Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Кыайан оҕо үөскээбэт дьахталларга ийэ буолар дьолу бэлэхтээри ЭКО-ну аан дойду үрдүнэн 40 тахса сыл устата оҥорон кэллилэр. Аан бастаан Англия лабораториятыгар оҥоһуллубут оҕо — Луиза Браун 45-һин туолла, үс оҕотун бэйэтэ оҕоломмута. Өскөтүн научнай чинчийии ЭКО кэнниттэн дьахтар искэн ыарыыга ылларар диэн дакаастаабыта буоллар, итинник маассабайдык, ОМС-ка киллэрэн туран босхо оҥоруо суох этилэр. Ол да буоллар, онкология ыарыыта элбээбит кэмигэр ылбычча ЭКО-ҕа баран испэккин, элбэх гормуоннаах укуолу ылыы кэлин тугунан өтөн тахсыан сөбүн эрдэттэн билиэххэ наада. 

"Гормональнай стимуляция уонча эрэ күн ыытыллар, онон дьахтар доруобуйатыгар охсуулаах диэҕи сатаммат. Ол эрэн биир даҕаны процедура куттала суох диир эмиэ табыллыбат. ЭКО-ҕа хас даҕаны фолликул үүннэрэн ылаары гормуон укуоллууллар, дьоҕус эппэрээссийэ (яичник пункцията) оҥоһуллар.

Тоҕус сыл тухары ОМС полиһынан ЭКО-ну буор босхо маассабайдык оҥорон кэллибит уонна ийэ, эбэтэр оҕо доруобуйатыгар маннык буортулаах диэн чопчу этэр кыахпыт суох. Киһи организма тус-туһунан ылынар.

Протоколга үүнүүнү биэрэр гормуону туттабыт, ол иһин дьахтар эмиийин, яичнигын сыл ахсын бэрэбиэркэлэнэ сылдьыахтаах. Эстроген гормуону кытта ситимнээх уоргаҥҥа болҕомто ууруллуохтаах. Миома, эндометриоз, кыра киста баар түгэнигэр кэтээн көрүөххэ наада", - диэн этэр Национальнай мэдиссиинэ киинин оҕото суох дьахтар төрүүрүгэр көмөлөһөр аныгы репродуктивнай технология салаатын сэбиэдиссэйэ Айталина Афанасьевна Семенова.  

Жанна Фриске, хомойуох иһин, хойутаан ийэ буолбута уонна тута олохтон күрэммитэ. ЭКО-тан сылтаан, мэйиигэ искэн үөскээн,  итинник эрдэ барда диэн биир да быраас эппэтэ.

Дьахтар хат буоллаҕына, иммуннай систиэмэтин үлэтэ уларыйар, ол иһин атын белогу, эмбриону тэйиппэт. Иммунитет мөлтөөбүт кэмигэр искэн килиэккэтэ хайдах буолара биллибэт. Онон кэлтэйдии ЭКО-ну эрэ буруйдуур тутах соҕус.

"Ону таһынан, гормуоннаах эмп-томп хааны хойуннарар, ол иһин, хааннарын баттааһына үрдүк, аймахтарыгар инсуллаабыт дьон баар түгэнигэр дьахтары эбии кэтээн көрөбүт, тромбофилияҕа анаалыс ылабыт. ЭКО кэмигэр уонна эмбриону көһөрөн баран хааны убатар эми аныыбыт", - диир быраас.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением