Тыа сириттэн эдэрдиин эмэнниин куоракка симиллии барбыта быданнаата. Онно олохсуйар элбии турар. Ол түмүгэр хотугу улуустар уонна кытыы тыа нэһилиэктэригэр оҕо төрөөһүнэ олус аҕыйаата. Кыра нэһилиэктэр уһуйааннара оҕо суоҕуттан сабылла тураллар. Оскуолаларбыт дьылҕалара эмиэ уустугурда.
Ол курдук бүтүн нэһилиэк дьонун санаата эмиэ самнар, кэхтэр. Сөптөөх көҕүлээһин хантан да күөрэйбэт. Тоҕо диэтэххэ сэниэлээх өттө дойдуларыттан тэйэн, киин сиргэ тиийэн кыахтарын таһаарыналлар.
Бу саха дьоно бары уопсай кыһалҕабыт буолла. Саха сахата тыа сиригэр эрэ төрөөн, үөскээн иитиллэр аналлаах. Атын суох.
Сахаларга, биһиэхэ, билиҥҥи буола турар балаһыанньа, үйэлэргэ суруллан хаалар быыһык кэм буолар. Биһиги ол ытык кэм толору туоһулара буолабыт. Саха омукка олус улахан суолталаах түгэннэр төрүт төрүөттэрэ үүннүлэр.
Ол курдук билигин саха дьоно омук быһыытынан өбүгэлэрбит тэлбит Ытык Аартыктарын салгыырбыт дуу, онтон тэбиллэн туоруурбут дуу диэн ыйытык турар. Ол ыйытык хардата саха дьонугар барыбытыгар туһаайыллар. Ынах ыыр, сылгы көрөр сахаттан саҕалаан Өрөспүүбүлүкэни салайар сахаҕа тиийэ туһаайыллар.
Саха чэлгийэр саргытын саха дьоно бэйэбит эрэ, бары бииргэ, биир идея тула түмсэн, саха омугун иитиллэр биһигин - тыа сирдэрин күүстээхтик өрө көтөҕөр толкуйдары тобулуох тустаахпыт. Бэйэбит эрэ. Бары бииргэ. Биир санааны иччилээн ииттинэн.
Дьиҥэр барыта кыаллар суол. Барыта БАСТАН саҕаланар. Бу айылҕа сокуона. Толкуйдаах тобулар. Бастатан Ытык Сүбэ сүбэтинэн Ил Дархаммыт Ил Түмэн депутаттарыгар анаан саха дьонун барыбыт аатыттан тыа сирдэрин сайдыытыгар анаммыт историческай этии киллэрэн, онно туһуламмыт ТИРЭХ сокуоннары айан-таҥан таһааралларын модьуйар ыйааҕа, бу Саха Омук баар буолуутун бастакы ирдэбилэ буолар. Тоҕо диэтэххэ, хамсанар хамсаныы барыта сокуоннай күүстээх, тирэхтээх уонна суолталаах буолуохтаах. Оччотугар эрэ тыа сирдэрин ӨРӨ КӨТӨҔӨР дьиҥнээх үйэлээх үтүө үлэлэр саҕаланыахтара.
Аһылык диэн туохтааҕар даҕаны бастакы турар стратегическай хайысха буолар. Сыһыан эмиэ оннук буолуохтаах.
Онтон тыа сирдэрин сайдар кэскиллэрэ биир эрэ хайысхалаах. Биир эрэ тутуһар тууралаах. Ол дьон күүһүн түмэн уопсай куолаан үлэлиир (коллективнай хаһаайыстыбалар) тэрилтэлэр тэриллэн, тыа сирдэригэр саҥалыы олох тыынын уонна күүһүн көҕүлүөхтээхтэр. Государственнай уонна чааһынай бииргэ сыһыаннаһыы бэрээдэгинэн. Оннук эрэ. Атын хайысха суох.
Ааспыт отут сыл ону чуолкай өйдөттө даҕаны, дакаастаата даҕаны.
Россия сүрүн сокуонугар онно сөп түбэһэр сокуон төрүтүн үөскэҕэ баар эбээт.
Ол онно тирэнэн Ил Түмэн дьокутааттара биһиэхэ, ол аата саха дьонун олоҕор, сөп түбэһэр сокуоннары таҥан киллэриэхтээхтэр. Ол кинилэр саха дьонун иннигэр Ытык Эбээһинэстэрэ буолар.
Өймөкөөн Сэмэнэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0