Бу барахсаттар оччоҕо хаһан сынньаналларый? Даачата, эбиитин бас билэр тэлгэһэтэ суох, сылы быһа кыбартыыраҕа хаайтаран муунтуйар куорат олохтооҕо айылҕаҕа тахсан чэччийиэн, ыраас салгыны эҕирийэ тыыныан баҕарара кэмнээх буолуо дуо. Ону таһынан тэҥ саастаахтарын кытта илэ көрсөн, атах тэпсэн олорон сэһэргэһиэн баҕарара биллэр, ордук соҕотох олорор кырдьаҕастар.
Итини барытын өйдөөн, кинилэргэ олус сөптөөх, бэртээхэй бырайыагы оҥорбут Александр Яковлев-Айсаны кытта кэрэ айылҕалаах Сэргэлээх күөлүн үрдүгэр турар кини даачатыгар от ыйыттан саҕалаан, биир күннээх, итирдэр утаҕа суох культурнай cынньалаҥы тэрийэ сылдьабыт. Биир ыалдьыппыт: «Шампанскайа да суох бэһиэлэйдик сылдьыахха сөп эбит ээ», – диэн саҥа аллайбыта.
Усулуобуйа барыта баар: үчүгэй дьиэ-уот, холодильник, микроволновка, музыкальнай аппаратура, караоке, иһит-хомуос, иһэр уу, чэй, кофе, саахар, үүт, сытан сынньанарга ороннор. Автовокзалтан массыынанан илдьэбит, киэһэ аҕалабыт. Ыалдьыттар иккитэ аһыыр ас аҕалаллар, онтуларынан үстэ чэйдииллэр.
Сайыҥҥы өттүгэр сөтүөлэтии уонна тыынан хатааһылатыы баар буолан, балачча элбэх киһи сырытта. Тыынан хатааһылатыы ардаҕы да аннынан күһүннэри ыытыллар. Зонтигынан бүрүнэн олоруохха сөп. Өссө үчүгэй, романтика буоллаҕа. Итини олус сөбүлүүллэр эбит, ол иһин чаҕыйан олорсубатах аҕыйах. Уу чэбдик салгынынан тыынан астыналлар. Урут эрдибит дьон эрдэн көрөллөр. Күөлгэ үтүллэр туулары хостоон, хаптарбыт балыктары тутан-хабан, оҕолуу үөрэллэрин көрөр эмиэ наһаа үчүгэй! «Аҕам туулуурун санаан, долгуйдум», – диир кыыс баара. Ити курдук, чуҥкуйар бокуой биэрбэккэ, оҥостубут бырагыраамабытынан бииртэн биир дьарыктары ыытар буоламмыт, кэлбит дьон солото суох сылдьаллар, тарҕаһыы кэмэ тирээн кэллэҕинэ соһуйаллар, хомойооччу да баар. Араас талааннаахтар, кэрэхсэнэр дьарыктаахтар кэлэн кэпсииллэр, көрдөрөллөр. Педагогика билимин хандьыдаата Венера Марфусалова аһы хатаран хаһаанар тэрилин аҕалан көрдөрүүтэ, үөрэтиитэ уонна эмтээх оттору хайдах хомуйар, туһанар туһунан кэпсээнэ, от чэйинэн, хатарбыт балыгынан, этинэн барыбытын күндүлээһинэ улаханнык биһирэппитэ.
Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, норуот поэта Леонид Попов балта Изабелла Попова түөрт саҥа кинигэни суруйбутун туһунан, Мария Степанова Алдаҥҥа сааһырбыт дьон сайыҥҥы лааҕырыгар сынньаммытын туһунан кэпсээннэринэн, Дьокуускай биир үтүө мааны ыала, элбэх оҕолоох, сиэннээх, хос сиэннээх Васильевтар: Мария эдэрчи дьоннуун тэҥҥэ, сылайбакка үҥкүүлээн, оттон Валерий Үөһээ Бүлүүгэ норуот эмчитигэр Ньыыкан ойууҥҥа 20 cыл эрэйдээбит кэлэҕэйин хайдах эмтэппитин кэпсээн, бэркэ сэргэхситэн барбыттара. Оҕолору фольклорга уһуйааччы, Таатта далбар хотуна Александра Богдокумова тиэргэни, дьону оту буруолатан ыраастаабыта, алгыстаабыта уонна биһиэхэ алгыстаах хартыынаны бэлэхтээбитэ. Декабрина Попова гимнастика ыыппыта уонна тэлгэһэҕэ үүммүт эмтээх оттору көрдөрөн, эмкэ хайдах туһанары кэпсээбитэ олус кэрэхсэбиллээх этэ.
Оһуохайдьыт, үтүөлээх этээччи Каджана Евсеева оһуохайдатан үөрпүтэ. Сахалыы иискэ норуот маастара, хоһоонньут Вера Санникова айар үлэтин туһунан кинигэлэрин көрдөрдө, кэпсээтэ. Хайалаах Алтайга 40-ча сыл олорон баран көһөн кэлбит быраас Эльмира Докторова макраменан оҥоһукка, идэтийбит асчыт Люция Тихонова пиццаны астыырга маастар-кылаас ыыттылар. Киһи киһиттэн үөрэнэр. Онон бары өттүнэн дьоҥҥо туһалаах тэрээһиннэр буолаллар. Улуустартан балыыһаҕа көрдөрүнэ уонна сынньана кэлбиттэр элбэхтэр. Ордук хотуттан төрүттээх, көхтөөх дьон хото сылдьар. Тууһаммыт, тоҥ балыктарын, дьуухаланы, морошкаттан барыанньаны амсаталлар, бары дэлэй астаах буолаллар.
