Сүрүн сыалынан өрөспүүбүлүкэ сокуонун олохтоох салайыныыны тэрийии боппуруостарын сүрүннүүр федеральнай нуормалыыр быраап аакталарыгар сөп түбэһиннэриинэн буолар. Чуолаан, федеральнай сокуон уларыйыыларынан олохтоох салайыныы уорганнарын боломуочуйаларыттан муниципальнай олох-дьаһах хонтуруолун оҥоруу ылыллар. Маны таһынан, сокуон барылынан федеральнай сокуонунан олохтоммут олохтоох салайыныы уорганнарын сорох боломуочуйаларын 2028 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри болдьохторун уһатар туһунан көрүллэр.
Сокуону ылыныы өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай сокуоннар олохтоох салайыныы эйгэтигэр сөп түбэһиилэрин хааччыйарга, ону тэҥэ олохтоох салайыныы уорганнара бэйэлэрин боломуочуйаларын олоххо киллэрэллэригэр наадалаах быраап усулуобуйатын тэрийэргэ кыаҕы биэриэҕэ.
Хаартыска Ил Түмэн пресс-сулууспатыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0



















