Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ олоҕор ураты бэлиэ, үөрүүлээх түгэн буолла. Билии-көрүү түһүлгэтэ өссө биир сүҥкэн, үйэлээх баайынан хаҥаата.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Билимин акадьыамыйатыттан Үөһээ Бүлүү улууһун аҕа баһылыга Валерий Валерьевич Николаев бибилэтиэкэҕэ сыаната биллибэт күндү бэлэҕи — «Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын» 15 туомнаах толору таһаарыытын — үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

12 copy

Филологическай билим дуоктара, бэрэпиэссэр Петр Алексеевич Слепцов уопсай эрэдээксийэтинэн тахсыбыт бу элбэх туомнаах академическай тылдьыт саха литературнай тылын баайын уонна сомоҕо домохторун толору хабар. Тылдьыкка түөлбэ тыллар, норуот тиэрминнэрэ, кэпсэтии тылыгар туттуллар дьүһүннүүр-ойуулуур ураты тыллар барыта түмүллэн киллэрилиннилэр. Хас биирдии тыл суолтата уус-уран литэрэтиирэ айымньыларыттан холобурдарынан бигэргэтиллибитэ ааҕааччыга олус күндү. Бу сүдү үлэ эрэдээксийэ, кинигэ кыһатын үлэһиттэригэр, устудьуоннарга, учууталларга уонна төрөөбүт тылын ытыктыыр хас биирдии киһиэхэ ананар.
Бу сүдү таһаарыыны киин бибилэтиэкэ салайааччыта Тамара Герасимовна Саввинова үөрүүлээхтик тутта. Төрөөбүт тылбыт сайдыытыгар уонна бибилэтиэкэ баай пуондата хаҥыырыгар мэлдьи болҕомтотун уурар аҕа баһылыкпыт Валерий Валерьевич Николаевка кэлэктиип аатыттан дириҥ махталбытын биллэрэбит.

Мария Адамова.
Хаартыскаҕа Людмила Буртахова түһэриилэрэ.

  • 1
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0