Онон, сааскы ыһыыга анаан 3 туонна хортуоппуй сиэмэтигэр сайаапка киирбитэ. Ону бу күннэргэ Амма улууһун бааһынйа хаһаайыстыбатын баһылыга А.К. Фомин аҕалла. Ол курдук, хортуоппуй «Розара», «Крона» уонна «Винета» суортарын Кириэс Халдьаайы, Кэскил, Мэҥэ Алдан, Новай нэһилиэктэригэр, Хаандыга уонна Дьабарыкы Хайа бөһүөлэктэригэр тиэртилэр.
Улуус хаһаайыстыбалара быйыл 505 гектар бааһынаҕа үлэлир, ол иһигэр 245,6 гектарга биир сыллаах, 259,4 гектарга элбэх сыллаах оту ыһар былааннаахтар. Ыһыыга анаан 18 туонна эбиэс «Виленскай» суордун сиэмэтин Уус Алдан улууһун «Биэттэ-Агро» ХЭТ, ону таһынан 1,9 туонна элбэх сыллаах от уонна 0,2 туонна Судаан отун сиэмэтин «ЯкутАгроТрейд» ХЭТ аҕалтарарга кэпсэппиттэрэ. Билигин 18 туонна эбиэһи барытын аҕалан, Байаҕантай нэһилиэгэр 8 туонна, Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр 2 туонна, Саһыл нэһилиэгэр 5 туонна уонна Ыҥаа нэһилиэгэр 3 туонна тиэрдилиннэ. Ону таһынан, 0,2 туонна Судаан отун сиэмэтин аҕаллылар. Аны тимир суолунан 1,9 туонна элбэх сыллаах от сиэмэтэ Алтаайтан кэлиэхтээх.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0


