Кэпсэтиигэ Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ, норуот дьокутааттара, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр уонна төрүт тылларга сыһыаннаах уопсастыбаннай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ, ыҥырыылаахтар кытыннылар.
Түөрт сүрүн тулааһын
Сүрүн дакылааты хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, норуот дьокутаата Олег Марков оҥордо. «Саха» НКИХ – Уһук Илиҥҥэ биир саамай бөдөҥ хампаанньа, өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уонна Москубаҕа, Владивостокка холбоон 20 салаалаах. Биэриини «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Тооку», «Мамонт» телеханаалларынан, «Тэтим» араадьыйа ыстаансыйанан төгүрүк суукка устата оҥорор. «Саха» НКИХ биэриитин 80 %-а, «Тооку» биэриитин 88 %-а, араадьыйа биэриитин 90 %-а сахалыы ыытыллар, нууччалыыга «Якутия24» телеханаал, хотугу норуоттар тылларыгар «Геван» эрэдээксийэ үлэлиир. «Медиахиллз» медиакэмнээччи көрдөрөрүнэн, 2024-2025 сс. «Саха» НКИХ телеханаал рейтиҥҥэ уонна көрүүгэ «Россия 1», Бастакы уонна НТВ ханааллары кэннигэр хаалларбыт.
Маннык үрдүк таһымы хампаанньа түөрт сүрүн тулааһыҥҥа тирэҕирэн ситиспит. Бастатан туран, фольклор биэриилэрин аныгы технологиянан интерактыыбынай шоу-киэбинэн байытан, «Олоҥхо батл», «Тыый, чабырҕах», «Күн оһуокайа», «Өркөн өй» бырайыактарга эдэр дьон болҕомтотун тардыбыт. Иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэртэн, күрэхтэһиилэртэн оҥоһуллар быһа биэриилэр норуоту сомоҕолуур тулааһын буолбуттар. Быйылгы «Дыгын оонньуулара» куйаар ситимигэр 4 мөлүйүөн көрүүнү биэрбит. Үсүһүнэн, дьиэ кэргэни түмэр, көлүөнэлэри ситимниир, итэҕэһи-быһаҕаһы арыйар, арыгы, сүүйүүлээх оонньуу, төлөпүөнүнэн түөкүннээһин курдук дьаллыктары саралыыр, сэрэтэр аналлаах биэриилэри оҥорор, киинэ сэрийээллэри устар. Төрдүс тулааһын Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан 2024 с. бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлиир «Тооку» оҕо телеханаала буолар. Дьэрэкээн ойуулуктаах сахалыы «Түүлчээннэр», «Айтал уонна аптаах күүс», «Куйаар оҕолоро», эбээннии «Кындыкан букан», эбэҥкилии «Минҥи эведи турэнмэ», дьүкээгирдии «Мит лэбиэ» о.д.а. мультсэрийээллэр оҕо аймах кутун туттулар. «Тооку уонна Чысхаан» ойуулук Бүтүн Арассыыйатааҕы «ТЭФИ-кидс 2026» нассынаалынай бириэмийэ «Оҕолорго аналлаах бастыҥ анимационнай киинэ» анал аатынан бэлиэтэннэ. Арассыыйатааҕы «ТЭФИ-регион» куонкуруска «Харчы» уонна «Уот Дьулустаан» сэрийээллэр бастыҥынан билиниллибиттэрэ хампаанньа уус-уран биэриилэргэ лиидер буоларын кэрэһилиир. «Геван» эрэдээксийэ эбэҥки, эбээн, дьүкээгир, дулгаан уонна чукча тылларынан 40 мүнүүтэлээх уруоктары күннэтэ биэрэр. Саха араадьыйата 2024 с. саҕалаан, оскуола бырагыраамматыгар киирбит уус-уран айымньылары артыыстарга уонна диктордарга аахтаран, аудиоҕа устар.
– Бу биллэн турар, судаарыстыба өйөбүлүн итиэннэ хампаанньа үлэһиттэрин айар үлэлэрин түмүгэ буолар. 2027 с. бүддьүөт барылыгар хампаанньаны өйөөһүҥҥэ 539 мөл. солк. (быйылгы харчы 63 %-а), «Тоокуга» 728 тыһ. солк барылламмыта (2026 с. – 34,5 мөл. көрүллүбүтэ), онон ситиһиллибит кирбиини мүччү туппат туһугар, кэлэр пленаркаҕа иккис ааҕыыга үбүлээһини быйылгы сыл таһымыттан намтаппакка көрдөһөбүн, – диэн түмүктээтэ Олег Марков этиитин.
«Саха» НКИК – ийэ тыл биһигэ
Хос дакылааты уопсастыбаннай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ оҥордулар. «Ийэ тыл кэскилэ» хамсааһын салайааччыта, учуонай Вилюяна Никитина нассынаалынай теле-араадьыйа ханаал үчүгэйдик үлэлиир, оҕоҕо аналлаах биэриилэри оҥорор эрэгийиэннэригэр, ол иһигэр Саха Сиригэр, оҕолор төрүт тылларын билиилэрин көрдөрүүтэ үрдүгүн эттэ. Чинчийии түмүгэ «Тооку» телеханаал үлэлиэҕиттэн оҕолор ийэ тылга интэриэстэрэ улааппытын көрдөрдө диэтэ, хампаанньа өссө сайдан иһэригэр баҕарда. «Күөрэгэй» түмсүү чилиэнэ Алла Ноговицына 2007 с. Дьокуускайга Хакасияттан кэлэ сылдьар дьахтар болуоссакка оҕолор сахалыы кэпсэтэллэрин истэн олус долгуйбутун, хакаастар тылбытын умуннубут диэбитин аҕынна. «Күөрэгэй» түмсүү куоракка сахалыы эйгэни кэҥэтэр сыалтан, «Яндекс музыкаҕа» сахалыы ырыалары киллэрбитин, «Пятерочка» маҕаһыыннарыгар сахалыы суругу-бичиги оҥорбутун кэпсээтэ. «Саха» НКИК биэриилэрэ оҕолору төрөөбүт тылга уһуйалларын махтана бэлиэтээтэ.
– Оҕолор тэлэбиисэринэн, араадьыйанан араас сонуну, ырыаны-тойугу күннэтэ көрөннөр-истэннэр, ийэ тылларын аргыс оҥостоллор, эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэллэр. Итинэн «Саха» НКИК норуот кэскилин кытары ситимнэннэ, ийэ тыл биһигэ буолла. Төрөөбүт тылбыт сарсын баар буоларын туһугар, биһиги бүгүн бары Ньургун Боотур буолуохтаахпыт, онон Олег Марков этиитин өйүөҕүҥ, – диэтэ.
Барыта учуоттаныа
Төгүрүк остуол кыттыылаахтарын ыйытыылара сүрүннээн үбүлээһиҥҥэ туһуланна. Онуоха Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бүддьүөт барылын бастакы ааҕыыга сүрүн параметрдар ууруллалларын, онтон федеральнай бүддьүөт көрүллүбүтүн, төһө харчы кэлэрэ чопчуламмытын кэнниттэн иккис ааҕыыга ситэриллэрин быһаарда. Холобур, төрүт тыллары харааннааһын уонна сайыннарыы бырагырааматыгар бастакы ааҕыыга 100 тыһ. солк. көрүллүбүтүн, Бырабыыталыстыба иккис ааҕыыга ону 2026 сыл таһымыгар (100 мөл. солк.) тиэрдэргэ былаанныырын эттэ.
– Үбүлээһинэ суох хаалыахпыт дии санаабаппын. Кэлэр нэдиэлэҕэ дьокутааттары кытары сүбэ мунньахтар ыытыллыахтара, онно үбүлээһин туругун, ол иһигэр «Саха» НКИК хааччыллыытын боппуруоһун көрүөхпүт, – диэтэ.
Биллэрин курдук, «Саха» НКИК «Иһитиннэрэр-биллэрэр уопсастыбаны сайыннарыы» бырагырааманан үбүлэнэр. Бүддьүөтү иккис ааҕыыга бу бырагырааманан 867 мөл. солк. эбии көрөргө сайаапкаламмыта Үп министиэристибэтигэр барыллаан сөбүлэҥи ааспытын туһунан инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистиир Петр Николаев иһитиннэрдэ. Дьэ бу харчыттан «Саха» НКИХ-ҕа 323 мөл., «Сахабэчээккэ» 127 мөл., сыыппара уонна аналоговай теле-араадьыйа биэриигэ, «Кыым» хаһыакка 20 мөл., «Ил Түмэн» издательскай дьиэҕэ 3,4 мөл. солк тыырыллыахтаах эбит.
Александр Атласов «Тыа сирэ» биэрии тоҕо сүппүтүн ыйыппытыгар, тыа хаһаайыстыбатын, тыа сирин туһунан бары биэриилэргэ сөптөөхтүк сырдатыллара, ол эрээри, тустаах министиэристибэ көҕүлүүр түгэнигэр, анал биэрии сөргүтүллүөн сөбө этилиннэ.
Кэскилбитин саныыбыт
Бириэмэ ыгымынан тыл аҕыйах киһиэхэ бэрилиннэ. «Саха» НКИК бастакы генеральнай дириэктэрэ Семен Протодьяконов хампаанньа төрүттэммит устуоруйатын сырдатта уонна иһитиннэриигэ-биллэриигэ куттал суох буолуутун хааччыйан, тэлэбидиэнньэҕэ да, араадьыйаҕа да харчыны кэччэнэр табыллыбатын санатта. Тылларын тамаҕыттан иһиттэххэ, төгүрүк остуолга сорохтор улахан сарбыйыы, сабыллыы күүтүллэрин курдук санаалаах кэлбиттэр, ону дьокутааттар уоскуттулар.
– «Хампаанньаны сабан эрэллэр» диэн сыыһа өйдөбүл үөскээмиэн наада, бу эбии өйөбүл туһунан кэпсэтэ олоробут. Билигин иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ, куйаар ситиминэн эмиэ сэрии бара турар, дьон өйүн-санаатын араастаан булкуйаллар, түөкүннүүллэр. «Саха» НКИК ону утары охсуһарын, саха олоҕун оҥкулун тутан олорорун бары өйдүүбүт, – диэтэ Андрей Находкин.
Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев өрөспүүбүлүкэ иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай сириэстибэлэрин өйөөһүнү сокуонунан бигэргэтэргэ эттэ. Түмүк тылы этэригэр Вячеслав Куличкин кыттыбыттарга махтанна, «Саха» НКИХ-ны өйөөммүт биһиги төрүт тыллары хараанныыбыт, ыччаты иитэбит, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйабыт диэтэ. Дьокутааттары сис кэмитиэт эбии үбүлээһиҥҥэ оҥорбут көннөрүүлэрин өйүүргэ ыҥырда.
Хаартыска: Василий Кононов.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0





