Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -15 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бэс ыйын 3 күнүгэр Биробиджан куоракка ыытыллыбыт «Уһук Илин уонна Забайкалье» диэн парламент ассоциациятын уопсай мунньаҕар Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев «Мунньуллар (накопительнай) биэнсийэ туһунан» федеральнай сокуоҥҥа кэккэ уларытыылары киллэрэргэ дьоһун этиини оҥордо.

Бэс ыйын 3 күнүгэр Биробиджан куоракка ыытыллыбыт «Уһук Илин уонна Забайкалье» диэн парламент ассоциациятын уопсай мунньаҕар Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев «Мунньуллар (накопительнай) биэнсийэ туһунан» федеральнай сокуоҥҥа кэккэ уларытыылары киллэрэргэ дьоһун этиини оҥордо.

Бу сокуоҥҥа 2024 сыллаахха от ыйын 1 күнүттэн киирбит уларыйыы чэрчитинэн, биэнсийэ мунньуллар чааһыттан биир кэмнээх төлөбүр муҥутуур сууматын быһаарыы бэрээдэгэ уларыйбыта. Төлөбүр кээмэйэ урут биэнсийэ мунньуллар уонна страховой чаастарын хабааттаһыыларынан быһаарыллар буоллаҕына, от ыйын 1 күнүттэн тиийинэн олоруу Бүтүн Арассыыйатааҕы кээмэйинэн суоттанар буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2024 сыллаахха 13 290 солкуобай этэ, онон биир кэмнээх төлөбүр муҥутуур кээмэйэ 412 тыһыынча солкуобайтан үрдэтиллибэт диэн буолбута. Ол эрээри, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри төлөбүрдэр 900 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээбиттэрэ. Арассыыйа Федерациятын Биэнсийэҕэ уонна социальнай страховкаҕа пуондатын Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи салаатын чахчытынан, 2023 сыллаахха биэнсийэ мунньуллар чааһыттан биир кэмнээх төлөбүрү биэрэр туһунан биэнсийэлээх дьонтон киирбит сайаапка 31,1 %-ыгар аккаас оҥоһуллубут буоллаҕына, 2024 сыллаахха бу көрдөрүү 41,8 %-ҥа тиийбит. Онуоха биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ биэнсийэ мунньуллар чааһыттан 10 %-ынан улааппыта сүрүн төрүөт буолбут.

Ал_Ильич.jpeg

Ону этэн туран, Алексей Еремеев мунньуллар биэнсийэ кээмэйэ хамнас таһымыттан тутулуктааҕынан, бу боппуруос Уһук Илин уонна Забайкалье олохтоохторугар эмиэ сыһыаннааҕын бэлиэтээтэ. Тоҕо диэтэххэ, биир кэмнээх төлөбүр тиийинэн олоруу Арассыыйатааҕы кээмэйинэн суоттанар буолан, үгүс кырдьаҕас бу төлөбүрү ылартан матар туруктаммыт. Билигин биэнсийэҕэ тахсар саастарын 1966-1974 сыллардаахха төрөөбүт дьоннор ситтилэр, кинилэр мунньуллар биэнсийэлэрэ 2002–2013 сыллардаахха түмүллүбүт буолан, бу иннинээҕи көлүөнэ дьонтон мунньунуулара быдан үрдүк, инньэ гынан, үгүстэр биир кэмнээх төлөбүрү ылартан матар кутталламмыттар. Онон боппуруоһу көрөргө биэнсийэҕэ уо.д.а. мунньунууну, инфляцияны эмиэ учуоттуур наада буолбут.

Биэнсийэ мунньуллар чааһа хамнастан эрэ буолбакка, баҕа өттүнэн усунуостан, ийэ хапытаалыттан, судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларыттан, Арассыыйа социальнай пуондатыттан таҥыллар. Билиҥҥи балаһыанньа дьон биэнсийэ мунньуллар чааһын үрдэтэргэ интэриэһин сүтэрэр кутталлаах.

Ал_Ил_-_01.jpeg

Судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондалара үп уганнар, биэнсийэ мунньуллар чааһын үрдэтэллэрин таһынан, өҥө оҥороллорун иһин харчы ылаллар. Инньэ гынан, кырасданьыын биир кэмнээх төлөбүрү кыайан ылбат биитэр болдьоҕо суох төлөбүрү талар түбэлтэтигэр, бу пуондалар биэнсийэ мунньуллар чааһыгар харчы уганнар, бэйэлэрин дохуоттарын хаҥаталлар. Болдьоҕо суох төлөбүр кээмэйэ тустаах киһи сааһын учуоттаан оҥоһуллар, 22 сылга (270 ыйга) тиийэ төлөнүөн сөп. Холобур, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр киһи олоҕун уһуна ортотунан эр дьоҥҥо 67, дьахталларга 79 саас буоллаҕына, мунньуллубут биэнсийэлэрин барытын ылар кыахтаах киһи ахсааннаах буоларыгар тиийэр. Онон, мунньуллубут биэнсийэттэн биир кэмнээх төлөбүр муҥутуур кээмэйэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 621 тыһыынча, Камчаатка кыраайыгар 725 тыһыынча, Магадан уобалаһыгар 716 тыһыынча, Чукоткаҕа 1 мөлүйүөн солкуобай буолуон наада.

– Маннык көннөрүү ылылыннаҕына, Арассыыйа Социальнай пуондатыгар улахан ороскуот таһаарыллыбат, тоҕо диэтэххэ, биир кэмнээх төлөбүр муҥутуур кээмэйин үрдэтии аҕыйах эрэгийиэҥҥэ (биэнсийэлээх киһи тиийинэн олорор кээмэйэ Арассыыйа орто таһымыттан үрдүк субъектарга) эрэ оҥоһуллар. Иккиһинэн, сотору кэминэн 1966-1974 сыллар кэннилэриттэн төрөөбүт дьон биэнсийэҕэ тахсар саастара кэлиэҕэ, кинилэр мунньуллар биэнсийэ тиһигэр хабыллыбатахтара, онон, бу кинилэргэ сыһыана суох, -- диэтэ саха спикерэ.

Мунньах кыттыылаахтара Алексей Еремеев этиитин өйөөтүлэр итиэннэ Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустиҥҥа «Мунньуллар биэнсийэ туһунан» федеральнай сокуоҥҥа кэккэ уларытыылары киллэриини көрөргө сүбэлиир суругу ыытарга быһаардылар.

Күн_к_-_2.jpeg

Ил Түмэн саайтын матырыйаалларынан.

Хаартыска: ЕАУо Сокуону таһаарар Мунньаҕын пресс-сулууспата

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0