Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -7 oC

Быйыл Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгин Харбалаах бөһүөлэгэ  төрүттэммитэ 60 сыллаах үбүлүөйүн көрсө элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар, өссө да ыытыллыахтара турдаҕа.

Быйыл Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгин Харбалаах бөһүөлэгэ  төрүттэммитэ 60 сыллаах үбүлүөйүн көрсө элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар, өссө да ыытыллыахтара турдаҕа.

Бу ый нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ. Ол курдук, биир дойдулаахпыт, дьоллоох оҕо сааһа, оскуолатааҕы кэмнэрэ Харбалаахха ааспыт, билигин Дьокуусскай куоракка олорор Спартак Петров төрөөбүт нэһилиэгэр, олорбут уулуссатыгар эдэр көлүөнэ ыччаттарга чөл олоҕу, спорду пропагандалаан, спортивнай былаһаакканы оҥорон-тутан бэлэхтээтэ.

к_-_1.jpeg

Аһаҕас халлаан анныгар, сибиэһэй салгыҥҥа дьарыктанарга анаммыт былаһаакка аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр, толору спортивнай тэриллэрдээх.

к_-_2.jpeg

Былаһааккаҕа «А.Е.Мординов аатын сүгэр уулусса ситиһиилээх спортсменнара» диэн истиэндэ ыйанна. История кэрэһиттэрэ – аҕа көлүөнэ спортсменнарбыт ыччаттарбытыгар холобур буолаллар. Үтүө дьыала үйэлэргэ умнуллубатын.

к_-_3.jpeg

Өссө улахан үөрүүбүтүнэн биһиги нэһилиэккэ биэс улууһу таас чоҕунан хааччыйар Харбалаахтааҕы чох разреһын салайааччыта, Арассыыйа үтүөлээх шахтера Прокопий Дмитриевич Рахлеев норуот итэҕэлин ылан, Таатта-Томпо 32 №-дээх быыбардыыр уокурукка Ил Түмэн дьокутаатынан талылынна.

к_-_4.jpeg

Биир дойдулаахпытын Прокопий Дмитриевиһы ис сүрэхпититтэн үөрэн туран эҕэрдэлиибит. Төрөөбүт дойдубут, улууспут сайдарын туһугар таһаарыылаахтык үлэлээ-хамсаа диэн алгыыбыт.

к_-_5.jpeg

  • 19
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением