ХАППЫЫСТА
Бу култуура арассаадатын кирээдэҕэ мин маннык олордобун: лууҥкаҕа биир ытыс күлү, хаппыыста анал уоҕурдуутун, үлтү мэлиллибит сымыыт хаҕын уонна, үчүгэй буор аҕыйах түбэлтэтигэр, балачча кунуһу кутабын. Онтон фитоспориннаах уунан бадараан хааһы курдук оҥоробун, онно арассаадабын иһититтэн таҥнары тутан баран, семидольнай сэбирдэҕэр диэри көмөн олордобун. Кураанах буорунан дьиппинитэбин.
Тулатыгар хатыыкай курдук, алыс бороһуок оҥорбокко, сымыыт хаҕын халыҥ соҕус гына тэлгэтэбин (даҕатан эттэххэ, сымыыт хаҕын торт оҥорор дьоҥҥо уонна кулинарнай сыахтарга сакаастаан ылабын. Кинилэр сымыыты мэлдьи уонна элбэҕи туттар буоланнар, сымыыт хаҕа бөҕөтүн бөххө таһааран быраҕаллар). Фитоспориннаах, экоуоҕурдуулаах ууну кутабын. Ууну наһаа сөбүлүүр. Кутуллубут уу сүүрэн хаалбатын туһугар, куоллаҕас иһигэр олордобун.
ҮӨНҮ УТАРЫ
Хаппыыста үөҥҥэ наһаа ыстарымтыа. Үөн ыспыт буоллаҕына, норуодунай ньыманан кыайтарбат. Билигин биир нэдиэлэнэн «көтөн» хаалар биопрепарат эмтэр баар буоллулар. Олортон мин саамай билэрим уонна туттарым – фитоверм. Хаппыыстабын бүтүннүүтүн фитоверм биопрепаратынан ыстарабын. Ол күһүн хаһан ситэн сиэниэр диэри элбэхтик уу кутуллан ааһар, ырааһырар. Атын химическай препараттары туттубаппын. Фитовермы барыларыттан ордоробун, үүнээйибэр барытыгар туттабын.
Үөн ыспатын туһугар мэлдьи көрө-истэ сырыттахха табыллар. Үөҥҥэ ыстарбатах хаппыысталарбын норуодунай ньыманан эмтиибин: дьүөкэттээх мыыланы теркалаан баран, онно «Зеленое мыло» диэни эбэммин, харах холооһунунан сылаас ууга суурадаһын оҥоробун. Итиэннэ хаппыыстам сэбирдэҕин истэри-тастары ыстарабын. Күлгэ бороһуок табаҕы («табачная пыль» диэн саад-оҕуруот тэриллэрин маҕаһыынын аайы атыыланар) булкуйабын, ол суох түбэлтэтигэр аҥардас күл да барсар уонна хаппыыстам инчэҕэй сэбирдэхтэригэр табыгынабын.
Онтон үөн сиэбит хаппыыстатын илиибинэн ыраастыыбын, үөнүн ичигэстиибин, фитовермы инструкция быһыытынан оҥоробун, үчүгэйдик умньаннын диэн 2 остолобуой ньуоска бороһуок үүтү эбэбин уонна ыстарабын, эмиэ ис-тас өттүттэн. Маны уоннуу хоно-хоно оҥоробун, ардах түһэн аастаҕына, эмиэ хатылыыбын. Өйдөөҥ:
1. Тэпилииссэҕэ да, таһырдьа да үүнэр үүнээйилэр хос хоннохторун кэмиттэн кэмигэр быһан биэрэ сылдьар олус туһалаах. Кэмин куоттардыҥ да сиппэккин, аны мунньан баран элбэҕи биирдэ хоннохтоотоххо ыарытыйаллар.
2. Үүнээйи сырдыгы силиһинэн ыллаҕына үчүгэйдик үүнэр, оҕурсу да, помидор да, биэрэс да буоллун, умнастарыгар күн тыгарын хааччыйан аллараа сэбирдэхтэрин тууруохха наада.
Үс-түөрт хонноҕу ыыппакка, биир-икки хонноҕу ыыттахха, быдан элбэх ас кэлиэҕэ. Мин бастаан элбэх аһы ылаары, элбэх угу ыытар этим, онтукаларым иҥэмтиэлээх эттиктэрин былдьасыһаннар, бэрт аҕыйах аһы биэрэллэрэ.
БӨДӨҤ АСТААХ ДЬЭДЬЭН
Билигин бөдөҥ астаах дьэдьэни дьиэҕэ анал иһиккэ олордуу тэнийэн эрэр. Мин хас да сыл «Московский деликатес» диэн суорду үүннэрбитим. Кэлин Италия ремонтантнай суортарын («Сан Андреас», «Капри», «Виваро», «Джоли», «Альбион») олордон, сүрдээҕин биһирээтим. Көрүүтүн таптахха, бэркэ үүнэр, сэтинньи бүтүөр диэри аһатар эбит. Тиһэх астарын хомуйаат, төрдүлэригэр диэри сарбыйталаатахха, ый кэриҥэ сынньаналлар уонна тохсунньуттан саҥаттан үүнэн киирэн бараллар.
ОЛОРДУУ
Бөдөҥ астаах дьэдьэн таһырдьа эмиэ бэркэ үүнэр. Буоругар хаппырыыһа суох гынан баран, таҥара сэрэҕи таптыыр, олордуох иннинэ буору араас ыарыыттан сэрэтэн, эрдэттэн эмтиир көдьүүстээх. Үчүгэйдик көпсөтүллэр, анныгар аммиак селитратын кутуллар. Ити силис уон аҥы арбайбатыгар, туора-маары барбатыгар көмөлөөх.
Сиппит арассааданы иһититтэн сэрэнэн ороон, алларааҥы сэбирдэҕин ылан, ыстакаан түгэҕэр баар дьапталҕа буолбут силистэрин бэркэ сэрэнэн тарбаҕынан бигээн кыратык арбатан биэрэн олордуллар. Силис өрө хантайыа суохтаах, барыта умса көрө сылдьыахтаах. Сүрэҕин көмүллүбэт. Сүрэх буор үрдүнэн сытыахтаах, көмүлүннэ да, клубника сытыйар, оттон аһары үөһэ турдаҕына, хатан хаалар.
Ити курдук олордоот, лутрасилынан бүрүйүллэр. Оччотугар сиигэ көппөт, сытыйбат, отоно буорга тохтубат, сыыс от үүммэт, буорун көпсөтөр да наадата суох буолар. Лутрасил суох түбэлтэтигэр, клубника үнүгэстэрин аннынан хаппыт күөх оту уонча сантиметр халыҥынан тэлгэтиллэр. Манныкка эмиэ сиик көппөт, сыыс от үүммэт, тэллэх от уоҕурдуу буола сытар, буор көпсөтүллүбэт. Ууну дэлэччи соҕустук кутуллар, бааһырбыт, саһарбыт сэбирдэхтэри ылан кэбиһиллэр.
КҮНҮ ТАПТЫЫР
Ордук сөбүлээн күн көрөр сиригэр үүнэр эрээри, кыра күлүгү тулуйар. Бастакы сибэккитин тууруллар, ити үүнээйи салгыы сайдарыгар, ситэригэр олус көмөлөһөр.
Ууну аһын хомуйан баран кутуллар. Уу куппут кэнниттэн хомуйдахха, аһа уу амтаннаах, сымсах, минньигэһэ суох буолар.
Лутрасилынан да, отунан да сабыллыбатах дьэдьэн буорун сэрэнэн көбүтүллэр, силиһэ алдьаныан эбэтэр хайа тардыллыан сөп. Кирээдэлэр икки ардыларыгар аммиак селитратын эбэтэр мочевинаны ыһан баран, кыратык буорунан тарыйыллар. Уу куттахха, суураллан, уоҕурдуу буолан киириэхтэрэ. Икки нэдиэлэ буолан баран, ол эбэтэр бэс ыйын бүтэһигин диэки, күлүнэн аһатыллар. Биир квадратнай миэтэрэ иэннээх сиргэ биир лиитэрэлээх иһиккэ кутуллубут күл сөп, итиэннэ эмиэ ууну өлгөм соҕустук кутуллар. Уопсайынан, клубника ууну сөбүлүүр.
УУҺАТЫЫ
Ийэтиттэн тахсар бытыктарынан төрүүр-ууһуур. Бастакы бытык үчүгэйдик үүнэр эрээри, бытыктан үүннэрэр буоллахха, ийэ дьэдьэн аһы биэрэрэ бытаарар. Онон элбэх аһы ылыаҕы баҕарар буоллахха, бытыгы ууһаппат ордук.
Арай, ас ылбакка, ууһатар сыаллаах буоллахха, бытыктары ийэттэн араарбакка, атын иһиккэ олордуллар. «НВ-101» препарат суурадаһыныгар 20 мүнүүтэ устата тута түһэн баран, ыстакааннарга олордуллар эбэтэр үүнээйи аттыгар сиргэ баттаат, баттаҕы туттарар шпильканан туттарыллар. Онон саҥа үнүгэстэр тахсаллар.
ЭБИИ АҺАТЫЫ
Бастаан үнүгэһи олордуох иннинэ буору уоҕурдуллар. Онтон үс сэбирдэх быкта да, азоттаах эбиилиги (холобур, күлү суурайбыт ууну) дозатын икки төгүл аччатан кутуллар. Ону клубника сүрэҕэр буолбакка, кирээдэлэр икки ардыларыгар оҥоһуллубут хорууга кутуллар, оччоҕуна силиһи быһа сиэбэт.
Иккис аһатыыны отоннонон эрдэҕинэ оҥоруллар. Анал эбиилик суох түбэлтэтигэр, банан хаҕынан уоҕурдуллар. Буоругар күлү табыгынатахха, кутуллар ууга суураллан, силис сайдарыгар наадалаах аһылык буолар.
Аһыйбыт үүт, суорат бэртээхэй эбииликтэр. Аһыйбыт үүт бактериялара силискэ киирэн, араас тэллэйдэри үтүрүйэн таһаараллар.
Иккис туһалаах ас – доруоһалаах саахар. Биир паачка түргэнник суурайыллар доруоһаҕа ыстакаан аҥаара саахары үс чаас устата көөнньөрөн, биэдэрэлээх ууга суурайан ыстарыллар. Биир атахха лиитэрэ аҥаара сөп, ити гынан баран, сүрэҕэр төрүт кутуллубат.
Ити курдук, эбии аһылыгы уларыта сылдьан киллэриллэр, арай, бурданы туттуллубат. Мин алҕаска бурданан аһатан кэбиһэммин, ыйы быһа ыарытыннарбытым.
ХАРЫСТАБЫЛ ДЬАҺАЛА
Тулатыгар кур мас көөбүлүн уонна сымыыт хаҕын үлүрүтэн куттахха, сыыллар кыракый көйүүрдэр өрөҕөлөрүн хайа тартаралларыттан кэһэйэннэр, үүнээйигэ төрүт чугаһаабаттар.
Ыарыыттан уонна үөнтэн сэрэтэн, уончалыы хонугунан быысаһыннаран, анал препараттарынан ыстара сылдьыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0