Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC

Биһиги дойдубутугар кэнники түөрт сылга, чахчы даҕаны, уустук кэмнэр сатыылаан, олохпут отуорун хамсаттылар.  Ордук Арҕаа дойдулар сааҥсыйалара,  Украинаҕа быстах байыаннай дьайыыларыттан аска–үөлгэ, атын да араас табаардарга сыана икки төгүл үрдээтэ. Ону хамнас, пенсия кыралаан эбиллиитэ хантан ситиэ баарай.

Биһиги дойдубутугар кэнники түөрт сылга, чахчы даҕаны, уустук кэмнэр сатыылаан, олохпут отуорун хамсаттылар.  Ордук Арҕаа дойдулар сааҥсыйалара,  Украинаҕа быстах байыаннай дьайыыларыттан аска–үөлгэ, атын да араас табаардарга сыана икки төгүл үрдээтэ. Ону хамнас, пенсия кыралаан эбиллиитэ хантан ситиэ баарай.

Куһаҕана диэн  дойдуга кыра дохуоттаах, ону таһынан кыаммат нэһилиэнньэ араҥата халыҥаан иһэр. Кинилэр кыһалҕаларын улахан хамнастаах үрдүк доуһунастаахтар өйдөөбөттөр уонна өйдүөхтэрин баҕарбаттар. Биһиги дьолбутугар, Ил Дархаммыт Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэни салайан, сайыннаран, тугу ситиһиэхтээҕин туһунан маннык чуолкайдык этппитэ: «Сүрүн соругум – дьон олоҕун тупсарыы. Кинилэр улахан дохуоттанан  олохторун уйгута тупсарын  ситиһии». Бу дьоһуннаах этиини, ордук тыа сирин дьоно – сылгыны, сүөһүнү, табаны иитэн, судаарыстыбаҕа эти, үүтү туттаран, дохуоттанааччылар санаалара өрө көтөҕүллүүлээх үөрэ истибиттэрэ.

Тыа дьонун олоҕо тубуста дуо?

СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотуттан уонна сонуннарыттан истэ-билэ сырыттахха, Саха Сиригэр бырамыысыланнас, тутуу, суол үбүлээһиннэрэ балысхан да үгүөрү элбэх, туолуута да аһара бэрт.  Оттон үлэһиттэрин орто хамнаһа – 90-120 тыһ. солк. Он кытта тэҥник үрдүк сололоохтор, алмаас хостооччулар, энергетиктар, гаас үлэһиттэрин  хамнастара 120-400 тыһ. солк. иһинэн халбаҥныыр уонна сотору-сотору үрдүүр. Биллэн турар, кинилэр пенсиялара эмиэ үрдүк. Онон бу ааттаммыт эйгэлэргэ 300-кэ тыһыынча үлэһиттэрин олохторун уйгута тупсубута саарбаҕа суох. Тыа сирин олохтоохторо онно ымсыырабыт эрэ.

Тыа сиригэр олорор 340-ча тыһыынча киһи олоҕо тубуста дуо? СӨ Бырабыыталыстыбатын, министиэристибэлэрин үгүс үлэһиттэрэ куорат оҕолоро. Тыаҕа сылдьыбатах тыа сирин, онно олорор дьон олоҕун хантан билиэхтэрэй? Биирдэ эмитэ  бырабыыталыстыба отчуотугар тыа сиригэр сылдьыһыахтара да, ол массыына үрдүттэн тугу көрүөххүнүй уонна өйдүөххүнүй. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр чуолаан Саха Сиригэр олорор тыа ыалларыгар сылдьыбаттар, хайдах олороллорун билбэттэр.   Оттон тыа хаһаайыстыбатын салаатын статистиката этэринэн, 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатынан 6157 эрэ киһи дьарыктаммыт. Оттон 2017 сыллаахха – 7377 киһи.  Ити аата үс сыл иһигэр тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан 1220 киһи көҕүрээн, дьарыктаммат буолбут.  Аны туран, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын 49-%-нын оҥорон таһаарар кэтэх хаһаайыстыбалары бу ахсааҥҥа киллэрбэт буолбуттара. Сыал-сорук оҥостон туоратан эрэллэр. Маннык дьаһаныы сайдыыны аҕалбат. Санаан көрүҥ, тыа сиригэр орто хамнас 35 тыһ. солк. туохха ордоро буолуой?

29

«Кыым» хаһыат бу сыл муус устар 27 күнүнээҕи нүөмэригэр суруналыыс Диана Клепандина «Ас-үөл сыаната: түстэ дуу, үрдээтэ дуу?» диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Кини бу ыстатыйатыгар, Саха Сиригэр продовольственнай табаарга, өҥөҕө сыана хайдах уларыйарын кэтээн көрөөрү, СӨ Идэлээх сойууһун Федерацията 2022 сыл устата кэтээн көрүүтүнэн чуолкайдаабыт даннайдарын таһаарбыта. Онно көстөрүнэн: «2021 сыл ахсынньытыттан 2022 сыл ахсынньытыгар диэри Дьокуускайга бородуукта сыаната маннык үрдээбит: ириис курууппа (кг) – 47,2%, гречка – 37,8%, саахар – 31,7%, бурдук – 26,7% , ынах этэ – 28,6%,  «Бурятмясопром» эт кэнсиэрбэтэ – 28,5% , «горбуша» кэнсиэрбэ – 25,1%, «килька» кэнсиэрбэ – 24,6%. Бэйэбит оҥорон таһаарар үрүҥ-аспыт. чуолаан «Молочный дождик» үүт-ас бородууксуйаларын сыаната ортотунан – 30% үрдээбитин бэлиэтээбиттэр».

Ыстатыйаҕа салгыы маннык этиллибит: «2023 сылга үктэммиппит түөрт толору ый буолан эрэр. Саҥа сылга сыанабыт эмиэ өрө тахсан барда».    Ол туһунан «Якутск вечерний»  хаһыакка бу сыл  муус устар 27 күнүгэр Михаил Романов  «Дорожает все» - диэн ыстатыйатыгар, «Сахастат» даннайдарыгар олоҕуран, сыана хайдах  үрдээбитин туһунан суруйбут. Кини 2023 с. аҥаардас кулун тутар эрэ ыйыгар сыана ыарааһынын ырыппыт. Онно этиллэринэн: «Но больше всего в марте повысились цены  на молоко пастеризованное с 2.5 – 3.2%-та жирности – на 4,1%-та”. Били премьер-миниистир Андрей Тарасенко 51,2 мөл. солк. атыылаһан аҕалтарбыт үүтүн бороһуогуттан  «Гормолзаводка» оҥоһуллубут үүт аһылык көрүҥүн арааһа, биир ый атыыланаат, сыаната үрдээн, Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн аҕалыллан атыылыы турар  үүттэрин сыанатын кытта  тэҥнэстэ.

IMG 2574

Оччоҕуна биһиэхэ – олохтоохторго үүт бороһуогун 51.2 мөл.солк. атыылаһан ылыы тугу туһалаата?!  Бэйэбит тыа хаһаайыстыбатын салаатын үбүлүүрбүт оннугар, хайа ааттаах дойду пальмовай арыыттан үүт бороһуогун оҥорорун үбүлээн,  кинилэргэ үтүө дьыаланы оҥорбуппут буолуой?  Иккис өттүнэн, дэлэҕэ даҕаны, суруналыыс Лоһуура: «Кырдьыгынан эттэххэ, бороһуок аата бороһуок, Маҕаачыйа сибиэһэй үүтүгэр туох тэҥнэһиэй?», – диэн саҥа аллайыа дуо. («Кыым»  2023 с. тохсунньу 12 күнэ. «Үүт бэлэмэ уонна... бороһуок үүт». Ааптар Татьяна Захарова-Лоһуура).  Көстөрүн курдук, хамнас намыһах, оттон сыана үрдүү турар. Олохтоох үүт-ас көрүҥэ аҕыйыыр, ол оннугар үүт бороһуогуттан үүт-ас көрүҥнэрэ күүскэ эбиллэр.

2023 с. муус устар 25 күнүгэр «Крестьянскай ырыынактан»  биир киилэ ынах арыытын 1498 солк. атыыластым. 2020 сыллаахха киилэ арыы 600 солк. этэ, билигин 2,5 төгүл үрдээбит. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннараары киллэрбит «Саҥа мэхэньииһим»  2021-2022 сылларга үлэтин түмүгүн көрдөххө, олохпут уйгутун итинник дьаһал   тупсарар кыаҕа олох да суох. Тыа сиригэр үлэтэ суох ахсаана элбиир,  олох хаачыстыбата тупсубат, куораттарга эдэр ыччат көһөн барыыта күүһүрэр.  «Хотели как лучше, а получилось как всегда», – диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

30

Тыа хаһаайыстыбата суох, тыа сирэ сайдыбат

«Кыым»  2022 с. ахсынньы 22 күнүнээҕи нүөмэригэр Владимир Степанов «Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Илдьититтэн» – диэн ааттаах ыстатыйата тахсыбыта.  Ыстатыйаҕа  этиллэринэн, Ил Дархан Айсен Николаев  бэйэтин илдьитигэр, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын  министиэристибэтин 2022 сыллааҕы үлэтин түмүктэрин мөлтөҕүнэн аахпыта. Кини Ил Түмэҥҥэ илдьитигэр маннык диэбит: «…Чахчы, бэйэ аһынан хааччыныы улаханнык эбиллибэккэ кэллэ, олохтоох ырыынакка бэйэ оҥорбут олохтоох ас-үөл олох аҕыйах. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун хааччыйар ыстаап оннугар, былыргылыы судаарыстыба биэрбит үбүн түҥэтииттэн өнүйбэккэ олорор. 

