Ыйытыы: Дьиэҕэ олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көспүт киһиэхэ хамнаһын көҕүлүүр чааһын уонна бириэмийэтин сарбыйаллара сокуоннай дуо?
Николай Дегтярев: Тэрилтэ үлэһиттэрин дьиэҕэ олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көһөрөрүгэр сүрүн үлэ дуогабарыгар эбии сөбүлэҥ үһэрсиэхтээх. Онно үлэ хаамыыта, хамнас төлөбүрэ барыта ыйыллыахтаахтар. Бу сөбүлэҥи бэлэмнээһиҥҥэ тэрилтэ идэлээх сойууһун үлэһитэ кыттыһыахтаах, үлэһиттэр интэриэстэрин көмүскүөхтээх. Өскөтүн испэсэлиис үлэтин толору оҥорор буоллаҕына, хамнаһа толору кээмэйинэн төлөнүллүөхтээх. Оттон бүддьүөт тэрилтэлэригэр үлэһит орто хамнаһа төлөнүллүөхтээх диэн эрдэ бигэргэммитэ.
Ыйытыы: Мин чааһынай көстүүнэйгэ үлэлии сылдьан оҕолоно барбытым. Тэрилтэм миэхэ 16 тыһ. солк. эрэ босуобуйа төлөөбүтэ. Үлэм толору социальнай бакыаттаах. Хамнаспыттан страховой усунуоһу ыйын аайы тута турбуттара. Оччотугар элбэх босуобуйа ылыахтаах этим буолбат дуо?
Николай Дегтярев: Үлэҥ дуогабарыгар туох диэн суруллубутуй? Бастатан туран, онно сигэниэххэ наада. Өскөтүн дуогабарга ыйыллыбыт буоллаҕына, толору босуобуйа ылыахтааххын. Биһиги эн боппуруоскунан өссө сиһилии дьарыктаныахпыт.
Ыйытыы: Ил Дархан Айсен Николаев 65 саастарыттан үөһэ саастаахтар уонна дьарҕа ыарыылаахтар дьиэҕэ олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көһөрөллөрүн туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Билигин ону туһанан тэрилтэлэр кырдьаҕас үлэһиттэрин ууратан эрэллэр. Ити сокуоннай дуо?
Николай Дегтярев: Ити араҥаҕа киирэр үлэһиттэри ууратар сокуоннайа суох. Ил Дархан ыйааҕар, кинилэр дьиэлэригэр олорон үлэлиэхтээхтэр эбэтэр быстах кэмҥэ үлэттэн босхолонор туһунан балыыһа лииһин ылыахтаахтар диэн этиллэр. Өскөтүн тэрилтэ үлэһиккэ “больничнай” толорортон аккаастанар буоллаҕына, үлэһит бэйэтэ социальнай страховка пуондатыгар тиийэн “больничнай” ылар бырааптаах.
Ыйытыы: Биһиги кэргэмминиин дьиэттэн олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көспүппүт. Ол эрээри дьиэбитигэр биир эрэ көмпүүтэрдээхпит. Интернеппыт суох. Оҕолорбут эмиэ дьиэҕэ олорон үөрэнэллэр. Маннык түгэҥҥэ үлэ биэрээччи оргтиэхиньикэнэн хааччыйыахтаах, интернеппытын төлүөхтээх дуо?
Николай Дегтярев: Эппитим курдук, сүрүн дуогабарга сөбүлэҥ түһэрсиллиэхтээх. Онно үлэ биэрээччи оргтиэхиньикэнэн хааччыйыахтааҕын, интернет ороскуотун төлүөхтээҕин туһунан пууннар киириэхтээхтэр. Ол гынан баран, ити ирдэбил сокуонунан бигэргэнэ илик.
Бу күннэргэ дьиэттэн олорон үлэлиир туһунан сокуон барыла Госдумаҕа бастакы ааҕыыны ааста. РФ Үлэҕэ кодексатыгар дистанционнай үлэ туһунан ыстатыйа киирэ сылдьар. Ол иһин Идэлээх сойуустар федерациялара дьиэттэн олорон үлэлиири ыраахтан (дистанционнай) олорон үлэлииртэн араарар туһугар туспа ыстатыйанан Үлэ кодексатыгар киирэрин туруорса сылдьар. Билиҥҥитэ сокуон барыла оҥоһулунна. Ону Госдумаҕа иккис ааҕыыга учуоттууллар ини диэн эрэнэбит. Ити боппуруоһу Госдума дьокутаатын Галина Данчикованы кытта дьүүллэспиппит. РФ сокуонун барылыгар Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах бэйэтин этиилэрин ыыппыта.
