Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бүгүн  "Омоон суоллар" киинэ Саха Сирин киинэ тыйаатырдарыгар киэҥ прокакка тахсар.  

Бүгүн  "Омоон суоллар" киинэ Саха Сирин киинэ тыйаатырдарыгар киэҥ прокакка тахсар.  

Киинэҕэ киһи дьону истэрэ, билэрэ, санаа атастаһара олус наадалах  дии санаатым уонна уопсайынан киинэ көрүүтүн кэннэ, тута 10 мүнүүтэлээх  маннык форматтаах кэпсэтии ыытыллыан сөп эбит диэн көрдүм. Оннук санаа сэтинньи 17 күнүгэр “Лена” киинэ тыйаатырыгар “Омоон суоллар. Искупление” киинэни көрөн баран  кэпсэтии тахсыбытыгар киирдэ.

Бу күн суруналыыс быһыытынан саҥа уһуллубут киинэни прессаҕа уонна блогердарга анаан билиһиннэрэр көрдөрүүгэ сырыттым. Киинэ киинэ курдук тахсыыта эмиэ бэйэтэ уратылаах -  “Омоон суоллар”  бу иннинэ, 2024 сылтан  «Саха» тэлэбиидэнньэтигэр көрдөрүллүбүт теле сэрийээл салгыытын быһыытынан уһуллубут. Көрөччүлэр бу сэрийээли уонна оонньообут артыыстары сөбүлээннэр, аны туспа киинэ буоларыгар баҕаларын биллэрбиттэр. Онон бу киинэҕэ үгүс артыыстара сэрийээлгэ уһуллубут дьон. Артыыстартан үгүстэрэ  көрдөрүүгэ кэлбиттэрин тутуһан туран  илэ билсэн, этэргэ дылы  сирэйдэрин-харахтарын көрөр, саҥаларын истэр дьоллоннубут. Сонун тэрээһин саҕаланыытыгар  норуот дьокутаата,  “Саха” НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков эҕэрдэ тылы эппитин бэлиэтиэххэ сөп.      

61 copy copy copy copy

Киинэ толору метражтаах, сахаллыы, нууччалыы субтитрдардаах. Киинэ режиссера Радомир Томскай, сценарийын Октябрина Шестакова суруйбут. Сүрүн оруолларга Ньургун Черов, Петр Садовников, Дьулуур Баланов, Екатерина Семенова, Туяра Эверстова оонньоотулар.  Киинэ сюжета детектив уонна драма хайысхатынан уһуллубут. Хартыынаҕа сүрүн илииньийэнэн сүрүн дьоруой  - силиэдэбэтэл ыраах дэриэбинэҕэ  киһини өлөрүү тахсыбытын силиэстийэлиирэ көстөр. Онно бастаан утаа олус боростуой – өлөрөөччү кимэ биллэр,  билинэр, ол гынан баран... эспэртиисэ түмүгэ атыны көрдөрөр.

01 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

Бу киинэнэн ааптардар уонна артыыстар билигин уопсастыбаҕа баар үчүгэй, омсолоох да өрүттэри бэркэ табан көрдөрбүттэрэ табыллыбыт диэн сыаналаатым. Ону  көрдөрүү кэнниттэн кэпсэтиигэ кыттыһан тыл эппит дьон санааалара бэрт үчүгэйдик, ыраас мууска уурбут курдук ырылыччы көһүннэ. Киинэни билиһиннэрэр көрдөрүү тэрээһинин  биллиилээх успуорт суруналыыһа Николай Бэстиинэп бэрт кудуххайдык, кэпсэтиини кылгас кэмҥэ олус таһаарыылаахтык ыытта. Холобура 10-15 мүнүүтэ иһигэр 6-7 киһи киинэ туһунан санааларын толору иһиттибит. Кырдьыга да, көрөөччү төһөнөн элбэх да, соччо араас, үгүс сыанабыллар, кэтээн көрүүлэр, ырытыылар, үчүгэй, омсолоох диэн көрүүлэр баалларыттан сөҕөн эрэ хааллым. Көрөөччүлэр иһигэр биллиилээх ырыаһыттар кэлбиттэрин, санааларын эппиттэрин  астына иһиттим диэххэ сөп. Киинэни уопсай тылынан эттэххэ, көрөөччүлэр сөбүлээтилэр, ылыннылар. Онон бүгүн буолар премьераҕа хорсуннук барыаххытын сөп, киинэ олоҕу саҥаттан көрдөрөр, хараххын аһар.             

Алексей МАТВЕЕВ

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0