Айхал Габышев, «Саха Сирин тутааччыларын сойууһа» түмсүү генеральнай дириэктэрэ, Уһук Илин «Тутааччылар национальнай түмсүүлэрин» сүрүннээччитэ:
«Биһиги Саха Сирин олохтоохторун, Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан түргэнник, тупсаҕайдык тутуллар дьиэлэри ыыттыбыт. Ол дьиэлэри Стамбулга оҥотторон, номнуо быһылаан буолбут сиригэр тиэртибит. Турция олохтоохторо хаһыакка, ютубка итиччэ ыраах олорон биһигини умнубатылар, сахалартан көмө кэллэ диэн санаалара көтөҕүлүннэ, махталларын биллэрдилэр.
Ону таһынан, кинилэр көрдөһүүлэринэн 15 утуйар мөһөөччүгү, биир балаакканы «Хоту Тент» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Афанасий Махатыров биэрдэ, ону бу күннэргэ Москваҕа ыытыахпыт.
Маннык алдьархай аны хаһан даҕаны буолбатыгар баҕарабыт. Итинник түбэлтэҕэ киһи киһиэхэ көмөлөһүөхтээх, бэйэ-бэйэни өйөһүөхтээх», — диэн эттэ.
Алдьархай буолбут сиригэр элбэх дьиэ суулунна, эркинэ хайа барда, сир хамсааһыныгар куотан тахсыбыт дьон дьиэлэригэр киирэ иликтэр.
Үп-харчы өттүнэн көмөлөһүөн баҕалаахтар Москваҕа баар Турция посольствотын анал счетугар солкуобайынан ити ыйыллыбыт реквизитынан ыытыахтарын сөп. Киирбит харчы Турция өрөспүүбүлүкэтин Ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениетыгар (AFAD) тиксэриллэр.
Ким төһө кыахтааҕынан көрөн, «Хоту Тент» хампаанньа курдук тэрилтэлэр итинник көмөнү оңордохторуна, эбэтэр биир күннээҕи хамнастарын хомуйан ыыттахтарына, ыраах олорор түүр аймахтарбытыгар бу ыксаллаах кэмҥэ улахан көмө буолуо этэ.
Зираат Банк (Москва):
Расчетный счет: 40807810000000533704
Наименование получателя: Посольство Турецкой Республики в РФ
ИНН 9909064022
КПП 773860001
БИК 044525116
к/с 30101810700000000116
Кредит Европа Банк (Россия):
Расчетный счет: 40807810663900021847
Наименование получателя: Посольство Турецкой Республики в РФ
ИНН 9909064022
КПП 773860001
БИК 044525767
к/с 30101810900000000767
Харчыны ыытарга Турцияҕа сир хамсааһыныттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо диэн төлөбүр аатыгар суруйабыт.
Бу көмө дойдулар икки ардыларынааҕы сыһыаны тупсарарга туһаайыллыаҕа.
Ону таһынан, ийэ тылбыт түүр омук төрдө буоларын умнар сатаммат, Турцияҕа сылдьан олохтоохтор кэпсэтэллэрин иһиттэххэ, тылбыт майгыннаһар өрүтэ элбэх, турок тылын билбэт да киһи тугу саҥаралларын өйдүүр. Сэмэн Новгородов оҥорбут латыын алпаабытын аныгы Турция өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит бастакы бэрэсидьиэн Мустафа Кемаль Ататюрк турецкай алпаабыты оҥороругар туһаммыта.
Аны туроктар сахалары бэйэлэрин дьоннорун курдук сылаастык көрсөллөр, гостиницаҕа кэллэххэ, ким хайа иннинэ бастыҥ нүөмэри биэрэллэр.
Онон биир тыллаах, биир төрүттээх дьоммутугар көмөлөһүөх тустаахпыт. Кыра оҕолор сууллубут дьиэ анныгар хас да суукка сытан, сорохтор тыыннаах хааллылар. Урусхалламмыт дьиэлэрин оннугар саҥаны тутан, барытын чөлүгэр түһэрэргэ амарах санаалаах дьонтон киирбит үп-харчы күүс-көмө, тирэх буолуо.
- 2
- 1
- 1
- 0
- 0
- 1