Ол курдук, сэрэдэҕэ Юрий Трутнев Дьааҥы улууһугар, Баатаҕай бөһүөлэгэр уонна Дьааҥы куоратыгар сылдьан, халаантан эмсэҕэлээһин туругун билсиэҕэ уонна халаан содулун туоратыыга суһал мунньаҕы ыытыаҕа.
Чэппиэргэ халааҥҥа уонна ойуур баһаардарыгар анаммыт мунньах буолуоҕа. Ону таһынан, «Биир кэлим субсидия» тиһигинэн уонна «Уһук Илиҥҥи концессия» ырычааҕынан федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр үбүнэн социальнай эбийиэктэри тутуу хаамыыта туспа боппуруоһунан көрүллүөҕэ диэн РИА-новости иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0