Чурапчы Далбар Хотуна, биир бастыҥ оҕуруотчута Маарыйа Саабына бу күннэргэ хаппыыстатын тууһуу сылдьар. Биһиги хаһыаппыт ааҕааччыларыгар кини маннык сүбэлиир.
Таҥара көлөһүнэ
Учуонайдар «хаппыыста» диэн тыл «капутум» («төбө») диэн былыргы грек тылыттан үөскээбит дииллэр. Чахчыта даҕаны, хаппыыста хачаана киһи төбөтүн санатар. Грек үһүйээнэ кэпсииринэн, Олимп Таҥаратын көлөһүнэ сиргэ тохтубута хаппыыста буолбут үһү. Остуоруйа омуннаах, үһүйээн эбиилээх дэниллэр эрээри, ханнык баҕарар оҕуруот аһын, эгэ, хаппыыстаны дуо, киһи көлөһүнүн тоҕон туран үүннэрэр эбээт. Ордук биһиги Чурапчыбыгар, быйылгы курдук кураан дьылга.
Хаппыыста көрүҥэ элбэх – үрүҥ сүрэхтээх, кыһыл сүрэхтээх, савойскай, брюссельскай, өҥнөөх, брокколи, кольраби... Олортон биһиги, сүрүннээн, үрүҥ сүрэхтээҕи үүннэриини уонна астааһыны балачча баһылаатыбыт. Буһарабыт, ыһаарылыыбыт, тууһуубут (аһытабыт), салаат оҥоробут. Голубцы, солянка, щи курдук бүлүүдэлэри бэлэмниибит.
Тууһуубут
Сиппит, сибиэһэй хаппыыста үчүгэй. Наһаа кыра хачаан соччо табыгаһа суох. Туох ханнык иннинэ хаппыыста тас өттүнээҕи күөх уонна алдьаммыт сэбирдэхтэрин быһан быраҕабыт. Хачааны хайдах табыгастааҕынан, бөдөҥү түөрт гына, ортону икки гына аҥаардыыбыт. Төрдүгэһин оҥо быһан ылабыт, сэбирдэхтэрин 3-5 миллиметр кэтиттээх гына кырбыыбыт.
10 киилэ кырбаммыт хаппыыстаҕа 180-200 грамм туус сөп буолар. Ону таһынан, сөбүлүүр буоллахха, 350 грамм моркуобу кутабыт, лавровай сэбирдэх эбэбит. Туустан ураты тмини (1 биэдэрэ хаппыыстаҕа 2-3 ост. ньуосканы) кутуохха эмиэ сөп. Сорох хаһаайкалар 1 устуука дьаабылыканы, 350 грамм уулаах отону кутан, амтанын байыталлар. Моркуобу синньигэс гына түөркэлээн эбэтэр чараастык кэрчиктээн быһан, эбэбит. Дьаабылыканы бүтүннүү эбэтэр аҥардаан, сиэмэлэрин хаатын кытары оҥо быһан ылан баран кутабыт. Уулаах отону ыраастаан кутуллар. Туус бастыҥ суортаах буолара ордук.
10 лиитирэ истээх иһит түгэҕэр ыраас хаппыыста сэбирдэҕин тэлгэтэбит. Ол үрдүгэр кырбаммыт хаппыыстаны, онтон моркуобу, тууһу, дьаабылыканы эбэтэр отону, онтон эмиэ хаппыыстаны араҥа-араҥа кутуталыыбыт. Тупсарар тумалары тууһу кытары эрдэ булкуйабыт. Хаппыыста хас биирдии араҥатын чиҥэтэн биэрэбит.
Өстүөкүлэ бааҥкаҕа эбэтэр лаахтаах биэдэрэҕэ тууһуурга хаппыыстаны моркуобу уонна атын да эбииликтэри кытары туспа тааска дуу, көстүрүүлэҕэ дуу булкуйан баран кутабыт. Эмиэ чиҥэтэбит. Иһити толору кэриэтэ кутан баран үрдүнэн ыраас сэбирдэхтэринэн сабабыт. Сарсыныгар хаппыыстабыт чиҥээн аллара түстэҕинэ, саҥаны кырбаан эбии кутан толоробут.
Уута олус элбэх таҕыстаҕына, ытык угунан дьөлүтэ анньан биэрэбит. Күүгэннирдэҕин ахсын ону холбуйан иһэбит. Хаппыыста аһыйарыгар саамай табыгастааҕынан 18-20 кыраадыс сылаас буолар. Биир нэдиэлэнэн хаппыыстабыт ситэр. Ону биирдии эбэтэр балтараалыы киилэлээх буорсуйаларынан полиэтилен мөһөөччүктэргэ эбэтэр билигин ханна даҕаны дэлэйбит киилэр аҥаардаах ас контейнердэригэр кута-кута, тоҥоро уурабыт.
Маринуйдуубут
Хаппыыстаны 5-6 миллиметр кэтиттээхтик кырбаан баран, оргуйа турар ууга 1 мүнүүтэ устата уган (бланшируйдаан) ылабыт. Ол иннинэ 1 лиитирэ ууга 120 грамм саахары, 50 грамм тууһу оргутан, онтон таһаарыах арыый иннинэ 200 грамм 9 %-наах уксууһу эбэн, ороһуол бэлэмниибит.
