Быһа эпиир «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көрдөрүллүөхтэрэ уонна «Тэтим», «Радио России» араадьыйаларынан истиэххитин сөп. Айсен Сергеевич Саха сирин олохтоохторун долгутар ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туох үлэ-хамнас ыытылларын, ыытыллыахтааҕын тустарынан сиһилии кэпсиэҕэ. Ил Дархаҥҥа быһа эпиир кэмигэр ыйытыыларгытын 8 (4112) 320111 нүөмэргэ эрийэн биэриҥ. Итини таһынан 8 (4112) 508-000 нүөмэргэ эрийэн, ыйытыыларгытын эрдэ биэрэ туруоххутун эмиэ сөп.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0