Ыйытыы: Мин 62-лээхпин. Тэрилтэбитигэр дьон бөҕө коронавирустаата. Онон ыарыыттан куттанабын. Билиҥҥитэ дьиэҕэ олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көһө иликпит.
Николай Дегтярев: Үлэһиттэри дьиэҕэ олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көһөрүү туһунан сүбэ үлэ биэрээччилэргэ барыларыгар сыһыаннаах. Үлэ биэрээччилэр ону тутуһуохтаахтар.
Ыйытыы: Мин орто үөрэх кыһатыгар үлэлиибин. Устудьуоннарга кураторбын. Кураторга эбии төлөбүр көрүллэр дуо?
Николай Дегтярев: Бэрисидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан, оскуолаҕа кылаас салайааччыларыгар эбии төлөбүр көрүллэр. Орто үөрэх кыһалара ити ыйаахха хапсыбаттар. Маны таһынан, учууталлар ыраахтан олорон үөрэтэллэригэр көрсөр ороскуоттарын толуйаллар дуо диэн ыйытыылар киирэллэр. Ити боппуруос билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр сытар. Орто үөрэх кыһаларын эмиэ киллэриэххэ наада эбит.
Ыйытыы: Мин доруобуйабынан хааччахтаах үлэһиппин. Хамсык кэмигэр биһиэхэ туох эмэ ураты усулуобуйа көрүллэр дуо?
Николай Дегтярев: Доруобуйаларынан хааччахтаах үлэһиттэргэ ураты усулуобуйа көрүллүөхтээх диэн нормативнай докумуон суох. Ил Дархан 65 саастарыттан үөһэ саастаахтарга сыһыаннаах ыйааҕар, дьарҕа ыарыылар испииһэктэрэ баар. Өскөтүн ыарыыҥ онно хапсар буоллаҕына, “больничнайга” барыаххын эбэтэр дьиэттэн олорон үлэлиэххин сөп.
Ыйытыы: Бу сайын коронавируһунан ыалдьан, эмтэнэрбэр элбэх ороскуоту көрүстүм. Тэрилтэм ороскуотум сорҕотун толуйуон сөп дуо?
Николай Дегтярев: Ити тэрилтэттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Тэрилтэ идэлээх сойууһугар тахсан быһаарсыаххын наада.
Ыйытыы: РФ Бэрисидьиэнин ыам ыйынааҕы ыйааҕар олоҕуран, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүө дуо?
Николай Дегтярев: РФ Бэрисидьиэнин ыам ыйынааҕы ыйааҕа көтүрүллүбэтэҕэ. Ыйаах үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ орто хамнас туһунан дааннайдары хомуйууттан тутулуктаах. Ити дааннайдар быйыл муус устар ыйыгар биллибиттэрэ. Онон, бүддьүөт сорох эйгэтин үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ.
Ыйытыы: Балыыһа тэхиньиичэскэй үлэһитин хамнаһа үрдүө дуо?
Николай Дегтярев: Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Полина Бугаева ити боппуруоһу көтөҕөн турар. Ол эрээри, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин эппиэтэ биһигини астыннарбата. Санатан этэр буоллахха, балыыһа тэхиньиичэскэй үлэһитэ – “онтон да атын бүддьүөт үлэһиттэрэ” диэн араҥаҕа киирэр. Ол курдук, ити араҥа үлэһиттэрин хамнастара 3 % үрдүөхтээх. Ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр үп-харчы тиийбэт буолан, үрдэтии билиҥҥитэ тохтоон турар. Ол да буоллар, олох аккаастааһын суох. Биһиги бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ Бырабыытылыстыбатыгар официальнай ыйытыы ыытыахпыт. Билигин Госдума хамнас алын кээмэйин үрдэтэр туһунан сокуону ылынан эрэр. Онон, тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ үрдүөҕэ.
