Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон бары күргүөмүнэн Балыктаах эбэҕэ киирэн "Арчы"(сал.Рожина Н.Ф.) уонна "Доруобуйа"(сал.Ноговицына М.И.) түмсүүлэр салайыыларынан сиэр-туом толорон, алаадьы ууран-күндүлээн, хомус тыаһынан доҕуһуолланан, алгыстанан-арчыланан сайын кэлбитинэн, этэҥҥэ күөххэ үктэммиппитинэн махтаннылар.
Надежда Федоровна алгыһынан Арчылар-Доруобуйалар анал сиэр-туом толордулар, саламанан төгүрүччү иилэн-күрүөлээн арчылаатылар. Салгыы сандалы тула олорон кэлбит ыалдьыттар саха маанылаах астарын арыылаах алаадьы, саламаат, кымыс, сибиэһэй кус миинин иһэн ирэ-хоро кэпсэттилэр, уруккуну санаан-ахтан инникигэ баҕа санааларын, алгыстарын этэн музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Көрү-нары көҕүлүтэ тутан, араас көрдөөх оонньууларга кыттан кыайыылаахтар анал бириистэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр.
Вера Фадеева "Амсат эрэ, дьэдьэҥҥиттэн", Дария Андросова уонна Рима Фадеева "Дьол ырыата", "Сайдыына" квартет "Эҕэрдэ ырыата", "Үрүйэ" үҥкүү коэлэктиибэ нарын үҥкүүтүнэн, Цыленжапова Татьяна хомуска сахалыы матыыптарынан тэрээһини киэргэттилэр. Тэрээһиҥҥэ сатаан кэлбэтэх тыыл бэтэрээннэр дьиэлэринэн сылдьан, байанай бэлэҕин үөрэ-көтө тиксэрдилэр. Аахсыйаҕа кыттыспыт дьоҥҥо, бастакы куһу амсаппыт байанайдаах булчуттарга, махтал тылларын анаатылар.
Өрүү көхтөөх-иллээх, сайаҕас санаалаах ыччаттаах бөһүөлэк инникилээх, үүнэн-сайдан иһиҥ диэн алгыс тылларын тиэртилэр. Бу күн – Саха Сиригэр Ырыа күнэ түбэспитинэн, киэһэлик кулууп дьиэтигэр аатырбыт "Кыталык" үҥкүү ансаамбыл оҕолоро кэнсиэр көрдөрдүлэр.
Сэргэх кэнсиэри көрдүбүт, үҥкүү-ырыа дьоро киэһэтигэр сылдьан сэргэхсийдибит.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0