. Апельсин аһыы амтаны биэриэх курдук эрээри, соһуйуохпут иһин, хаптаҕас барыанньатын төттөрүтүн минньитэр.
Хаптаҕастан – мармелад
Хаптаҕаска саахар кутан оргутабыт. Хойдубутун кэннэ, ньуосканан илдьиритэ-илдьиритэ сиидэлиибит. Саахары эбэн баран, эмиэ оргута уурабыт. Оргуйаатын кытта, кыра ньуосканан лимон кислотатын кутан буккуйабыт. Сойута уурабыт. Кыра эмээл миискэни арыынан сотобут. Онно хаптаҕаспытын кутабыт. Халадьыыныкка уган тоҥоробут. Сойбутун кэннэ, быһаҕынан быһыталаан баран, саахар пуударатыгар буккуйабыт. Хаптаҕас мармелада бэлэм.
Дөлүһүөнтэн – минньигэс чэй
Буспут дөлүһүөнү сэбирдэҕиттэн араарар олус үлэлээх буолааччы. Аһара бустаҕына, күүскэ туттахха, үлтү баран, сүмэһинэ тохтон хаалааччы.
Дөлүһүөнтэн отун араарбакка эрэ, бэрт минньигэс чэйи оҥоруохха сөп. Кыра уокка духуопкаҕа 5-6 мүн. буһаран ылабыт. Ол кэннэ мииксэринэн үнтү ытыйан баран, саахар кутан, чэй оҥостон иһэбит. Үүтү куттахха, хойдор уонна амтана өссө тупсар. Маннык чэй бүөр ыарыытыгар, үөһэ таастаах дьоҥҥо туһалаах.
Битэмиинин “өлөрүмэҥ”
Мииҥҥэ оҕуруот аһын хайдах быһыылаан кырбыыгытый? Оҕуруот аһа мииҥҥэ кутуллар атын бородуукталары кытта тэҥ кээмэйдээх буолуохтаах. Холобур, мииҥҥитин хортуоппуйдаан буһарар буоллаххытына, үүнээйигитин кыра гына кырбыахтааххыт. Оттон лапсалаах мииҥҥэ соломо быһыылаан кырбыыргыт ордук.
Миискэ хаппаҕа ситэри сабыллыбатах буоллаҕына, оҕуруот аһын бэтэмиинэ “өлөр” диэн этэллэр. Онон, миин оргуйар кэмигэр хаппаҕы күүскэ сабыллыахтаах. Маны таһынан оҕуруот аһын бэтэмиинин харыстыырга тууһаммыт, оргуйбут ууга угар ордук.
Сорох хаһаайкалар ыксыы сылдьан, үүнээйи аһын барытын бииргэ кутан кэбиһэллэр. Оннук табыллыбат. Холобур, моркуоп 10-15 мүн., щавель – 10 мүн., хортуоппуй, баклажан – 15-20 мүн., хаппыыста – 30-40, оттон сүбүөкүлэ 30-45 мүн. кэриҥэ буһар.
Кыһын оҕурсуну сибиэһэйдии сиибит
Кыһын сииргэ оҕурсуну сибиэһэйдии хаһааныахха сөп. Онуоха 2 лиитэрэлээх өстүөкүлэ бааҥкатын ис өттүн сууйан баран куурдабыт. Ол кэннэ түгэҕэр 1-2 см курдук халыҥнаах бөдөҥ туус кутабыт. Сууйуллубут оҕурсуну куурдан баран, 1-1,2 см халыҥнаах гына быһабыт уонна туус үрдүгэр 2-2,5 см араҥанан симэ угабыт. Ити кэнниттэн тууһу эмиэ кутабыт.
Бааҥканы ити курдук тууһу уонна оҕурсуну солбуһуннара кутан толоробут. Бааҥканы полиэтилен эбэтэр өстүөкүлэ хаппаҕынан сабыҥ уонна сөрүүн сиргэ ууран кэбиһиҥ. Кыһын оҕурсуну дуршлагка кутан баран, тымныы уунан тууһун сайҕааҥ. Маннык ньыманан хаһааннахха, оҕурсу өҥүн, сытын, амтанын сүтэрбэт.
Оҕуруот аһынан эмтэнии
- Хахтары буспут хортуоппуй уутун иһэ сырыттахха, сүһүөх ыарыыта мүлүрүйэр, тостубут уҥуох түргэнник силимнэһэр.
- Петрушканы аска элбэхтик куттахха, сибиэһэйдии сиэтэххэ, тиис маҥхайар.
- Моркуоп сүмэтин сарсыарда аччык искэ истэххэ, хойуу хаайтарыыта “төлөрүйэр”.
- Сүбүөкүлэни түөркэлээн баран, ириҥэрбит бааска сыбаатахха, түргэнник тардар.
- Уулаах отон сүмэһинин тэҥ өлүүнэн мүөттээн истэххэ, сил хоҥнор.
