Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Бу күннэргэ «Айар» национальнай кинигэ кыhата Москуба куоракка ыытыллыбыт кинигэ эйгэтигэр оскарга тэҥнээх «Ревизор» бириэмийэни, ону тэҥэ «Сыл кинигэтэ» национальнай куонкурус сүрүн бирииһин ылан, итиэннэ «Арассыыйаҕа кинигэ эйгэтэ сайдарыгар кылаатын иһин» үбүлүөйдээх сыл дьупулуомунан наҕараадаланан, «Сахабыт сирин дьонугар-сэргэтигэр үөрүүлээх сонуну аҕалла. Бу туһунан тэрилтэ салайааччыта Август Егоров кэпсиир.

Бу күннэргэ «Айар» национальнай кинигэ кыhата Москуба куоракка ыытыллыбыт кинигэ эйгэтигэр оскарга тэҥнээх «Ревизор» бириэмийэни, ону тэҥэ «Сыл кинигэтэ» национальнай куонкурус сүрүн бирииһин ылан, итиэннэ «Арассыыйаҕа кинигэ эйгэтэ сайдарыгар кылаатын иһин» үбүлүөйдээх сыл дьупулуомунан наҕараадаланан, «Сахабыт сирин дьонугар-сэргэтигэр үөрүүлээх сонуну аҕалла. Бу туһунан тэрилтэ салайааччыта Август Егоров кэпсиир.

Балаҕан ыйын 23-26 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр 34-с Москубатааҕы аан дойду таһымнаах кинигэ дьаарбаҥката ыытыллыбыт. Маныаха бырагыраама чэрчитинэн 300-тэн тахса кинигэ презентацията, суруйааччылары кытта көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар, санаа атастаһар аһаҕас түһүлгэлэр, быыстапкалар уонна «Сыл бастыҥ кинигэтэ», «Кинигэ искусствота», «Маастар», «Be First», «Ревизор» диэн бириэмийэлэри туттарыы үөрүүлээх тэрээһиннэрэ буолбуттар. Түөрт күн устата «Экспоцентр» киин быыстапкалыыр павильонугар 200 кинигэ кыһата сыллааҕы үлэтин түмүгүн билиһиннэрбит. Олор истэригэр Сахабыт сирин ураты бэлиэтэ, брендэ буолбут «Айар» кинигэ кыһата кыттынна.

ceca7b94 168b 4d3e ad0b 35ffbfe5ec63

«Арассыыйа кинигэтин элиитэтэ, идэтийбит дьон сыана быһар куонкурустарыгар үс улахан наҕарааданы тутар биһиэхэ өрөгөй, чыпчаал ситиһиинэн буолар. Тэрилтэбит 95 сыллаах историятыгар ураты миэстэни ылар, бэлиэ охсор кыайыыбытынан ааттыахха сөп», – диэн үөрүүтүн үллэстэр дириэктэр Август Егоров.

Ол курдук, «Айар» хампаанньа «Неизвестное Солнце. Чудеса. Факты. Загадки. Расследование» диэн таhаарыыта Н.В. Гоголь айымньытынан «Ревизор» диэн ааттаммыт кинигэ эйгэтин бары үлэһиттэрин сыаналыыр уонна идэтийбит дьон сыана быһар, киэҥ эйгэҕэ улаханнык биhирэнэр куонкурустарыгар «Инновационный книжный проект» хайысхаҕа лауреат үрдүк аатын ылбыт уонна «Ревизор» статуэтканан наҕараадаламмыт.

ad7ce23d 862e 4a53 a61d 6539b32b37f2

Маны таhынан куонкурус «Сыл бастыҥ кинигэ кыһата» диэн хайысхатыгар финалистар кэккэлэригэр киирэн, «Арассыыйаҕа кинигэ эйгэтэ сайдарыгар кылаатын иһин» үбүлүөйдээх сыл дьупулуомунан наҕараадаламмыт. Бэлиэтээн эттэххэ, «Ревизор» куонкурус 2012 сыллаахтан ыыттыллар эбит. Онтон быйыл куонкурус 14 наҕараадатыгар уопсайа 30 эригийиэнтэн 200-тэн тахса сайаапка киирбит. Сыл аҥарын инниттэн үлэлэри тутан, Интэриниэт ситимигэр аhаҕас куоластааhыны тэрийэн, эспиэрдэр түмүктэри оҥорбуттар.

