Хомсомуол болуоссатыгар тэриллибит «Саха Сирин балыга» быыстапка-дьаарбаҥка чэрчитинэн, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Айаал Тимофеев балык хаһаайыстыбаларын салайааччыларын кытары көрсөн, сайыҥҥы үлэ түмүктэрин уонна өйөбүл ырычаахтарын туһунан сэһэргэстэ.
Сайыҥҥы балыктааһын түмүгэ
Балыктааһыҥҥа Өлүөнэ, Индигиир, Халыма өрүстэрин сүнньүгэр сытар хотугу улуустар хаһаайыстыбалара идэтийэллэр, уомул, чыыр, тууччах, муксуун уонна күндүөпкэ балыктары соҕотуопкалыыллар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыл устатыгар былаан 4 715 туонна балыкка түһэриллэр, ол 20 %-а сайыҥҥы кэмҥэ бултанар. Сайын устатыгар 468 киһилээх 145 биригээдэ 1 906 туонна балыгы соҕотуопкалаабыттар. Бу былырыыҥҥы сыл туһааннаах кэминээҕи көрдөрүүнү 69 %-нан куоһарар. Ордук өлгөмнүк Булуҥ, Аллайыаха, Усуйаана уонна Аллараа Халыма улуустарын хаһаайыстыбалара бултуйбуттар. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн быйыл үп үс хайысханан, ол иһигэр балыктааһыны тэрийиигэ 9 мөл 827 тыһ. солк., матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баасаны хаҥатыыга 23 мөл. 793 тыһ. солк., итиэннэ балыгы ууһатан иитэр салааҕа 15 мөл. солк. харчы көрүллүбүт.
Тиэйии-таһыы кыһалҕата
Муҥхалааһын диэн үлэ биир эрэ өрүтэ, саамай сүрүнэ ол балыгы Дьокуускайга аҕалан батаран, балыксыттары хамнастыыр итиэннэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун аһатар эрэйиллэр. Биллэрин курдук, 2000-с сс. саҕаланыыларыгар «Тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагырааматын» чэрчитинэн, соҕотуопкалыыр-астыыр тиһик тэриллибитэ. Холобур, балык салаатыгар анаан Иркутскайтан «Михаил Мальчиков» уонна «Магдебург» диэн рефрежератор ааллар атыылаһыллыбыттара. Дьэ бу ааллар үйэ чиэппэрин устата сайын ахсын Аартыкаҕа хортуоппуйу, оҕуруот аһын, атын да аһы-үөлү тиэйэн илдьэллэр, онтон төннөллөрүгэр балык арааһын аҕалаллар.
Кэмэ-кэрдиитэ кэлэн, «Михаил Мальчиков» олус айгыраан, быйыл эриэйистэргэ «Магдебург» соҕотоҕун тахсыбыт, киниэхэ көмөҕө «СПО-826» аал сыһыарыллыбыт. «Аартыкатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата» аахсыйалаах уопсастыба салайааччыта Сайдам Степанов иһитиннэрбитинэн, ааллар муораҕа сылдьар лиссиэнсийэни ылбаккалар (эмиэ үп суоҕунан) Аллайыахаттан балык сороҕо эрэ тиэйиллибит. Эбиитин «Магдебург» шторм кэмигэр эчэйэн, эһиил сайын айаҥҥа тахсара да саарбахтаммыт. Төһө да итинник уустуктар баалларын үрдүнэн, балыгы тиэйэн аҕалыы үлэтэ кэһиллибэтэх. Ааллар уу суола сабыллыар диэри 524 туонна балыгы аҕалбыттар (рефрижератордар иккиэн үлэлиир кэмнэригэр 800 туоннаны аҕалаллара). Бу иһиттэн 12 туонна Эдьигээн улууһуттан «Сыалаах» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин балыга, 512 туонна Булуҥ улууһуттан «Булуҥ», «Приморскай» муниципальнай-унитарнай тэрилтэлэр, «Аартыка» артыал, «Күһүүрдээҕи фактория» кэпэрэтиип уонна А.Е. Миронов, Е.И. Ачикасов, А.Е. Васильев биирдэм тэрилтэлэрин туттарбыт балыктара буолар.
Эрэл – иккис ааҕыыга!
Сэтинньи 25-26 күннэригэр Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар кэлэр 2027 уонна былааннанар 2028, 2029 сылларга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан сокуон барылын иккис ааҕыыта буолуохтаах. Ону көрсө Аартыканы сайыннарыы уонна Хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтэ балык хаһаайыстыбатын комплексын өйөөһүн чэрчитинэн, икки рефрежератор аалы өрөмүөннүүргэ 80 мөл. солк., Аартыкаттан балыгы тиэйэн аҕалыыга 38 мөл. солк. харчыны көрөргө туруорсар. Тоҕо диэтэххэ, бу сыалга 2025 с. бастаан 60 мөл. солк. көрүллэн баран төттөрү ылыллыбыт, оттон 2026 сс. харчы төрүт көрүллүбэтэх.
Арассыыйа Федерациятын Аартыканы уонна Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэтин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар үгэс буолбут хаһаайыстыбаннай дьарыктарын өйүүр бырагырааматын чэрчитинэн, 2022-2025 сс. федеральнай бүддьүөттэн харчы көрүллэн, Эргиэн-логистика кииннэрэ тутуллубуттара. Бу үлэни салҕаан, кэлэр үс сыл устата сыл ахсын 100 мөл. солк. харчы көрүллэрэ быһаарыллыбыт, ону олохтоох бородууксуйаны соҕотуопкалыыр производственнай баасалары тэрийэргэ туттарга былаанныыллар эбит. Ол туһунан миниистири солбуйааччы Михаил Погодаев эттэ итиэннэ ол баасалары чопчу ханна тутуохха сөбүн ыйаҥҥыт этиилэргитин киллэриҥ диэн хаһаайыстыбалар салайааччыларыгар эттэ. Оттон балыксыттар күннээҕи үлэлэригэр саппаас чаас уонна уматык сыаналара үрдээбитин таһынан, АЗС-тарга уматык лимиитинэн бэриллэриттэн итиэннэ бэйэлэригэр таһаҕаһы таһар дьоҕус катердар суохтарыттан ыарахаттары көрсүбүттэрин кэпсээтилэр. Тиэйии-таһыы тиһигин тупсарарга сүрүн өрүстэр сүнньүлэригэр балыгы мунньан харайар баасалар, дьоҕус рефрежератор катердар олус наадаларын бэлиэтээтилэр. Көрүллүбүт субсидия харчыта хойутаан кэлэрэ отчуоттааһыҥҥа өйдөспөт түгэннэри үөскэтэрин санатан, өйөбүл ырычааҕын тупсарарга эттилэр.
– Төһө да үп-харчы кырыымчык, күннээҕи кыһалҕа элбэх буоллар, туундараҕа Хотугу сулуһунан сирдэтинэрбит курдук, үлэни-хамнаһы сүрүннүүр суолдьут соруктаах буолуохтаахпыт, – дэстилэр.
Хаартыска: Анна Сергучева түһэриилэрэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0