- Тымныйдахха, чочунаах 6-7 өлүүтүн илдьиритэн, ыстакаан үүккэ оргутан, ткүҥҥэ хаста да иһэ сылдьыҥ.
- Тумуулаатахха, сибиэһэй сүбүөкүлэ симэһинин муннуга икки-үс хааппыланан кутуллар.0,5 л. бытыылкаҕа 300 г. чочунааҕы үрдүн сабар гына испиири кутан, үс нэдиэлэ көөнньөрүллэр. Итиэннэ сүүрбэлии хааппыланан ыстакаан аҥаара үүккэ булкуйан иһиллэр. Оччоҕо доруобуйаҥ бөҕөргүө.
- Сирэйгин, илиигин үлүттэххинэ эбэтэр итиигэ бустаххына, түөркэлэммит луугу кэмпириэс курдук туттуоххун сөп. Оччоҕуна хабахтар тахсыбаттар уонна ыарыыта намтыыр.
- Силгэҕин ууннардаххына, буспут эбэтэр сибиэһэй луугу түөркэлиигин уонна саахары кытта буккуйаҕын. Ууннарбыт силгэҕэр сотон баран, 5-6 чаас устата тутаҕын.
- Луугунан өссө кутургуйаны эмтиэххэ сөп. Луугу тиэстэҕэ буһараҕын уонна, кэмпириэс курдук, кутургуйалаах сиргэ тутаҕын.
Тэллэй уонна кыһыҥҥы хаһаас
Быйыл дьылбыт кураан. Онон, тэллэй үүнэрэ-үүммүтэ биллибэт. Ол эрээри, баҕар, сорох улуустарга айылҕа быйаҥыттан бэрсиэ. Тэллэйи таптааччыларга анаан хаһаанарга сөптөөх судургу ырысыаптары таһаарабыт.
Икра
Тэллэй (маҥан тэллэй, грузди, хатыҥ тэллэйэ (подберёзовик), шампиньон, чөҥөчөк тэллэйэ (опята), арыылаах тэллэй (маслёнок) – 2 кг;
Эрэппиэ луук – 3 уст;
Моркуоп – 3 уст;
Мас арыыта – 2 ыст;
Лавровай лиис – 3 уст;
Хара биэрэс – 10 горох;
9 %-наах уксуус – 1 ост. ньуоска;
Туус.
Тэллэйи сууйан баран, кыра гына кырбыыбыт, туустаах ууга 10-15 мүн. буһарабыт. Уутун сүүрдээт, улахан хайаҕастаах мясорубканан эрийэбит.
Луугу, моркуобу түөркэлээн баран, мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Саһараатын кытта, үрдүгэр тэллэйи кутабыт. Икра бэлэм буолла. Амтанын көрөн тууһуубут, кыратык мас арыытын эбэбит, биэрэс, лавровай лиис кутабыт. Кэмиттэн-кэмигэр буккуйан ыла-ыла, 1,5-2 чаас буһарабыт. Уксуус кутан баран, ыраас бааҥкаларга хаптахтаах хаһаанабыт.
Судургу ньыманан тууһуубут
Маҥан грузди – 1 кг;
Чеснок – 3-4 өлүү;
Туус – 2 ост. ньуоска;
Хара биэрэс – 10 горох;
Укуруоп.
Груздины сууйан баран, улахан гына кырбыыбыт. Тууһаммыт ууга 5 мүн. сытыаран оргутабыт.
Бааҥка анныгар кыратык ньуоска туус кутабыт, биэрэс, укуруоп, чеснок эбэбит. Ол кэннэ груздины биир слой гына уурабыт. Ити курдук бааҥка тулуор диэри хас да эрээти дьапталҕалыыбыт. Салгын таҕыстын диэн, тэллэй буспут уутун бааҥка туолуор диэри кутабыт. Тууһаммыт тэллэй 1-1,5 ыйынан бэлэм буолар. Сөрүүн сиргэ туруорар ордук.
Тэллэйи маринуйдуубут
Биир киилэ масленок тэллэйи кыра, 2 устуука луугу төгүрүктүҥү гына кырбыыбыт. Биир лиитэрэ оргуйбут ууга 10-12 мүн. буһарабыт. Сөрүүн уунан сайҕаан баран, тууһаммыт ууга иккиһин оргутабыт. Көстүрүүлэ түгэҕэр түстэхтэринэ, уоттан таһаарабыт.
“Тэллэй-луук”, “тэллэй-луук” эрээтинэн бааҥканы толоробут. 2 горох хара биэрэһи, 2-3 устуука лавровай лииһи угабыт.Тэллэй буспут уутугар 2 ост. ньуоска саахары кутан оргутабыт. Ол кэннэ 9 %-наах 1 ост. ньуоска уксууһу эбэбит. Ностуойбутун бааҥкалаах тэллэйгэ толору гына кутабыт. Бааҥкалары умса туруоран баран, халыҥ суорҕанынан сабабыт. 5-6 күн оннук туруордахха, бэрт минньигэс тэллэй бэлэм буолар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0