Оччотугар сэттэтигэр диэри саастаах оҕолоох төрөппүт ыарыытынан быстах кэмҥэ үлэлээбэтэҕэр көрүллэр босуобуйатын, кини үлэтин ыстааһыттан тутулуга суох, 100 бырыһыан уйунуохтаахтар. Бу дьаһал сорудаҕын толоруу дакылаата 2020 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри бэлэм буолуохтаах. Онуоха диэри төлөбүр үбүлээһинин кээмэйин уонна хантан үбүлэнэр буоларын быһаара охсуохтаахтар.
Санатан этэр буоллахха, билигин үлэлии турар сокуонунан больничнайы үлэһит ыстааһыттан көрөн төлүүллэр. Ол курдук, 8 уонна онтон үөһэ сыл ыстаастаахтарга — орто хамнаһы 100%, 5-8 сыл ыстаастаахтарга — орто хамнастан 80%-нын, 5 сылтан аҕыйах ыстаастаахтарга — 60%.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0