Фаина Старостина тэрийбит, Булуҥтан төрүттээх (үгүстэрэ Бороҕон диэн нэһилиэктэн), Дьокуускайга олорор кыргыттар 20 киһилээх түмсүүлэриттэн 9 буолан сынньаннылар. Сорохторо Булуҥтан кэлэ сылдьаллар этэ. Олус сэргэх көрүҥнээх, көхтөөх дьон. Фаина Старостина бырааһынньыктарга сынньанар дьиэлэри кэпсэтэн, онно хоно сытан көрдөөх оонньуу арааһын оонньоон- көрүлээн, сынньанар эбиттэр. Биһиэхэ биир оннук оонньууну ыыттылар. Хата, үтүктүөхпүт. «Сахаларбыт эрээри эбэҥкилии таҥас тиктэрбиппит», – дииллэр.
Ол таҥастарын кэтэн эбэҥкилии ыллаатылар.
Оттон Усуйаанаттан төрүттээх, Татьяна Протопопова салайааччылаах «Далбар хотун» ансаамбыл талааннаах кыргыттара сахалыы, эбээннии, юкагирдыы ылбаҕай ырыаларынан дьон кутун туттулар. Кинилэр эмиэ Ксения Дьячковская тэрийиитинэн сынньанар дьиэлэргэ хонон, ырыа ыллаан, сэһэргэһэн «тыыннарын таһаараллар» үһү. Ити үтүө холобур буолуон сөптөөх. Горнай кыыһа Анна Кубарова узбек үҥкүүтүн имигэстик толорон сөбүлэттэ. Айылҕалаах эмчит Татьяна Софронова тэлгэһэҕэ аал уоту оттон, алаадьынан айах тутан алгыстаан уонна ким туох талаана тахсыбакка, кистэнэ сылдьарын этэн биэрэн махталбытын ылла. Кини физическэй мэдисиинэ, Менделеев таблицатынан эмтэнэн, ыарыылартан босхолонуу туһунан кэпсиирин бары олус сэргээн иһиттибит. Галина Аммосова хаһыс да сылын ыраах Турцияҕа баран кыстыырын туһунан эппитин, ыҥырбытын истэн бары сэҥээрэн, күйгүөрэ түстүлэр, ыйыталастылар. Ону таһынан Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Хаҥаластан ыалдьыттарбыт анаан-минээн кэлэн ыалдьыттаан баралларын сөҕө, хайгыы саныыбын. Барыларыгар барҕа махтал буоллун!
Ыалдьыттар эдэр саастарын ахтыһан, чэйдии-чэйдии истиҥник сэһэргэһэн, күрэстэһэн, урукку кэм оонньууларын оонньоон, ырыаларын ыллаан, үҥкүүлээн сэргэхсийэн, сирэйдэрэ сырдаан, майгылара сымнаан, дуоһуйан баралларын көрөн, биһиги үөрэбит аҕай. Ватсап бөлөҕүнэн салгыы алтыһаллар, доҕордоһоллор эбит. Астыммыттарын этэллэрэ, махтал, алгыс үтүө тылларын аныыллара салгыы үлэлииргэ көҕүлүүр, санаабытын кынаттыыр. Сорохтор сөбүлээн, иккиһин, үсүһүн кэлэллэр. Толлубакка, соҕотоҕун да кэлэн, саҥа дьоннуун билсиһэн, тэҥҥэ сылдьан, күлэн-оонньоон барар дьон эмиэ баар. Ыал өттө иккиэн, эбэтэр соҕотохтуу эмиэ сылдьар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, ханна да буоларыныы, эр дьон дэписсиит, үксээбитэ, үс кэллэҕинэ — үөрүү. Эр дьону дьиэҕэ бүгэн олорбокко, көхтөөх сынньалаҥҥа сылдьыҥ диэн ыҥырабыт! Ыал буолуон баҕарааччылар, баҕар онно тэҥнээх доҕоргутун да булан ылыаххытын сөп ээ.
Сайыммыт барахсан наһаа кылгас кэмҥэ күлүм гынаат, элэс гынан хаалла. Аны көмүс күһүнү уруйдуу көрсөөччүлэргэ анаан балаҕан ыйа бүтүөр диэри үлэлиэхпит. Онон доҕоттоор, саатар, биир күҥҥэ олох очурун-чочурун умна, уйулҕаны уоскута, бүппэт түбүктэн, сиэн көрүүтүттэн сынньана Сэргэлээххэ кэлиҥ, сэргэхсийэн барыҥ, бэйэҕитигэр кэрэ бэлэхтэ оҥостуҥ! Сэргээбит дьон, биһиги төлөпүөммүтүн бэйэҕит булан ылыаххыт дии саныыбын.
- 6
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0