Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин Үгэс буолбут хотугу салааларга уонна балыктааһыҥҥа салаатын чахчытынан, барыллаан түмүгүнэн (статистиканан бигэргэммит чахчы ыам ыйыгар тахсар), ааспыт 2023 сыл устатыгар 32,7 миллиард солкуобай суумалаах тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата оҥоһуллубут.

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин Үгэс буолбут хотугу салааларга уонна балыктааһыҥҥа салаатын чахчытынан, барыллаан түмүгүнэн (статистиканан бигэргэммит чахчы ыам ыйыгар тахсар), ааспыт 2023 сыл устатыгар 32,7 миллиард солкуобай суумалаах тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата оҥоһуллубут.

1,6 % кистэлэҥэ

Тохсунньу 1 күнүнээҕи чахчынан, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 165,8 таба баар. Бу иннинээҕи 2022 сыллаах көрдөрүүнү кытары тэҥнээтэххэ, таба ахсаана 1,6 %-ынан аҕыйаабыт. Ити биричиинэтэ биллэр: Аллайыаха уонна Аллараа Халыма улуустарыгар ииримтийии ыарыы, Өлөөн уонна Анаабыр улуустарыгар трахеиднай ринит, саркаптоз ыарыылар күөдьүйэ сылдьыбыттарын түмүгэ.

Өлөөн национальнай улууһун сугулаанын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Өлөөн» муниципальнай-унитарнай хаһаайыстыба сүрүн зоотехнига Марина Николаева иһитиннэрбитинэн, хаһаайыстыба барыта 4 595 табалаах.

– Ааспыт сайын төһө да сөбүгэр сөрүүн буоллар, таба улаханнык уойбатаҕа. Элбэх таба эмискэ ыалдьан өлбүтэ аймалҕаны таһаара сырытта, Москубаҕа тиийэ быһаарыллыбыт анаалыс түмүгэ быһаарбытынан, «трахеиднай ринит» диэн, ааспыт өттүгэр табаҕа хаһан даҕаны биллибэтэх, ынах сүөһүгэ биирдэ-иккитэ туран ааспыт ыарыы эбит. Хата, Бэтэринээрийэ департамена сэрэтэр-эмтиир дьаһаллары тута тэрийбитин түмүгэр, ыарыы тарҕаныыта бохсуллубута. Ол эрээри, эмтээһинэ олус ыарахан, аҥардас вакцинатын сыаната 8 мөлүйүөн солкуобай! Ити дьоҕус хаһаайыстыбаҕа олус охсуулаах. Күһүҥҥү өттүгэр табалар ыһылланнар, ыксата сылдьыбыттара. Билигин кыстык кэминэн баран иһэр, мэлдьи буоларын курдук «кутуруктаах» кыыл бэйэтин өлүүтүн ылаары, куруук кэтэһэ-манаһа сылдьар. Табаһыттар ону өйдүүллэр, табаны энчирэппэт туһугар сыралаһаллар. Ыйдааҕы хамнас ортотунан 50 тыһыынча солкуобай буолар, ону таһынан ас-үөл, оттук-уматык хааччыллар, ол эрээри, бу ыарахан усулуобуйаҕа эппиэттэспэт, – диир Мария Христофоровна.

Таба_-_4.jpeg

Үгэс тутуһуллар

Хаһаайыстыба түөрт ыстаадалаах. Урукку сыллартан тутуһуллан кэлбит үтүө үгэһинэн, табаһыттар дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьан үлэлииллэр. Ол курдук, муниципальнай-унитарнай тэрилтэ ыстаадаларыгар Христофор Васильевич Степанов, Дмитрий Христофрович Андреев, Роман Львович Семенов кэргэннэрэ чуумсуктар. Атыннык эттэххэ, табаһыттар үлэлиир-хамсыыр усулуобуйаларын тэрийэллэр, тоҥон-хатан кэлэр дьоҥҥо итии ас-үөл, сылаас таҥас мэлдьи баар буоларын хааччыйаллар. Сайыҥҥы уһун өрөбүллэргэ оҕолорун илдьэ сылдьан, өбүгэ төрүт үгэстэригэр үөрэтэллэр.

Оттон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан олорор бэтэрээн табаһыттар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн ыстаадаларга настаабынньыктыыллар, эдэр биир идэлээхтэригэр сүбэлии-амалыы сылдьаллар. Ити курдук дьиэ кэргэнинэн үлэлиир ыаллар уонна настаабынньыктар ыстаада ахсын баалларын уонна таһаарыылаах үлэҕэ тирэх буолалларын сүрүн зоотехник тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Таба_-_1.jpeg

Удьуор утума салҕанар

Өссө холкуос, сопхуос саҕаттан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри үлэлиир дьиэ кэргэннэртэн биирдэстэрин туһунан биһиги уопсастыбаннай кэрэспэндьиэммит Надежда Колодезникова маннык кэпсиир:

