Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бу күннэргэ Ил Түмэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ чааһынай уһуйааннарыгар тустаах төлөбүрдэр төлөнүүлэригэр үөскээбит боппуруоска аналлаах мунньах буолла.

Бу күннэргэ Ил Түмэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ чааһынай уһуйааннарыгар тустаах төлөбүрдэр төлөнүүлэригэр үөскээбит боппуруоска аналлаах мунньах буолла.

Мунньаҕы Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Корнилов салайан ыытта. Кэпсэтиигэ чааһынай уһуйааннар, СӨ Үөрэҕин уонна билимҥэ министиэристибэтин, СӨ Үпкэ министиэристибэтин, «Дьокуускай куорат» уокуругун бэрэстэбиитэллэрэ, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ Урбаанньыттар бырааптарын көмүскүүр боломуочуйалаах Альбина Кычкина кытыннылар.
   Мунньах кыттыылаахтара этэллэринэн, чааһынай уһуйааннарга 2026 сыл бастакы аҥаарыгар ороскуоттарын толуйууга субсидияҕа иэстээх эбиттэр. Ону тэҥэ, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр төрөппүт төлөбүрүн толуйууга кредиторскай иэс төлөнө илигэ этилиннэ. Бу быһыы-майгы тэрилтэлэр үлэлэригэр биллэн эрэр. Холобур, Дьокуускайга сэттэ чааһынай уһуйааҥҥа 883 оҕо сылдьар. Тустаах төлөбүрдэр суохтарыттан үлэһиттэргэ хамнас төлөнүүтэ тардыллыбыт. Чааһынай сиэктэргэ миэстэ ахсаанын салгыы сарбыйыы уһуйааннарга миэстэ тиийбэтин улаатыннарыаҕа.
Норуот дьокутаата бу кыһалҕа уонча сыллар тухары тустаах төлөбүрдэр бүддьүөт көмүскэллээх ыстатыйатыгар киллэриллэ иликтэриттэн тахсарын ыйда. Үбүлээһин исхиэмэтэ салаа туруктаахтык үлэлиирин хааччыйбат уонна ол тустаах урбаанньыттар толуйууну ылалларыгар мэктиэлээбэт.
«Урбаанньыттар бу эйгэҕэ үлэлиир буоллахтарына, кинилэр тустаах толуйууну ылалларыгар мэктиэлээх буолуохтаахтар, тоҕо диэтэххэ, уопсастыбаҕа суолталаах дьыаланан дьарыктаналлар. Муниципальнай уһуйааннарга уочараты суох уонна Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар босхо өҥөнү оҥорууга улахан төһүү күүһүнэн буолаллар. Бу хайысхаҕа иэс үөскээбит, маннык букатын табыллыбат», -- диэн Алексей Корнилов тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Мунньах түмүгүнэн 2026 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөккэ сөптөөх көннөрүүнү уонна кэлэр сыл бүддьүөтүн барылын дьүүллэһиигэ бу боппуруоһу үчүгэйдик көрөргө быһаардылар. Ил Түмэн тустаах сис кэмитиэтэ бу боппуруоһу салгыы үөрэтиэҕэ, ырытыаҕа уонна парламент тус хонтуруолугар сылдьыа.


Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалынан. Хаартыска эмиэ онтон ылылынна.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0