Бастакыта -- 1922 сыллаахха Саха Автономията тэриллиитэ, иккиһэ-- 1992 сыллаахха Төрүт сокуоммут - Конституция ылыллыыта.
Сыл-хонук аастаҕын аайы, ити икки бэлиэ түгэн суолтата өссө дириҥээн, кэҥээн иһэр курдук.
Оннук да буолуохтаах - төһөлөөх элбэх үтүө, өркөн өйдөөх дьон олохторун анаабыттарай, толук да уурбуттарай!?
Биһиги көлүөнэ, биһиги ыччаттарбыт, атын өрөспүүбүлүкэлэртэн, дойдулартан итэҕэһэ суох олордуннар, сайынныннар, үөрэхтэннинэр диэн. Быйылгы муус устар 27 күнүттэн эмиэ биир бэлиэ түгэн саҕаланар - аны биир сылынан Өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит, бары ону долгуйа күүтэбит, бэлэмнэнии үлэтин ыытабыт.
Конституциялаах, дьаралыктаах, гимнээх, сирдээх-уоттаах, баайдаах-дуоллаах, сайдыылаах, көҥүл өрөспүүбүлүкэҕэ олорорбут - биһиги дьолбут!
Итиитик - истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0