Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC

Бүгүҥҥэттэн, ахсынньы  12-13 күннэригэр, Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар Бишкеккэ түүр омуктар биир уһулуччулаах, биллиилээх уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Максим Кирович Аммосовка аналлаах «ХХ-ХХІ үйэлэргэ нацияны уонна уопсастыбаны үөскэтиигэ лидердэр оруоллара» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ аан бастаан тэриллэн ыытыллар.

Бу улахан, киэҥ таһымнаах тэрээһини Кыргыз, Казах, Саха Өрөспүүбүлүкэлэрин түөрт үөрэҕирии уонна наука тутаах тэрилтэлэрэ, ол курдук: Жусуп Баласагын аатынан Кыргыз национальнай университета, Ишеналы Арабаев аатынан Кыргыз судаарыстыбаннай университета,  Казах Өрөспүүбүлүкэтин наукаларын академиятын Чокан Валиханов аатынан устуоруйа уонна этнология института уонна Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бииргэ бэлэмнээн, тэрийэн ыытыахтара.

Кэмпириэнсийэ үлэтигэр Саха Сириттэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков салалталаах  дэлэгээссийэ кыттыыны ылыаҕа. Тэрээһҥҥэ киэҥ бырагыраама көрүллэр. Ол курдук, кыттааччылар саха омугун уһулуччулаах уолугар — Максим Аммосов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара, кини олоҕун, төлкөтүн туһунан киинэ көстүөҕэ, Максим Кирович дойдутугар, Кыргызстаҥҥа, Казахстаҥҥа үлэтин көрдөрөр, кэпсиир быыстапка аһыллыаҕа, аһаҕас лиэксийэлэр ыытыллыахтара.

Кэмпириэнсийэ кэмигэр ХИФУ ректора Анатолий Николаев уонна КНУ ректора Толобек Абдырахманов икки үөрэх тэрилтэтин бииргэ үлэлээһинин туһунан илии баттаһыахтара. Кэмпириэнсиэҕэ куйаар нөҥүө Казахстан, Саха Сирин, Арассыыйа учуонайдара, чинчийээччилэрэ, уопсастыбаннай диэйэтэллэр кыттыахтара.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04