Дьиэни гаастааһын субсидия төлөбүрүн кээмэйэ билиҥҥитэ 150 тыһ.солк. тэҥнэһэр. 2022 сылга эрэгийиэн бүддьүөтүттэн бу сыалга көрүллүбүт үп-харчы 200 мөл. солк. куоһарбыта. Киин ититииттэн гаас ситимигэр көһөрөр биирдиилээн ыаллар, элбэх оҕолоох уонна дохуоттара кыра дьиэ кэргэттэр кэмпэнсээссийэни СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин нөҥүө туһанар кыахтаахтар. Маны тэҥэ, субсидияны Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэрэ, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара, кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ туһаныахтарын сөп.
Саха Сиригэр эбии күөх төлөҥҥө холбонуу судаарыстыбаннай бырагырааманы 2800-кэ киһи туһаммыта биллэр. Бу инники ханна да бэлиэтэммэтэх көстүү. Быйыл эбии өссө 1800 олорор дьиэни гаас ситимигэр холбооһун былааннанар.
Санатан эттэххэ, дойдубут үрдүнэн эбии күөх төлөҥҥө холбонуу бырагыраама болдьоҕо суох үлэлиир.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0