Кыстыыр от 57 %-а
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин чахчытынан, атырдьах ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, күөх быйаҥ күрэҕэр 25 879 отчут, 10 743 тыраахтар, 8 888 звено, ол иһигэр 3 009 толору мэхэньисээссийэлээх, 3 678 ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх, 88 көлө, 2 022 илии звенолара тахсан, оттуу сылдьаллар. Барыта 242 552 гектар иэннээх ходуһа сирэ охсуллан, 247 604 туонна от кэбиһиллибит. Ити кыстыыр от 57 %-а.
Улуустарынан ылан көрдөххө, былааннарын Сунтаар 85 %, Нам 76 %, Ленскэй 71 %, Уус Алдан уонна Хаҥалас 70 %, Кэбээйи 67 %, Өлүөхүмэ 66 %, Уус Маайа 62 %, Мэҥэ Хаҥалас 59 %, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү 58 % толорон иһэллэр.
Хотугу улуустартан кыстыыр отторун Орто Халыма 69 %, Абый 62 %, Дьааҥы 49 % хааччыммыттар. Оттон былааннаах отторун Томпо 26 %, Мирнэй уонна Өймөкөөн 24 %, Алдан 18 %, Эбээн Бытантай 12 % оттооннор, кыраапыктан лаппа хаалан иһэр эбиттэр.
Дааҥы улууһун «Полюс холода» кэпэрэтиибэ (салайааччы Екатерина Портнягина) кыстыыр отун сороҕун күүлэй киэбинэн хааччынар үгэһиттэн быйыл даҕаны туораабата. Бастакы күүлэйин атырдьах ыйын 2-3 күннэригэр тэрийэн ыытта.
Хаартыскаҕа: Дьааҥыга ыытыллыбыт «Күүлэй-24» түгэннэриттэн.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0