«Corpus», «Самокат» курдук дойду бөдөҥ кинигэ таһаарар тэрилтэлэрин кытта финалга киириибит элбэҕи этэр. Быйылгы куонкуруска «Corpus» кыайыылааҕынан таҕыста. Онтон «Самокат» кыһаны өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо эмиэ үчүгэйдик билэр буолуохтаахтар. Кини ордук оҕо литературатын эйгэтигэр сураҕырар», – диэн чопчулуур Август Васильевич. 

Онтон тоҕо «Сыл бастыҥ кинигэ кыһатын» кэккэтигэр ааттанныбыт?» диэн ыйытыы биэрэн туоһуластахха, салайааччы маннык эппиэттиир: «Сахабыт сирэ былырыын, 2020 сыллаахха, Арассыыйаҕа «саамай ааҕар эригийиэн» аатын ылан турар. Онтон өрөспүүбүлүкэбитигэр бэчээттэнэр литература 80 %-нын «Айар» хампаанньа таһаарар. Мин санаабар, биһиги тус кылааппыт итиннэ сытар».

Салгыы «Современник» тыйаатыр сыанатыгар «Сыл бастыҥ кинигэтэ» диэн дойду сүрүн куонкуруhун түмүгүн таhаарбыттар. Национальнай куонкуруска дойду 30 куоратыттан 110 кинигэ кыhата 700-тан тахса үлэни киллэрбит. Быйыл Арассыыйаҕа наука уонна технология сыла буолан, «Non-fiction» номинацияҕа естественно-научнай хайысхалаах таhаарыылары көрбүттэр. Онуоха сүрүн наҕараада хаhаайынынан «Неизвестное Солнце. Чудеса. Факты. Загадки. Расследование» диэн «Айар» кинигэ кыhата бэлэмнээбит үлэтэ ааттаммыт.

0d4ed85e ed16 4422 9942 6608787664ae

«Кистээбэккэ эттэххэ, бу куонкуруска ситиhиилэниэхпит диэн санаабыт да суоҕа, дьулуспат да этибит. Кыаллыбат да буоллаҕа! Тоҕо диэтэххэ, былырыын бу наҕараадаҕа «Якутский холод» энциклопедиябыт лауреат үрдүк аатын ылан турар. Иккис сылын хайдах наар биһиги тиксиэхпитий дии саныырбыт», – диэн быhааран биэрэр Август Егоров.

Дьоммут, «айардар», «Современник» тыйаатырга «биhиги ааттаммаппыт, син биир сыанаҕа ыҥырыллыбаппыт» диэн холкутук сылдьыбыттар. Дьэ, оннук олордохторуна кэмбиэртэн «Айар» диэн ааты сулбу тардан таһаарбыттар, дорҕонноохтук ааттабыттар. Кыайыылаахтарбыт соһуйан, уолуйан хаалбыттар. Ол да буоллар «лауреат» үрдүк аатын ылбыт дьон быһыытынан ойон тахсан, махтанан, олус үөрэн, долгуйан тыл эппиттэр. Кинилэри Арассыыйатааҕы кинигэ сойууһун бэрэсидьиэнэ Сергей Степашин, Арассыыйаҕа литератураны, кинигэ таһаарыытын, ааҕыыны өйүүр тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Нарышкин уо.д.а. эҕэрдэлээбиттэр.

Август Васильевич үрдүк сыанаттан: «Икки сыл субуруччу кыайыылаах буоллубут, онон үлэбит, кырдьык, кэрэхсэбиллээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ суолталаах, кинигэлэрбит таһымнаах эбиттэр» диэн санаатын эппит.

20a0ded3 88e4 4024 b24e d959d360b846

*     *    *

Түмүккэ, «Айар» национальнай кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр санаатын тиэрдэр түгэн тосхойбутунан, бэйэтин айар-тутар, элбэҕи ситиһэр кыахтаах кэллэктиибитигэр, күндү ааҕааччыларыгар махтанар, бары үтүөнү баҕарар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34