Владимир Степанов «Кыым» 2022 с. балаҕан ыйын бастакы  күнүнээҥи нүөмэригэр  «Тыа хаһаайыстыбата суох тыа сирэ сайдыбат» диэн ааттаах ыстатыйаны таһаарбыта. Кини ити ыстатыйатыгар тыа хаһаайыстыбатын салайыыга Үрдүкү салалта сыыһаларын чуолкайдык ыйан туран, ону хайдах туоратар туһунан, ким баҕарар өйдүүрүн курдук быһааран биэрбитэ. Кини ити дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйатыгар, Үрдүкү салалта сыыһаларын ыйан туран,  маннык дьоһуннаах этиилэри оҥорор: «Кыра үбү сыр-мыр кутан, сэниэлээх оҥорон таһаарыыны тэрийбэккин, элбэх бородууксуйаны ылбаккын. Тыа хаһааййыстыбатын сайыннарарга «көмөнү оҥоруу»  эрэ курдук сыһыаны тохтотуохпутун наада буолбатах дуо?... Тыа хаһаайыстыбата үбүлэнэр курдук да, өнүйбэт. Улахан кыһалҕата тугуй? Үгүс киһи тыа хаһаайыстыбатын үбүлэниитэ кыра диэн ааҕар. Тыа хаһаайыстыбатын  улахан производствотын тэрийэр буоллахха,  көдьүүһүн үчүгэйдик ааҕан баран,  Үөһээ Бүлүү улууһун салалтата туруорсубутун курдук бүддьүөт  15% -нын инбэстииссийэлиир сөбө чахчы». 

«СӨ тыатын хаһаайыстыбатын маннык дьаһанан сайыннарыҥ!», - диэн суруналыыс Владимир Степанов сайдар суолбутун ыйан биэрбит буолбат дуо!   Хомолтолооҕо  уонна кыһыылааҕа диэн, арай саха омуга киһи эбэтэр кии буоларын быһаарар  «судьбоноснай» диэбит  курдук, аһара улахан суолталаах боппуруоһу үрдүкү салалта ону олох өйдөөбөт курдук туттара уонна быһаара да сатаабата буолар. Туох эрэ атын, олох да хараҥа сыаллаахтар, хара дьайдаахтар  кинилэр өйдөрүн-санааларын буккуйан барбыттарын курдук. Дэлэҕэ даҕаны: «Тыа хаһаайыстыбатыгар «Балысхан» үбүлээһин буолла, «Беспрецедентнэй» үбүлээһин буолла,  онон «Баһырхай»  сайдыы буола турар», – диэхтэрэ дуо. Дьэ, буолар да эбит.

Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбата, Владимир Степанов эппитин курдук,   үбүлээһин кыратыттан  сайдыахтааҕар өссө таҥнары түһэрин, ол түмүгэр бэйэ оҥорор аһа дэлэйбэтин, ол оннугар сыаната ыарыы турарын, тыа киһитин олоҕо тупсубатаҕын бары бэркэ билэ сылдьабыт. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннаран аһынан-үөлүнэн нэһилиэнньэбитин хааччыйбатахпытына, кэлии аһы кэтэһэбит дуо?    

Ол эрээри тыа сирин олохтоохторо олохторун уйгута тупсарыгар  эрэллэрин сүтэрбэттэр. Тоҕо диэтэххэ, бырамыысыланнас бары салааларын, тутуу, суол, энергетика, көмүс, алмаас, гаас, ниэп, хас да сүүс тыһыынча киһи олохторун уйгута букатын, улаханнык  тупсубута, тыа сирин олохтоохторун  санааларын аһара көтөҕөр.   Тоҕо диэтэххэ , аны тыа сирин  эрэ дьонун   олохторун уйгутун  тупсарар тэрээһиннэр хааллахтара дии!  Ол иһин «Аны биһиги уочараппыт кэллэ,  онон биһиги олохпутун тупсарар дьаһаллары ылыахтаахтар» диэн бу барахсаттар бүтэйдии кэтэһэллэр.

28

Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыга таһаарар суоллар           

Бу билиҥҥи уустук кэмнэргэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрэгийэннэргэ биэрбит улахан тыын суолталаах «ас-үөл өттүнэн куттала суох буолууну хааччыйар» туһунан сорудаҕын толорорго, дьиҥнээх дьаһал биһиэхэ да тахсыаҕа уонна  онно сөптөөх үбүлээһин оҥоһуллуо диэн өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтатыгар эрэл улахан. Ил Дархан Айсен Николаев оннооҕор буолуох уустук, ыарахан боппуруостары быһааран, улахан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.