– Табаҕа оҕолорун уонна сиэннэрин кытары бары тутуспутунан көһө сылдьан үлэлиир биир ыалынан Степановтар буолаллар. Удьуор утумун аҕа баһылыга Василий Иванович Степанов Кирбэйгэ 1943 сыллаахха төрөөбүтэ. Табаһыт ыал оҕото буолан, таба ортотугар улааппыта. Тыаттан, табаттан тэйэ сылдьыбыт кэмэ аармыйаҕа сулууспалаабыт сылара эрэ буолуохтаах. Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэһин төлөөн кэлээт, холкуоска, онтон сопхуоска, убайын Степан ыстаадатыгар табаһытынан үлэлээбитэ, төрөппүттэрин, балтыларын кытары бары бииргэ көһө сылдьыбыттара. Судаарыстыба соҕотуопкатыгар туттарыллар табалары анаан уотар технологияны киллэрэн, сопхуос салалтата Степан Ивановиһы саҥа тэриллэр уотуу ыстаадатыгар биригэдьииринэн анаабыта, кини салайан илдьэ сылдьыбыт ыстаадатын быраатыгар Василийга туттарбыта.

Дьэ ол кэмтэн ыла Василий Иванович 41 сыл устата биригэдьиирдээбитэ, элбэх ыччаты, бэйэтин оҕолорун уонна аймахтарын, үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйбута. Кини үтүө суобастаах үлэтэ сиэрдээхтик сыаналанан, «Бочуот знага» уордьанын наҕараадаламмыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбута.

Валентина Васильевна уонна Василий Степановтар оҕолоро Семен, Христофор, Христина, Валентина, Иннокентий, Василий Күөнэлэкээннээҕи көс оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Тыаҕа уол, кыыс үлэтэ диэн араарыллыбат, кыргыттар эмиэ аҕаларын кытары күнүс таба манаһан, түүн табаны кэтээн улааппыттара. Бары табаһыт удьуор утумун салҕаан, араас сылларга табаҕа үлэлээбиттэрэ, билигин араас тэрилтэлэргэ үлэлииллэр. Аҕаларын уонна ийэлэрин туйаҕын хатаран уолаттара Христофор уонна Вася табаһыттыыллар.

Таба_-_2.jpeg

Ыстаада эрэллээх илиигэ

Саас ылан иһэрэ өтөн, сырыыны-айаны уонна эппиэтинэһи ыарырҕатар буолан, Василий Иванович 2011 сыллаахха биригэдьиириттэн уурайарыгар, ыстаадатын муоһатын уолугар Христофорга туттарбыта. Бэтэрээн табаһыт төһө даҕаны 80 сааһын томтойо туоллар, билигин даҕаны табаттан арахсар санаата суох.

-- Балантыына биһикки бөһүөлэккэ төрүт тэһийбэппит, сиэннэрбитин илдьэ табаларбытыгар бара турабыт. Эдэр табаһыттар үлэлии сылдьалларыттан үөрэбин. Олох биир сиргэ турбат, сайдыы баран иһэр, билигин тиэхиньикэ кэм элбээн, ыстаадалар көһүүлэрэ арыый чэпчээтэ, сибээс да тубуста, -- диир.

Христофор Васильевич орто оскуола кэнниттэн Уус Алдан улууһугар, Суоттутааҕы лиссиэйгэ үөрэнэн, тыа сиригэр олус наадалаах суоппар, сыбааркаһыт уонна силиэсэр идэлэрин баһылаабыта. Бэбиэскэ тутан, аармыйаҕа ыҥырыллан ытык иэһин төлөөбүтэ, «итии туочукаҕа» сылдьыбыта. Сулууспа кэнниттэн дойдутугар эргиллэн, биир сыл электро-ыстаансыйаҕа үлэлээбитэ... уонна табаларын ахтан, ыстаадаҕа тахсыбыта. Күн бүгүн ыстаадатыгар биир тыһыынчаттан тахса табалаах. Туруктара этэҥҥэ, эмиэ аһыҥастаах кыыллар, бөрөлөр, быгыахтааннар кутталы үөскэтэллэр. Хаһаайыстыба бастыҥ биригэдьиирэ уоппуска ыллаҕына, быраата Василий солбуйар. Дьэ итинник, таба барахсан кута иҥпит дьонноро ханнык да ыарахантан чаҕыйбакка, төрөөбүт-үөскээбит тыаларыгар бара тураллар.

Хоту дойду ыарахан усулуобуйатыгар туундара маанылаах манньыаттарын, табалары, көрөн-истэн уонна адьырҕа кыыллартан, үөнтэн-көйүүртэн, дэҥтэн-оһолтон араҥаччылаан дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьан үлэлиир-хамсыыр табаһыттар сыралара-харалара тилиннин, үлэлэрин түмүгэ таһаарыылаах буолуохтун.

Хаартыскалары Надежда Колодезникова ыытта

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением