Чахчы да, пионерскай тэрилтэ оҕону-ыччаты тѳрѳѳбүт дойдуну таптыырга, дьоhун гражданин буола улаатарга ииппит-үѳрэппит үтүѳтэ сүңкэн.
Бүгүн, олунньу 17 күнүгэр, Саха Сиригэр пионерскай хамсааhын саҕаламмыт күнүн бэлиэтиибит.
Устуоруйа чахчылара кэрэhэлииллэринэн, Дьокуускай куоракка 1924 сыл олунньу 17 күнүгэр сэбиэскэй оскуола иhинэн Федосеева баhаатайдаах бастакы пионерскай этэрээт 62 пионертан тэриллибит. Эмиэ бу сыл Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Намҥа, Үөһээ Дьааҥыга пионер этэрээттэрэ тэриллибиттэр. Сайын 70 пионер Чочур Мырааҥҥа лааҕырга сынньаммыт.
1925 сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр буолбут I эдэр пионердар кэмпириэнсийэлэригэр үөрэҕэ суох буолууну утары пионердар хамсааһыннара саҕаламмыт. Улуустарга пионер тэрилтэлэрин тэрийии кылаассабай охсуһуу, хомсомуол чилиэннэрин сонордоһуу усулуобуйатыгар ааспыт.
1925 сыл бүтэһигэр Саха Сирин пионерскай тэрилтэтэ 48 этэрээккэ 1244 пионеры уонна 153 октябреногы түмпүт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0