«Тыа хаһаайыстыбата суох, тыа сирэ сайдыбат» –  бу дириҥ хоһоонноох этиини биһиги тыа сирин олохтоохторо, олохпут туруктаах, сайдыылаах, дьоһуннаах  уонна кэскиллээх буолуутун туруорсарга уонна ону ситиһэргэ, дьон өйүн-санаатын уһугуннарарга, дьону биир сыалга-сорукка түмэр сүрүн идиэйэ, суолдьут сулус быһыытынан ылыныахтаахпыт. Ону олоххо киллэрэргэ маннык этиилэрдээхпин:

  1. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аска-үөлгэ куттал суох буолуутун хааччыйар туһунан улахан дьаһал ылыныллыахтаах.
  2. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар биэс сыллаах тус сыаллаах бырагыраама ылыллыахтаах.
  3. Пиэрмэрдэр, кээпэрэтииптэр, урбаанньыттар оҥорон таһаарбыт үүттэрин, эттэрин судаарыстыба дьиҥнээх сыанатыгар (себестоимость+рентабельность) атыылаһан ылыахтаах. Ол эбэтэр, биир киилэ үүт сыанатын 120 солк. тиэрдиэххэ, тэрээһиннээх уонна кэтэх хаһаайыстыба диэн араарбакка.  Оттон билигин судаарыстыба үүтү атыыласпат, көмө эрэ оҥорор. Ол көмөтүн кээмэйэ үүт дьиҥнээх барыһын  50%-нын да кыайбат.  
  4. Үлэ киһитин өйөөһүн, кини оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын иһин, атаҕастаабакка дьиҥнээх сыанатын төлүүртэн саҕаланыахтаах.
  5. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сыл ахсын өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 10% -тан итэҕэһэ суох үбү көрөргө.
  6. Ордук 600 киһиттэн кыра нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэргэ үлэ суоҕуттан, эдэр ыччат киин сирдэргэ талаһар уонна көһөн барар. Ыччат бардаҕына, оҕо төрөөбөт – оҕо уһуйааннара, оскуолалар сабыллыахтара, оччотугар нэһилиэктэр эстэр туруктаныахтара. Эдэр ыаллары тыаҕа олохсутарга туһаайыллыбыт бырагыраама эмиэ баар буолуохтаах.
  7. Тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин кээмэйин улаатыннарары туруорсар биир да оруннаах норуот дьокутаата суох. Арай Мария Христофорова 2022-2023 сылларга түөрт төгүл тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһаайыллыбыт мунньахтары тэрийэн ыыппыта олус кэрэхсэбиллээх. Үүнэр быыбарга мөлтөхтүк үлэлээбит дьокутааттары ама иккиһин талыахтара дуу? Дьон-сэргэ ону чопчу учуоттаан куоластыахтарын наада.
  8. Бэйэбит дьоммут оҥорон таһаарбыт тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын сөптөөхтүк батарыыны СӨ  Бырабыыталыстыбата тэрийиэхтээх, атын эрэгийэнннэртэн аҕалыы аска-үөлгэ, конкуренцияҕа кыайтарбат усулуобуйатыгар, кинилэргэ сөптөөх субсидия ананыахтаах.
  9. Арҕаа дойдулар ссаҥсыйаларын тууйбут кэмнэригэр, кинилэри кытары атыы-эргиэн да суох. Арассыыйа оҥорон таһаарар үүт, эт аска барыһа суоҕуттан, кыраныысса таһыгар атыыланар кыаҕа суох. Оччоҕо  Бүтүн аан дойдутааҕы атыы-эргиэн тэрилтэтэ тоҕо сымыйанан биһигини куттууруй? Онон кэтэх хаһаайыстыбалартан үүт, эт астары тутууну Бүтүн аан дойдутааҕы атыы-эргиэн тэрилтэтэ бопто диэн куоһурданыы булгуччу тохтуохтаах.  
  10. Өрөспүүбүлүкэҕэ сир реформатын уталыппакка, уһаппакка тэрийэн, сокуоннарынан бигэргэтэн, үлэтин ыыта охсуохха наада. Сир суох буоллаҕына, тыа хаһаайыстыбатыгар кээпэрээссийэ тэриллиэ уонна ыччат кэлиэ суоҕа.

Бу этиилэри олоххо киллэрдэххэ, Сахабыт Сирин дьоно-сэргэтэ дохуоттара улаатыаҕа, олохторун уйгута тупсуоҕа.

 Михаил Донской, тыа хаһаайыстыбатын, мелиорация уонна муниципальнай  сулууспа бэтэрээнэ

СИА хаартыскалара

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04