Билигин социальнай ситим күүскэ сайдан, ас астыыр, туорт оҥорор, иистэнэр, атын да төлөбүрдээх өҥөнү оҥорор дьон куруук атыылаһар килийиэннэрин түргэнник булар кыахтаахтар.
Ону таһынан, үлэтэ суох дьон бэйэ дьыалатын арыйалларыгар 150 000 солк. биир кэмнээх көмө ылыахтарын сөп. Итинник көмөнөн туһанарга Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка туруохтааххын, бэйэ дьарыктаах диэн регистрацияланаҕын уонна бизнес-былаан оҥостоҕун. Ону кыайан көмүскээбит дьоҥҥо харчы бэриллэр.
«Мой бизнес» киин үлэһиттэрэ биир кэмнээх харчынан көмө ыларга бизнес-былаан суруйарга, социальнай хантыраагынан туһанарга сүбэлээн-амалаан биэриэхтэрин сөп. «Мой бизнес» саҥа саҕалыыр уонна уопуттаах урбаанньыттарга көмө арааһын оҥорор.
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0