Биир лиитирэ истээх бааҥкаҕа бастаан 250 грамм итии ороһуолу, онтон түөртүү-биэстии устуука хара төгүрүк биэрэһи, гвоздиканы, 2-3 грамм корицаны кутабыт. Онно бланшируйдаммыт хаппыыстабытын бааҥка моонньугар диэри кутабыт. Ороһуол хаппыыстаны сабар буолуохтаах. Хаппахтаан баран бааҥкабытын 85 кыр. диэри ититэбит: лиитирэлээх бааҥкалары 15 мүнүүтэ, лиитирэ аҥардаахтары 3-5 мүнүүтэ устата.
Биир лиитирэлээх бааҥкаҕа кутуллар: 800 грамм бланшируйдаммыт хаппыыста, 30 грамм саахар, 12 грамм туус, 50 грамм уксуус, түөртүү-биэстии устуука хара төкүнүк биэрэс, гвоздика уонна 2-3 грамм корица хоһуоччуга.
Провансаль хаппыыста
Бэрт судургу оҥоһуулаах бүлүүдэни мин хаһан эрэ биир дьүөгэбэр көрүөхпүттэн, биһирээн астанабын.
Биирдии орто качаан хаппыыстаны, сүбүөкүлэни, икки моркуобу ылабыт. Сүбүөкүлэни биир чаас кэриҥэ ууга буһарабыт, сойбутун кэннэ кырбыыбыт. Хаппыыстаны уонна моркуобу уһун синньигэс гына кырбаан холбуубут, туустуубут, 2 чаайынай ньуоска саахары кутабыт. Симэһиннэрэ тахсыар диэри кыратык ыга тутан булкуйан баран, сүбүөкүлэни уонна 2 остолобуой ньуоска уксууһу кутабыт. Булкуйабыт уонна 0,5 лиитэрэ оргуйбут ууну кутабыт. Өстүөкүлэ бааҥкаҕа кутан, холодильникка угабыт. Үс-түөрт чааһынан сиэххэ сөп. Сиэх иннинэ уутун сүүрдэбит, күөх туманан киэргэтэбит уонна баар буоллаҕына, амтаны байытан, лимон симэһинин ыган табыгынатабыт.
Күннээҕи остуолга
Туустаах хаппыыста салаата
Киилэ аҥаара хортуоппуйу уонна икки устуука сельдерей силиһин тус-туспа буһаран кыра гына кырбыыбыт. Онно 400 грамм туустаах хаппыыстаны, биир эриэппэ луугу эбэбит. Ыстакаан аҥаара үүнээйи арыытын, амсайан көрөн туус, саахар кутабыт уонна булкуйабыт.
Туустаах хаппыыстаҕа хортуоппуйу
Биир киилэ хортуоппуйу хаҕылаан, туустаах ууга буһаран баран куурда түһэбит. Киилэ аҥаара туустаах хаппыыстаны кытары булкуйабыт.
Сыырдаах хаппыыста
Дьоҕус хачааны туустаах ууга буһаран, бысталаан баран, арыынан сотуллубут итии хобордооххо кутабыт. Үрдүнэн сымыыттаах үүтү кытары кыратык бурдугу, тууһу уонна биэрэһи булкуйан саба кутабыт. Итиэннэ духуопкаҕа уган, хойдуор диэри буһарабыт. Хойуннаҕына, түөркэлэммит сыыры эбии табыгынатабыт.
Хаппыыста туһата
* Эккэ-сииҥҥэ эттиктэр атастаһыыларын тупсарар.
* Куртах эти уонна сыалаах астары буһарарыгар көмөлөһөр.
* Эт-хаан ыраастаныытын, оһоҕос үлэтин күүһүрдэр.
* Аһыыр ас көрүҥүн элбэтэр, иҥэмтэлээх эттиктэрин байытар.
* Хаппыыста ороһуолугар тартроновай кислота элбэх. Бу кислота организмҥа сыаны мустарбат, ону ыйааһыннарын түһэриэхтэрин баҕарар даамалар болҕомтоҕо ылаллара наада.
* Салфетканы хаппыыста ороһуолугар илитэн, сирэй тириитин ыраастыыр мааска оҥоһуллар. Сирэй эбирэ, кыра баас куттала тута ааһар.
Ый хаамыытын дьайыыта
Оҕуруот аһыгар өр сыллартан идэтийбит омуктар билгэлэринэн:
– Ый туолуутугар тууһаммыт ас амтана соччото суох уонна түргэнник буортуйар. Холобур, хаппыыста аһыы уонна олус сымнаҕас буолар.
– Оттон сүбүөкүлэни чуолаан бу кэмҥэ тууһуур табыгастаах. Тоҕо диэтэххэ, туустаах сүбүөкүлэ төһөнөн сымнаҕас да, соччонон үчүгэй.
-
Информация о материале
-
Раиса Сибирякова
Раиса Сибирякова
-
-
1280