Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата Уһук Хотугу оройуоннарга уонна онно тэҥнэммит сирдэргэ урутатан тиэрдиллэр таһаҕас кэрискэтин кэҥэттэ.

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата Уһук Хотугу оройуоннарга уонна онно тэҥнэммит сирдэргэ урутатан тиэрдиллэр таһаҕас кэрискэтин кэҥэттэ.


Испииһэккэ социальнай суолталаах, ураты наадыйыллар 30 табаар көрүҥэ киллэрилиннэ. Ол иһигэр бааллар: кэнсиэрбэлэммит оҕуруот аһа уонна тэллэй, итирдибэт утахтар, уксуус, томаат соуһа уонна томаат паастата, бурдук култуурата, тыа хаһаайыстыбатын сүөһүлэригэр аналлаах комбикуорум, уоҕурдуудар.
Хотугу собуос бастакы категориялаах таһаҕастара урутатан тиэйиллэллэр уонна тиэрдиллэллэр. Эрэгийиэннээҕи былаастар Бырабыыталыстыба бигэргэппит бэрээдэгэр олоҕуран, кууһунан уонна устууканан (розницанан) атыылааһыҥҥа маннык табаардар муҥутуур сыаналарын бэйэлэрэ олохтуохтарын, стратегическай саппааһы үөскэтиэхтэрин уонна бу табаардары атыылаһарга, тиэйэргэ-таһарга анаан биисинэскэ бүддьүөттэн кирэдьиит көрүөхтэрин сөп.
Хотугу собуос – Уһук Хотугу оройуоннарга уонна онно тэҥнэммит сирдэргэ олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар сүрүн табаардары харыыта суох тиэрдиини сүрүннүүр дьаһаллар итиэннэ үбүлээһин ырычааҕын кэлим тиһигэ.
Бу туһунан Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын МАХ ханаала суруйда.

Хаартыска: РФ Бырабыыталыстыбатын МАХ ханаала.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0