“Сайабылыанньалары хомуйуу, биһиги былааммытынан, от ыйын ортотуттан саҕаланыаҕа. Чопчу күнэ-дьыла ити саҕана, дьаһал тахсыбытын, биллиэҕэ. Атырдьах ыйыттан, күнэ-дьыла эмиэ чопчу быһаарылла илик, төлөбүрдэри дьоҥҥо ыытан саҕалыахпыт. Сайабылыанньалары алтынньы 1 күнүгэр диэри хомуйуохпут”, – диэн Ольга Баталина министиэристибэ уопсастыбаннай сэбиэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, бу дьыл муус устар 21 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайбыт Анал этиитигэр оҕолоох ыалларга эбии социальнай өйөбүллэр оҥоһуллалларын туһунан эппитэ. Ол эбэтэр от ыйын 1 күнүттэн 8-тан 16-гар диэри саастаах оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох толорута суох дьиэ кэргэҥҥэ ый аайы ортотунан 5650 солк. суумалаах босуобуйа олохтонорун бэлиэтээбитэ. Итинник хабааннаах босуобуйаны оҕо күүтэ сылдьар, олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспит ийэлэргэ бэриллэрин иһитиннэрбитэ. Онтун кээмэйэ – ый аайы ортотунан 6350 солк. Маны таһынан, РФ Бырабыыталыстыбатыгар оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох ыалларга 10 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх өйөбүлү оҥороллоругар сорудахтаабыта.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0