Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл министиэристибэтин сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ суһал ыстааба иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, күөх быйаҥ күрэҕэр 24 019 отчут, 9806 араас мааркалаах тыраахтар, 9 234 звено, ол иһигэр 3 353 толору мэхэньисээссийэлээх, 3 358 ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх, 62 көлө, 2 373 илии звенолара үлэлии-хамсыы сылдьаллар. 205 733 гектар иэннээх ходуһа сирэ охсуллан, 211 948 туонна от кэбиһиллибит. Амма, Горнай, Томпо, Уус Алдан уонна Хаҥалас улуустарыгар, барыта холбоон 87 мобильнай биригээдэ тэриллибит. Ону таһынан 4 734 туонна сиилэс угуллубут, 810 туонна сенаж оҥоһуллубут.
Сыл тахсар отторун «Жатай» бөһүөлэгэ 120 %, Өлүөхүмэ улууһа 73 %, Абый улууһа 68 %, Амма улууһа 67 %, Мэҥэ Хаҥалас улууһа 66 % хааччыммыттар. Күн-дьыл туран биэрэн, бу нэдиэлэҕэ оттооһуун биллэрдик тэтимирдэ.
Хаартыска: эрэдээксийэ архыыбыттан
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