Ыйытыы: Тэрилтэбит дьиэҕэ олордон үлэлэппэт. Үлэ эрэсииминэн тэрилтэҕэ кэлэн үлэлиирбитин ирдиир. Мин кыра оҕолордоохпун. Маннык балаһыанньаҕа хайдах буолабын?
Николай Дегтярев: Билигин ити боппуруоска чуолкай хоруй суох. Тоҕо диэтэххэ, сокуоҥҥа чуолкайдык ыйыллыбатах. Госдумаҕа дьиэттэн олорон үлэ бэрээдэгин туһунан сокуон барыла көрүллэ сылдьар. Онно эрэгийиэннэртэн элбэх этии киирбитэ. Сокуон барыла ситэриллэн сотору киэҥ эйгэҕэ тахсыаҕа. Эн салалтаҕын кытта сирэй кэпсэтэн “больничнайга” барар эбэтэр дьиэттэн олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көһөр бырааптааххын.
Ыйытыы: Мин култуура үлэһитэбин. “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн тэрээһиннэргэ дьон кыттыыта адьас мөлтөх. “Былааҥҥытын толорботугут” диэн төрүөтүнэн хамнаспытын сарбыйаллар. Билигин култуура тэрилтэлэрэ барыта сабыллан тураллар. Итинник сарбыйаллара сокуоннай дуо?
Николай Дегтярев: Сокуоннайа суох. Онлайн тэрээһиҥҥэ кыттар дьон ахсаана учуокка киириэхтээх. Мин ити боппуруоһу култуура миниистирин кытта быһаарсыаҕым.
Ыйытыы: Мин мэдиссиинэ үлэһитэбин. “Былааҥҥытын толорботугут” диэн төрүөтүнэн хамнаспытын 2 төгүл сарбыйдылар.
Эппиэт: Билигин үлэ биэрээччилэр түгэнинэн туһанан хамнас көҕүлүүр чааһын уонна бириэмийэлэри сарбыйаллара баар суол. Оннук гыналлара сокуоннайа суох. Идэлээх сойуустар, СӨ Бырабыыталыстыбата уонна үлэ биэрээччилэр холбоһуктара илии баттаабыт үс өрүттээх сөбүлэһиигэ ити барыта сурулла сылдьар. Билигин биһиги, өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойуустарын федерацията, хамнаһы үрдэтиигэ акылаат үрдүүрүн туруорсабыт. Оччоҕо үлэ биэрээччи көҕүлүүр чааһы быһара уонна хамнаһы сарбыйара тохтуо этэ.
Ыйытыы: Идэлээх сойуустар эдэр лидердарын хайдах өйүүгүт?
Николай Дегтярев: Тэрилтэҕэ идэлээх сойуус үлэһитигэр уопсастыбаннай үлэтин толороругар анал бириэмэ көрүллүөхтээх. Ол туһунан тэрилтэ үлэҕэ ылыы дуогабарыгар суруллубут буолуохтаах. Идэлээх сойуус эдэр лидердарыгар үлэ быраабын туһунан үөрэтэр бырагырааманы биэрэбит. Биһигиттэн, өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойуустарын федерациятыттан, кэлэн ыйытылаһыаххытын сөп. Маны таһынан, сылын аайы саас идэлээх сойуустар лидердарын сүлүөтүн, сайын идэлээх сойуустар эдэр үлэһиттэрин форумун, күһүн эдэр лидердар сүбэ мунньахтарын тэрийэбит.
Чопчу хоруйдары ыллылар
Саха өрөспүүбүлүкэтин идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дягтерев 1 чаас кэриҥэ инстаграм ситим нөҥүө үгүс ыйытыыга хоруйдаата. Дьон чопчу хоруйдары ылан астынна. Оттон Николай Дягтерев маннык быһа сибээскэ ыйга биирдэ хайаан да тахсарын туһунан иһитиннэрдэ уонна ыйытыылары эрдэ биэдэмэстибэ саайтыгар анал үллэһиккэ угалларыгар көрдөстө. “Оччоҕо хоруйдарым өссө толору буолуохтара”, – диэн бэлиэтээтэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
















